Сунтаарга — буочука-баанньык

Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Бүлүүчээн олохтооҕо Сергей Потапов туппут ураты оҥоһуулаах баанньыгын дьон-сэргэ сэҥээрэн, сөҕөн-махтайан, бэл, «экскурсиялыы» кэлэллэрин эдьиийэ Анна Петровна кэпсиир. Сүүнэ улахан мас буочукаҕа маарыҥныыр баанньык хаартыската бассаабынан «күүлэйдээбитэ» ыраатта. Ол эрээри чопчу ким туппута биллибэт этэ. Онон, биир дойдулаахтарбыттан – сунтаардартан ыйыталаһан билбитим, Бүлүүчээн киһитэ Сергей Потапов эбит. Көрүөхтэн атын моһуоннаах баанньыгы Сергей аймахтарыгар Петровтарга анаан-минээн туппут.

«Бырааппыт Сергей хаһан эрэ буочукаҕа маарыҥныыр баанньыгы интернеккэ көрбүт этэ. Ону миэхэ көрдөрбүтүгэр бастаан дьиибэргээбитим. Онтон сэҥээрэн, хата маннык туттуохха сөп эбит диэн санааҕа кэлэн, Сергей кэргэммин кытары баанньыгы тутан барбыттара. Уонча күнүнэн бүтэрбиттэрэ. Баанньыкпытын наһаа сөбүлээтибит. Ханна да суох сонун, кыраһыабай көрүҥнээх тутуу буолан олохтоохтор көрө кэлэллэр ээ», — диэн Анна Петровна үөрэ-көтө кэпсиир.

Баанньык 33 квадратнай миэтэрэ иэннээх. Уһуна түөрт, онтон үрдүгэ икки миэтэрэттэн тахса. Сылаас буоллун диэн иһин изоверынан бүрүйбүттэр. Бырайыагын интернеттэн ылбыттар. «Дьиҥэр, базальт ордук буолуо этэ даҕаны сыаната бэрт», – диэн Сергей этэр. Билиҥҥи үйэҕэ матырыйаал арааһа баар буолан, ким тугу талбытын, хармааныгар сөптөөҕү атыылаһан туһанар.

Төгүрүк баанньыгы саҥа тутан боруобалаабыттар. Сергей Евгеньевич айар дьоҕурдаах буолан, сонун көрүүлэрдээх. Дьокуускай куоракка өр сылларга Инбэлииттэр уонна бэтэрээннэр реабилитационнай кииннэригэр тиэхинньик-ортопедынан үлэлээбит. Билигин дойдутугар олорор. Улахан тутааччы буолбатахпын эрээри, киһи тугу барытын сатыахтаах, олоҕун тухары үөрэниэхтээх диир.

Эбэн эттэххэ, маныаха маарыҥныыр буочука-баанньыгы Нам урбаанньыттара 235 тыһ. солк. оҥорон биэрэллэр.

Анивера АКИМОВА

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0