Бүлүүчээҥҥэ ууну ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ киллэриллиэҕэ (видео)

Бөлөххө киир:

Сунтаар Бүлүүчээнигэр  социальнай хантараак үлэтин билсэ таарыйа, нэһилиэк хайдах  олорорун билистим. Бастатан туран, нэһилиэк олохтоохторо ууну ыраастыыр ыстаансыйа хаһан тутуллан үлэҕэ киирэрин күүтэллэр.

edersaas.ru, Мария Кобельянова

Баһылык Геннадий Васильев этэринэн,  сотору кэминэн үлэтэ түмүктэнэн,  ыраас уу хас биирдии дьиэҕэ тиэрдиллиэхтээх.  Билигин хоруута хаһыллан, ыстаансыйа дьиэтэ бэлэм турар.  Салгыы «Чуораанчык» уһуйааҥҥа тиийдибит. Манна билигин  өрөмүөн үлэтэ бара турар. Муостатын көтүрүүгэ  түөрт уол үлэлиир. Кинилэри уһуйаан физкултуураҕа иитээччитэ Григорий Васильев иилээн-салайан үлэлэтэр.  Өрөмүөн үлэтэ ыам ыйыгар бүтүөхтээх.

Нэһилиэккэ 12 килэмиэтир уһуннаах  суол оҥоһуллуохтаах.  Агдары үрэххэ муоста, нэһилиэк киинигэр спортивнай комплекс тутуута саҕаланыахтаах. Быйыл ППМИ тосхолунан кулууп өрөмүөннэниэхтээх.  Итиэннэ бу өрөбүллэргэ «Патриот» байыаннай оонньуу тэриллиэхтээх. Онно бэлэмнэнэн олохтоохтор пааматынньыктар, болуоссат хаарын ыраастаан улахан субуотунньук буолла. Бу тэрээһин  105 саастаах сэрии бэтэрээнигэр Софрон Даниловка ананыаҕа. Киэһэ Сунтаарга төннөрбүтүгэр олохтоохтор кулуупка түмсэн, «Модельнай штатнай расписание» тиэмэтинэн мунньах тэрийэ хаалбыттара. Ити курдук түмсүүлээхтик нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын өрө тутан олороллоро олус үчүгэй. Кытаатыҥ, ситиһиилэри!

Мария Кобельянова-Тускулаана, Сунтаар, edersaas.ru саайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0