Травматолог-ортопед быраас, мэдиссиинэ наукатын кандидата, Санкт-Петербурга уҥуохтара-сүһүөхтэрэ ыалдьар оҕолору эмтиир ортопедическай үнүстүтүүтүттэн отделение сэбиэдиссэйэ Дмитрий Буклаев Бүлүүгэ кэллэ. Кини манна доруобуйаларынан мөлтөх оҕолорго сүбэ-ама биэрдэ уонна босхо эпэрээссийэ оҥордо.
Эпэрээссийэни Бүлүү оройуоннааҕы балыыһатын быраастара Дмитрий Буклаев үлэтин түмүктүүр күнүгэр бииргэ көмөлөөн оҥордулар диэн СИА суруйаллар.
«Пациент эпэрээссийэ остуолугар уопсайа түөрт чаастан ордук сытта. Биһиги балыыһабытыгар уонна быраастарбытыгар бу олус улахан уопут буолар«, — диэтэ хирургия отделениетын сэбиэдиссэйэ Алексей Григорьев.
Бэлиэтээн эттэххэ, Бүлүү оройуонуттан урут пациеннары Дьокуускайга уонна Арассыыйа киин куораттарыгар ыытар эбит буоллахтарына, кэнники кэмҥэ ыарахан эпэрээссийэлэри миэстэтигэр оҥорор буоллулар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1