Бүлүүбүтүн киртиттилэр

29.08.2018
Бөлөххө киир:

Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү… Бүлүү өрүс былыр-былыргыттан өҥ хочолорунан, көмүс хатырыктааҕынан, баай булдунан, кылыгырас ыраас уутунан, кэрэ көстүүтүнэн аатырара. Дэлэҕэ “арыы-сыа алла турар” Сыа Бүлүү диэн ааттыахтара дуо?

Өрүһү сүһүрдүү

Алмаас хостонор буолуоҕуттан, Бүлүү эбэ экологиятыгар улахан хоромньу оҥоһуллубута. Бырамыысыланнаһы сайын­нарар туһуттан, икки гидроэлектростанцияны туппуттара. Бүлүүтээҕи ГЭС муората 2170 кв. км. иэннээх. Онно 30 мөл. куб. миэтэрэ мас тимирэ сытар. Бу мас сытыйан, уонунан сылларга өрүһү сүһүрдэ сытар.

1978 сылтан саҕалаан сир анныгар ядернай дэлби тэптэриилэри хас да төгүл ыыппыттара. «Кристалл» уонна «Кратон-3» полигоннарыгар саахал тахсан, экологияҕа, нэһилиэнньэ доруобуйатыгар улахан хоромньуну оҥорбутун, кистээбиттэрэ.

«Свободнай» диэн космодром тутуллуоҕуттан, аракыата мотуордарын бастакы сүһүөхтэрэ Алдан уонна Үөһээ Бүлүү сирдэригэр түһэр буоллулар. Уматыктара ситэ туһаныллыбакка, дьааттаах гептил диэн эттик айылҕаны сүһүрдэр.

Алмаас хостооһунун сүрүн эбийиэк­тэрэ Марха уонна Бүлүү өрүстэргэ бааллар. Билигин өссө ньиэби, гааһы хостооһун сайдыахтаах. Алмааһы хостуурга элбэх уу туһаныллар. Оттон киртийбит ууну хаайан ыраастаабыта буолаат, төттөрү түһэрэллэр.

“АЛРОСА” АХ сыл аайы 50-тан тахса мөл. куб.м ууну ылар уонна 24-25 мөл. куб.м кирдээх ууну төттөрү тоҕор. Алмааһы хостооччулар сыллата ортотунан 460 т. органическай веществолары, 10 т. ньиэп бородуукталарын, 1370 т. хлориды, 1700 т. сульфаты, 194 т азоту, 22 т фосфоры, 0,12 т. фенолу, 0,07 т. сероводороду, уо.д.а. (барыта 20-чэ вещество) кута олорор. Ол түмүгэр алтан көҥүллэнэр нуорматын 21 төгүл, тимир 1,7 төгүл, фенол 2,4 төгүл куоһарбыта биллибитэ.

Онон, Бүлүү өрүс экологиятыгар хас да араастаах хоромньу оҥоһуллан, саҥа өрүттэн эрдэҕинэ, быйыл Иирэлээх үрэҕэр драгалар кирдээх ууну мунньар даамбалара тоҕо баран, сүһүрбүт уу Оччугуй Ботуобуйаҕа, онтон Бүлүүгэ түспүтэ. Ааспыт нэдиэлэҕэ Сунтаар аннынан өрүс уута хойуу үүттээх чэй курдук өҥнөнөн будулуйа устубутугар олохтоохтор улаханнык айманнылар. Кинилэри өйдүөххэ сөп, урукку охсуулартан кэһэйбиттэрэ бэрт. Үгүстэр өрүс уутун иһэ олорбуттара.

“АЛРОСА” экологияҕа сыһыана

Даамба алдьанаатын кытары, “АЛРОСА” хампаанньа “хвостохранилище” уута туох да буортута суох, айылҕаҕа, дьоҥҥо хоромньуну аҕалбат, өрүс уута ыраас” диэн информацияны ыыта олорбута. Онтон өрүс уута будулуйан, дьон айманан барбытыгар, сыһыаннарын уларыттылар. Саахал содулун туоратарга бэлэмнэрин биллэрдилэр.

Дьиҥинэн, “АЛРОСА” 2018 сыл олунньутугар Экологическай киини тэрийбитэ. Урут экология боппуруостарын араас исписэлиистэр сүрүннүүр буоллахтарына, билигин бу киин дьарыктанар. 2012-2016 сс. хампаанньа айылҕа харыстабылыгар 27,5 млрд солк. ыыппыта.

Быйыл ыытыллыбыт «100 лучших организаций России. Экология и экологический менеджмент» куонкуруска “АЛРОСА” икки бырайыага лауреат аатын уонна көмүс мэтээли ылбыттара. Салайааччы Сергей Иванов «Эколог года-2018» диэн Бочуоттаах ааты ылбыта.

2018 сыл 6 ыйыгар “АЛРОСА” дохуота: ыраас барыс 58,3 млрд дуоллар.

Ууну чинчийии

Саахал тахсыбытын туһунан атырдьах ыйын 19 күнүгэр Экология министиэристибэтигэр киэһэ биллэрбит­тэрэ. Сарсыныттан суһал миэрэлэр ылыллан барбыттара, уу хаачыстыбатын чинчийии саҕаламмыта. Атырдьах ыйын 24 күнүгэр миниистир Сахамин Афанасьев Мииринэйгэ оробуочай мунньаҕы ыыппыта. Онно “АЛРОСА” даамбаны кылгас кэмҥэ чөлүгэр түһэрэригэр, Сунтаар улуу­һун бары нэһилиэктэрин ууну ыраастыыр станцияларынан хааччыйарга, ууну кэтээн көрөрү күүһүрдэргэ сорудахтаммыта.

Министиэристибэ үлэһиттэрэ Иирэлээх, Оччугуй Ботуобуйа үрэхтэр, Бүлүү өрүс киртийбит сирдэрин, даамбалары тиийэн көрбүттэрэ. Уу боруобатын лабораторияларга ыыппыттара. Ол эрэн, үлэһиттэр сэрэтэллэринэн, даамбаттан кирдээх уу иккис, үһүс долгуна кэлиэн сөп.

Сунтаар сэлиэнньэтигэр Бүлүү өрүс көмүскэлигэр анаммыт аахсыйа.

Уопсастыбаннас кыттыыта

Атырдьах ыйын 27 күнүгэр Экология министиэристибэтин Уопсастыбаннай сэбиэтэ суһаллык мунньахтаата. Бары хонтуруоллуур уорганнар кытыннылар. Онно этиллибитинэн, Сунтаар уонна Ньурба улуустарыгар үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэриллибит. Роспотребнадзор Бүлүүчээн, Сунтаар, Ньурба сэлиэнньэлэрин аннынан уу хаачыстыбатын ылан чинчийэр. Бастакы анаалыс түмүгэ көрдөрбүтүнэн, уу кирти­йиитэ (“взвешенные частицы”) нуорманы 800 төгүл кэриҥэ, атырдьах ыйын 25 күнүгэр 100 төгүл таһынан барбыта биллибитэ. Бары веществолары быһаарар толору анаалыс бу нэдиэлэ бүтэһигэр биллиэ диэн иһитиннэрдилэр.

Сунтаардар тута миэрэлэри ылынан, суһаллык хамсаммыттарын бэлиэтиэххэ сөп. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Александр Акимов Мииринэйгэ буолбут мунньахха бэйэлэрин этиилэрин туруорсубуттара. Уопсастыбаннай балаата чи­­лиэннэрэ, улуус дьокутааттара баран, саахалы илэ көрөн, этиилэрин тиэрдэн кэлбиттэрэ. Бүлүүчээҥҥэ иһэр ууну тиэрдии тэрилиннэ. Оптуорунньукка Сунтаар сэлиэнньэтигэр өрүһү көмүскүүр аахсыйа тэрилиннэ. Ону кириэстээхтэр эмиэ иилэ хабан ыллылар.

Бүлүүчээн сэлиэнньэтин олохтоохторо.

Түмүккэ

Бу күннэргэ дьон аймалҕанын өссө күүркэтэн, өлбүт балыктар хаартыскаларын батсаапка тарҕаттылар. Бу, дьиҥинэн, Казахстаҥҥа баар Шалкар күөлгэ буолбут түбэлтэ эбит. Онон онто да суох уустук балаһыанньаны дириҥэтэн, туһана сатааччылар бааллар.

“АЛРОСА” Марха өрүс сүнньүнэн сытар 7 нэһилиэккэ ууну ыраастыыр анал эби­йиэктэри таҥан туруорбута эрээри, олор үлэлээбэттэр эбит. Биир эбийиэк үлэлиир сыллааҕы ороскуота 1 мөл. 400 тыһ. солк тэҥнэһэр. Фильтр бэрт түргэнник кирти­йэр, ону уларытыы эмиэ сыаналаах. Онон Сунтаар улууһугар маннык станциялары туруорбуттарын да иһин, төһө өр барыай? Онон саахалы туоратары сэргэ, мантан сиэттэрбит нэһилиэнньэ кыһалҕаларын суһаллык быһаарарга үлэ барыахтаах.

Прокуратура, туһааннаах уорганнар хонтуруолга ылан, бэрэбиэркэлээн эрэллэр. Бу күннэргэ Иирэлээхтэн киирэр ууну тохтотон, туой, буор булкадаһыга сөҥөн, Бүлүүчээн диэкинэн уу өҥө ырааһыран эрэр. Ол эрээри буортулаах веществолар өрүс түгэҕэр, кытылга, окко-маска сөҥүөхтэрин сөп. Кыылга-сүөлгэ, дьоҥҥо хайдах дьайыаҕа, билиҥҥитэ, биллибэт. Өлбүт балык суох эрээри,  бэрэбиэркэлээһин үлэтэ барар.

Оттон будулуйбут уу Ньурбаҕа тиийдэ. Ньурбалар балаһыанньаны билэн, иһэр ууларын хаһаанан олороллор. Сунтаар, Ньурба улуустарыгар үрдүк бэлэмнээх эрэсиим биллэрилиннэ.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Cалайааччы санаата

Айсен Николаев,  Ил Дархан э.т.:

— Бу балаһыанньаны мин тус хонтуруолбар ыллым. Миэстэтигэр экология миниис­тирэ салайааччы­лаах бырабыыталыстыба хамыыһыйата үлэлиир.

Күүстээх ардах түһэн, уу даамбаны тоҕо көппүт. Ол түмүгэр кумаҕы, туойу Ботуобуйаҕа, онтон Бүлүүгэ илдьибит. Онон уу болоорхой өҥнөөх, иһэргэ сөбө суох, ол эрээри техногеннай куттал суоһаабат. Сотору кэминэн, буора, туойа сөҥнөҕүнэ, уу нуормаҕа түһүөҕэ.

Мин “АЛРОСА” генеральнай дириэктэрин кытары бастайааннай сибээскэ баарбын. Атырдьах ыйын бүтэһигэр Сунтаарга, Ньурбаҕа тиийэн, үлэ хаамыытын миэс­тэтигэр билсиэм.

 

Сахамин Афанасьев, экология миниис­тирэ:

— Буруйдаах дьон бары эппиэтинэскэ тардыллыахтара. Хоромньу уопсай суумата ааҕыллыаҕа. “АЛРОСА” салалтата Сунтаар уонна Ньурба улуустарын уопсастыбаннаһын кытары көрсөрүн модьуйабын. Дьон-сэргэ санаатын кэлэн иһиттиннэр. Улуустар дьаһалталарын кытары иһэр уунан хааччыйыы боппуруоһун быһаарыахтаахтар.

Хампаанньа гидротехническай тутууларын уонна ууну харайар сирдэрин саҥаттан көрөн, бөҕөргөтөр үлэни ыытыахтаах. Социальнай эппиэтинэһин үрдэтэн, уопсастыбаннаһы кытары биир тылы булуох­таах.

Cыыппара

Атырдьах ыйын 20 күнүнээҕи уу анаалыһа:

Иирэлээх үрэҕэр даамба таһынан: буор, туой булкадаһыга (“взвешенные вещества”) 728,6 төгүл, тимир 38,7 төгүл, алтан 27,6 төгүл көҥүллэнэр нуорманы куоһарар.

Атырдьах ыйын 22 күнүгэр:

Иирэлээх үрэҕэр даамба таһынан: буор, туой булкадаһыга (“взвешенные вещества”) 302,3 төгүл, тимир 52,5 төгүл, алтан 24,7 төгүл көҥүллэнэр нуорманы куоһарар. Буор, туой булкадаһыгын суураллыыта 1304 мг/дм3 тэҥнэһэр (даамбаттан үөһэ, киртийбэтэх сиригэр — 4 мг/дм3).

Оччугуй Ботуобуйаҕа түһэр сиригэр: буор, туой булкадаһыга (“взвешенные вещества”) 141,7 төгүл, тимир 37,5 төгүл, алтан 22 төгүл нуорманы куоһарар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0