Бүлүү бөлөх улуустара ыраас уунан хааччыллаллар

13.02.2020
Бөлөххө киир:

“АЛРОСА” аахсыйалаах хампаанньа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата нэһилиэнньэни иһэр уунан хааччыйыыны тупсарарга хайысхаламмыт бырагырааманы салгыы олоххо киллэрэллэр.

edersaas.ru

“2019-2024 сылларга Бүлүү бөлөх улуустарын уунан хааччы­йыы систиэмэтин сайыннарыы” диэн “АЛРОСА” уонна Саха сирин бырабыыталыстыбатын холбоһуктаах бырагыраамаларын чэрчитинэн, 14 муниципальнай тэриллиигэ ууну ыраастыыр саҥа ыс­­таансыйалар баар буолуохтара. Бырагырааманы 2019 сыл муус устарга Саха сирин бырабыыталыстыбата бигэргэппитэ. Онуоха “АЛРОСА” хампаанньа сүрүн инвестордартан биирдэстэрэ буолар. Бу туһунан тохсунньу 11 күнүгэр суруналыыстарга аналлаах оробуочай көрсүһүү буолла.

Көрсүһүүгэ “АЛРОСА” АХ СӨ былаас судаарыстыбаннай уорганнарын кытары үлэтигэр отделын начаалынньыга Ладимир Аргунов, СӨ дьиэ-уот, хомунаалынай ха­­һаайыстыба уонна энергетика миниистирин солбуйааччы Виктор Романов уонна “Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Сергей Местников кытыннылар.

ЫРААС УУНУ ИҺИЭХТЭРЭ

Манна даҕатан эттэххэ, саҥа ыстаансыйалар Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах, Харыйалаах, Хомустаах уонна Хоро сэлиэнньэлэригэр үлэҕэ киирбиттэрэ. Манна сууккаҕа 20, 50, 100 куб.м кыамталаах блочнай-модульнай ыстаансыйалар тутуллубуттара.
Алмаастаах түөлбэ 14 сэ­­лиэнньэтигэр ууну ыраастыыр саҥа ыстаансыйалары тутуу бырагыраамата АЛРОСА үбүн суотугар, «Үүнэр көлүөнэлэр пуондаларын» нөҥүө уонна муниципальнай тэриллиилэр бүддьүөттэринэн, бүддьүөтү таһынан киирэр үбүнэн олоххо киирэр. Барыллаан ааҕыы түмүгүнэн, 5 сыллаах тосхолго 1 млрд 900 мөлүйүөн кэриҥэ көрүллэрэ сабаҕаланар. Кэтээн көрөр Сэбиэт бигэргэтэр түгэнигэр, АЛРОСА тосхолу олоххо киллэриигэ барыллаан ааҕыы быһыытынан 833 мөлүйүөн кэриҥэ үбү көрүө.
Дьоҕус нэһилиэнньэлээх пууннарга ууну ыраастыыр ыстаансыйа уонна уу баһар тиэхиньикэ бааллара – олох ирдэбилэ. Ол да иһин, Виктор Романов бу олоххо киллэриллэр бырагыраама нэһилиэнньэлээх пууннар саамай ыалдьар боппуруостара буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Ыраастаммыт уу бэйэҕэ турар сыанатынан буолбакка, кыччатыллыбыт сыананан бэриллэр. Биир лиитирэ ууга туһанааччы 1,5-3 солкуобайы төлүүр. Улахан кээмэйдээх иһиккэ, холобур буочукаҕа ылар буоллаҕына, сыаната 100-чэ сол­куобай буолар”, — диэн быһаарда.
Сунтаар улууһун Кириэстээх, Сардаҥа, Устье, Күндэйэ, Элгээйи уонна Ньурба улууһун Күндээдэ сэлиэнньэлэригэр билигин хомуйар-таҥар үлэлэр ыытыллаллар. Өссө түөрт ыстаансыйа өрөспүүбүлүкэ дьиэ-уот, хому­наалынай хаһаайыстыбатын баазаларыгар – Бүлүү куоракка уонна Үөһээ Бүлүүгэ баар.
2020 сыл бастакы кыбаарталыгар маннык ыстаансыйалары Бүлүү улууһун Тоһу, Сунтаар улууһун Хордоҕой уонна Туойдаах, Мииринэй оройуонун Сүлдьүкээр сэлиэнньэлэригэр туруоруохтара”, — диэн Сергей Местников кэпсээтэ.

УУ БАҺАР МАССЫЫНАЛАР СҮҮРҮӨХТЭРЭ

Бүлүү бөлөх улуустарын тиһигин быспакка уунан хааччы­йыы бырагырааматын чэрчитинэн, уу баһар 10 саҥа массыына (“ГАЗ”, “КамАЗ”) атыылаһылынна. Маннык массыыналар Бүлүү куорат, Бүлүү улууһун Халбаакы, Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик, Ньурба куорат, Ньурба улууһун Октябрьскай, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар улууһун Наахара уонна Илимниир нэһилиэктэригэр бааллар.
Нэһилиэнньэҕэ олус наадалаах массыыналары атыылаһарга үп “Үүнэр көлүөнэлэр тус сыаллаах пуондаларын” нөҥүө АЛРОСА  сыл аайы өрөспүүбүлүкэҕэ төлүүр үбүттэн бэрилиннэ. Биир “ГАЗ” массыына 2,78 мөлүйүөн, “КАМАЗ” 3,9 мөлүйүөн солкуобай сыаналаахтар. Тиэхиньикэлэр уопсай суумалара 33,42 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэһэр.
2024 сыл бүтүөр диэри өссө алта тиэхиньикэ аҕалыллара бы­­лааннанар.

ХААЧЫСТЫБА БЭРЭБИЭРКЭЛЭНЭР

Бырагыраама сүрүн дьаһалларыгар, ону таһынан, ууну оборторон ылар тутууну (водозабор) уонна инженернэй ситимнэри тутуу, оҥорон таһаарыыны улаатыннарыы соруктара киирэллэр.
Былырыын Сунтаар сэ­­лиэнньэтигэр 9,5 мөлүйүөн суумаҕа “Сунтаар күөлэ” учаастакка сир аннынааҕы уу саппааһын көрдүүр уонна сыаналыыр геологическай үлэлэр тэриллибиттэрэ. 20 мөлүйүөн суумалаах геологическай чинчийиилэр бу улуус Элгээйи, Кутана, Сиэйэ, Туойдаах, Күндэйэ, Күүкэй нэһилиэктэригэр ыытыллыбыттара.
Уу хаачыстыбатын уонна ыс­­таансыйалар тиһигин быспакка үлэлииллэрин СӨ Роспотребнадзор управлениета, Дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаа­йыстыба министиэристибэтэ хонту­руоллууллар, анаалыстары ылаллар.
Ладимир Аргунов түмүккэ бэлиэтээбитинэн, ити тосхолтон ураты, АЛРОСА барыл­лаан ааҕыы түмүгүнэн 138 мөлү­йүөн кэриҥэ суумалаах 5 сыл­­лаах научнай-биир кэлим бырагырааманы, Кэтиир сүбэ бигэргэттэҕинэ, олоххо киллэриини үс хайысханан ыытыа.

Бастакытынан, Бүлүү өрүс уонна кини салааларын кытылларын туругун научнай кэтээн көрүү.

Иккиһинэн, Бүлүү уонна Марха өрүстэр кытылларыгар олорор нэһилиэнньэ доруобу­йатын туругун наука өттүнэн сыана­лааһын уонна кинилэр доруобу­йаларын чэбдигирдиигэ туһуламмыт дьаһаллары өйөөһүн.

Үсүһүнэн, арҕаа ­улуустар атын нэһилиэн­ньэлээх пууннарын уунан хааччы­йыы өссө атын көрүҥнэрин үөрэтии, сир анны­нааҕы ууну көрдөөһүн, чинчийии.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

Хаартыскалар — АЛРОСА пресс-кииниттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0