Бөхпүтүгэр көмүллэр кутталлаахпыт

02.12.2016
Бөлөххө киир:

«Тобох туһунан» 458-с №-дээх федеральнай сокуоҥҥа уларытыы киллэриллэн, үүнэр 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн кытаанах коммунальнай тобохтору хомуйуу, тиэйии, уматыы, көмүү үлэлэрин өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар куонкуруһунан талыллыбыт регионнааҕы оператор толорор буолуоҕа. Онно биһиги төһө бэлэммитий?

Сокуон киирэрэ хойутаатаҕына бөхпүтүгэр көмүллэрбит чуолкай
Сокуон киирэрэ хойутаатаҕына бөхпүтүгэр көмүллэрбит чуолкай

Сокуон хоту дойду уратытын аахсыбат

Дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетика министиэристибэтиттэн миниистири бастакы солбуйааччы Николай Дураев маннык хоруйдаата:

– Билигин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар тэрээһин-бэлэмнэнии үлэтэ ыытылла турар. Ону сэргэ федеральнай таһымҥа билиҥҥэ диэри ити сокуону үлэлэтэргэ нуорма-быраап акталара ылылла тураллар. Онто суох саҥа тиһиги кыайан үлэлэппэккин. Сэтинньи 23 күнүгэр Россия федеральнай антимонопольнай сулууспата кытаанах коммунальнай тобохтору харайыыга сүрүннэнэр тарифтар ааҕыллар методикаларын бигэргэттэ.

Саха сиригэр бөҕү сүөккүүр 471 эбийиэк баарыттан бары нуормаларга сөп түбэһэр 12 эрэ полигоннаахпыт. Онтон уратылар – көҥүллэммит бөх кутар сыбаалкалар. Балартан Дьокуускай куорат полигона ордук сытыы проблемалаах. 1972 сыллаахха тутуллубут эбийиэк ис кыаҕа адьас бүттэ, 10 мөл. туоннаттан тахса бөх мунньуллан сытар.

– Бөҕү үчүгэйгэ-куһаҕаҥҥа араарар собуоттаах саҥа полигону тутуу ханна тиийдэ?

– Бу үөскээбит кыһалҕаны быһаарыыга үлэ 10-тан тахса сылы быһаарылла сатыыр. Ол курдук, 2007-2008 сс. «Тулалыыр эйгэни 2007-2011 сылларга харыстааһын» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан саҥа полигон олохсуйуохтаах сирин техническэй-экономическай төрүтэ оҥоһуллубута, Бүлүүлүүр суол 26-с километрыгар бырайыактаммыта. Бырайыак экология, санитария-эпидемиология өттүлэригэр түмүгэ үчүгэй этэ.

Саҥа тутуу 757 мөл. солк. суумалаах үпкэ турар диэн буолбута. Маны таһынан эргэ полигоҥҥа 184 мөл. солк. кээмэйдээх рекультивация үлэтэ ыытыллыахтаах. Бырайыактары үбүлээһин «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2012-2019 сылларга хаачыстыбалаах коммунальнай өҥөлөрүнэн хааччыйыы уонна электроэнергетиканы сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама «Тобохтору харайыы» хос бырагырааматыгар ууруллубута. Ол гынан баран, үп тиийбэт буолан, бөҕү таҥастыыр собуоту тутуу боппуруоһа быһаарылла илик. Россия Айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бырайыак дьаһалларын «Тулалыы эйгэни 2012-2020 сылларга харыстааһын» федеральнай тус сыаллаах бырагыраамаҕа холбоотоххо уонна субъектар судаарыстыбаннай бырагыраамаларын кыттыгас үбүлээһиҥҥэ федеральнай бүддьүөттэн бэриллэр субсидияларынан эрэ үбүлэниэн сөп.

Билигин тобоҕу харайыы регионнааҕы бырагыраамата оҥоһулла сылдьар. Онно өрөспүүбүлүкэ полигоннарын, ол иһигэр Дьокуускай киэнин, бырайыактыыр, тупсарар, сөргүтэр, саҥалыы тутар дьаһаллара киллэриллиэхтэрэ. Барыллаан ааҕыынан, ити дьаһаллары олоххо киллэрэргэ 16 млрд солк. тахса үп эрэйиллэр. Бырагырааманы араас источниктартан – РФ бүддьүөтүн тиһигэр киирэр бары таһымнаах бүддьүөттэртэн, регионнааҕы оператор уонна чааһынай инвестордар харчыларынан үбүлүүргэ былаанныыбыт.

– Саҥа тиһиккэ киирии төһө кэскиллээҕий?

– Тобохтору харайыыга судаарыстыба ыытар бэлиитикэтин хайысхалара маннык сааһыланнахтарына, ордук дьайымтыалаах буолуохтара: матырыйаалы уонна сырьену муҥутуурдук туттуу; тобох тахсыытын туоратыы уонна дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ буортулаах тобохтор тахсыыларын аҕыйатыы; тобохтору уматыы, куттала суох оҥоруу.

Бөҕү харайыы бигэргэммит территориальнай схематыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэҕэ тобоҕу харайыы саҥа тиһигэ маннык буолуоҕа:

Бастатан, тобоҕу (бөҕү) хомуйуу элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн эрэ буолбакка, биирдиилээн кэтэх дьиэлэртэн эмиэ тэрийиллиэ (ол бөҕү быраҕар контейнердары туруоруу, бөҕү тиэйэргэ анал тиэхиньикэнэн хааччыйыы түмүгэр ситиһиллиэ).

Иккиһинэн, тобоҕу буортута суох оҥоруу олохтонуо. Муниципальнай тэриллиилэргэ барыларыгар бөҕү уматар станциялар уонна полигоннар бырайыактанан тутуллуохтара. Улуустар кииннэригэр тобохтору араарар комплекстары тутуу, пууннары тэрийии былааннанар.

Бүтэһигэ – дьон доруобуйатыгар кутталлаах 1-2 кылааска киирэр тобохтору харайыыны тэрийии. Туһаныллыбыт батарейкалары, аккумулятордары, ртуттаах лаампалары, прибордары туспа арааран хомуйар пууннар арыллыахтаахтар.

Территориальнай схеманы оҥорууга сокуон Уһук хотугу регионнар уустук суоллаахтарын, сирдэрэ-уоттара киэҥин, айылҕалара тыйыһын аахсыбатаҕа көһүннэ. Ямал-ненец автономнай уокуругун көҕүлээһининэн, алтынньы 27 күнүгэр Арктика зонатыгар киирэр субъектар Россия тутуутун министиэристибэтин кытта селекторынан сүбэ мунньахтара буолбута, онно хотугу регионнарга сокуону олоххо киллэрии боппуруостарын дьүүллэспиттэрэ. Мунньах түмүгэр хотугу арктическай субъектар федеральнай сокуоҥҥа тобоҕу харайыыга сыһыаннаах этиилэрин киллэрэллэригэр ыйбыттара. Онон өссө даҕаны уларытыы киллэриллэрин күүтэбит.

Саҥа тиһик хоруупсуйаны үөскэтиэ…

Леонид Бястинов бөххө дьоҕус бизнес ылсара наадатын этэр.
Леонид Бястинов бөххө дьоҕус бизнес ылсара наадатын этэр.

Леонид Бястинов Дьокуускай куоракка икки дьиэлээх ТСЖ-тан саҕалаан билигин элбэх кыбартыыралаах 28 дьиэни дьаһайар «Альтаир» управляющай компанияны уонтан тахса сыл салайан кэллэ. Леонид Дмитриевич уһун сыллаах уопутугар олоҕуран, саҥа тиһик киирэн эрэрин туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:

Сокуоҥҥа уларытыы олохпут ирдэбилинэн киирдэ. Үйэбит сайдан, аныгы ыал бөҕө олус элбээтэ. Биирдэ туттуллар иһити-хомуоһу, сууну-хааны ааҕан сиппэккин. Дьокуускайбыт эрэ кирдээх курдук саныырым, атын киин куораттар эмиэ бөхтөөх буолаллар. Онон мин сэбиэскэй саҕаттан киэҥник тарҕаммыт өс хоһоонун уларытан: «Хомуйар сиргэ ыраас буолар», – диэхпин баҕарабын. Киһи баарын тухары бөх-сыыс син биир тахсар.

Сокуоҥҥа уларыйыынан сиэттэрэн, бөҕү харайыы боломуочуйата субъекка бэйэтигэр бэрилиннэ. Региональна оператор тэриллиэхтээх. Сиикэй соҕус да буоллар, территориальнай схема оҥоһулунна. Бу схеманан муниципальнай тэриллиилэргэ үксүлэригэр буолбатаҕына, аҥаардарыгар бөҕү харайыы, көмүү, уматыы үлэлэрэ көрүлүннүлэр. Ол гынан баран, бу үлэни ыытарга элбэх үп наада. Кыра нэһилиэктэри аахпакка туран, 1-2 тыһ. киһилээх нэһилиэккэ бөҕү хомуйар, тиэйэр, көрөр-истэр тэрилтэни кыайан туппаккын: барыһа суох дьыала. Оттон бөҕү (тобоҕу) араарар, таҥастыыр туһунан оннооҕор улуустар кииннэригэр даҕаны санаммаккын.

Тоҕо диэтэххэ, нэһилиэнньэбит ахсаана аҕыйах буолан, ороскуотун саппат. Суоттуулларынан, 500-600 тыһ. тахса киһилээх буоллаххына, бөҕү таҥастааһын барыһы аҕалар. 1,5 млрд киһилээх Кытайга тобоҕу, бөҕү атыылаһаллар, кинилэр иккитэ-үстэ төхтүрүйэн, бородууксуйа оҥорон туһаҕа таһаарар буоланнар, барыстаах. Биһиэхэ төттөрүтүн харчы төлөөн бөххүн харайтараҕын. Россия улахан куораттарыгар саҥа тиһик харгыһа суох киириэн сөп.

Региональнай оператор тэриллэн баран, бэйэтин быраабылатын оонньоттоҕуна, кутталлаах. Хоруупсуйа дьэ үөскүө. Ол иһин сокуону сиикэй диибин. Бэлэмэ суох олорор дьоҥҥо киллэрэр туһата кыра, алдьатыыта улахан буолуо. Холобур, биһиги компаниябыт иһинэн бөҕү хомуйар-тиэйэр «Альтэк» диэн дьоҕус тэрилтэлээхпит. Куоракка элбэхпит. Бизнес эйгэ үөскээтэ, күрэстэһии баар. Биэс-хас сыллааҕыта 1 баах бөҕү 250 солк. харчыга тиэйэр буоллахпытына, билигин 170 солкуобайга диэри түстэ. Баар тиһиги үрэйбэккэ, туһаныах тустаахпыт. Бөҕү тиэйэр чааһынай массыыналаах дьон биирдиилээн улуустар кииннэригэр бааллар.

«Сиикэй» диирим өссө биир төрүөттээх. Ол – тарыып. Хотугу улуустары эппэккэ туран, бэл, куорат иһигэр элбэх кыбартыыралаах уонна ЧБ дьиэлэртэн бөҕү хомуйуу-тиэйии улаханнык арыттаһар. Онон, электроэнергияны туһаныы өҥөтүгэр туһаныллар ньыманан барбакка, атын суолу тобулуохтаахпыт.

Онон түмүктээн эттэхпинэ, дьоҕус бизнескэ өрөспүүбүлүкэбит салалтата болҕомтотун хатыан наада. Сорох регионнар территориальнай схемата да суох олороллор. Онон, сокуон олоххо киириитэ онуоха-маныаха диэри көһөрүллэрэ буолуо.

Василий НИКИФОРОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0