Хас биирдии үүнээйи туспа ааттаах-суоллаах, суолталаах. Уопуттаах оҕуруотчуттар ханнык сибэккини дьиэҕэ олордору, ханныгы олордуллуо суохтааҕын билэллэр итиэннэ ону сокуон кэриэтэ тутуһаллар. Арассыыйа олохтоохторо ордук харчы уонна дуоллар мастара үп-харчы тардаллар диэн билэллэр эбит. Онтон атыттары?
Харчы маһа (денежное дерево).
Аата да этэ сылдьарыныы үбү-харчыны тардар суолталаах. Дьиэтигэр харчы маһын үүннэрэр, бүөбэйдиир киһи хаһан даҕаны харчыта кырыымчык буолуо суоҕа диэн этэллэр. Биллэн турар, төһө даҕаны улахан хаппырыыһа суох сибэккиллэр ахсааннарыгар киирдэр, харчыны тардарын туһугар үчүгэй көрүүнү-харайыыны эрэйэр эбит. Дэҥҥэ сибэккилиир эрээри, сибэккилээтэҕинэ чахчы баай-талым олоҕу хааччыйар дэһэллэр.
Спатифиллум
Спатифиллуму атыннык “Дьахтар дьоло” диэн ааттыыллар. Бу сибэккини сулумах дьахтар эбэтэр соҕотох сылдар кыыс үүннэрдэҕинэ сотору кэминэн олоҕун аргыһын көрсүө дииллэр. Тус-туспа буолбакка ханыытын антуриуму (“Эр киһи дьолун”) кытта олордор табыгастаах дииллэр. Иккиэн холбоон дьиэҕэ эйэ, үөрүү, дьол, баай-дуол уйатын олохсуталлар эбит.
Герань.
Бу сибэккини Саха сирин элбэх хаһаайката сөбүлээн олордор. Биир үксүн үүннэрэргэ хаппырыыһа суоҕун итиэннэ көхтөөтүк сибэккилиирин иһин биһирииллэр. Герань үчүгэй энергиэтикэлээҕин таһынан, ситиһиини, эйэни, табыллыыны уонна байым олоҕу түстүүр диэн ыйаллар. Элбэхтик сибэккилиир үүнээйи аттыгар туруордахха үбү-харчыны тардара күүһүрэр диэн кистэлэҥи арыйаллар. Ордук кыһыл герань харчыны тардар эбит. Ону таһынан, сыттаах буолан дьиэҕэ үөн-көйүүр үөскээбэт дэһэллэр.
Орхидея.
Балачча хаппырыыһынан биллэр кэрэ көстүүлээх орхидея дьиэҕэ баай-талым олоҕу уонна ситиһиини түстүүр. Дэлэйиини, байымы, уйгуну бэлиэтиирэ уруккуттан иһиллэр. Нарын-намчы сибэкки хаһаайкаттан болҕомтону эрэйэр. Төһө даҕаны хараххыт сөбүлүү көрбүтүн иһин оҥоһуу орхидеяны (искусственнай) дьиэҕэ туруорумаҥ диэн сүбэлииллэр, төттөрүтүн куһаҕан энергиэтикэни биэрэр диэн этэллэр.
Бугенвиллия
Бугенвиллия баайга-дуолга талаһар, анаан үлэлиир дьоҥҥо табыгастааҕын ыйаллар. Инвестордар уонна трейдердар сөбүлээн олордоллор эбит. Бу сибэкки хаһаайыттарын кэтииринэн биллэр. Ол эбэтэр, сыраларын ууралларын бэлиэтии көрөн, балаһыанньалара тупсарыгар көмөлөһөр дэһэллэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: https://dacha.help/cvety/pochemu-nelzya-derzhat-doma-denezhnoe-derevo