Хас биирдии киһи оҕо сааһын, оонньоон-көрүлээн ааспыт кэрэ кэмнэрин олоҕун устата күндүтүк саныыр. Ону тэҥэ, төрөппүттэрин, эһэлэрин, эбэлэрин сүрэхтэригэр сөҥөрдөн илдьэ сылдьар. Мин эмиэ сааһырыы боруогун атыллаабыт киһи сиэринэн, Улуу Кыайыы 75 сылыгар ийэбин, аҕабын, эһэбин санаан, кинилэр сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэн туран, лоскуй кэпсээннэрбин суруйабын.
edersaas.ru
Үлэ фронун кыттыылааҕа, күн күбэй ийэм — Наумова Елена Николаевна. Өлөөнө эмээхсин эрдэ уһуктан хаалан сыта сатаан баран, хата, араадьыйа саҥарар кэмэ чугаһаабытын көрөн холбоору чугаһатта. Уруккута эбитэ буоллар хотонугар тахсыбыта ырааппыт буолуо этэ да, ыарытыйар буолан сүөһү көрөртөн аккаастаммыта. Кэнники кэмҥэ саас да баттаан эрдэҕэ, сыта сыҥсаар буолла. Төһө да араадьыйанан аралдьыйан олордор, киһи санаа хамначчыта дииллэринии, урукку олоҕо киинэ каадырын көрөр курдук, биир санаа өйүттэн арахпат. Ол — төрөөбүт таайа. Холкуоһугар бэрэссэдээтэллии олорон, 20 эрэ саастаах киһи 1942 сыллаахха Аҕа дойду сэриитигэр барбыта да, эргиллээхтээбэтэҕэ. Хата, дьолго, кини туйаҕын хатарар биир уол оҕо төрөөн, кэлин улаатан кэргэннэнэн, оҕолонон-урууланан, сиэннэнэн олороро эмээхсин санаатын көнньүөрдэр.
Аны Өлөөнө ийэтэ Хобороос эдэр сааһыгар бу олохтон баран, кыыс ийэ таптала диэни билээхтээбэтэҕэ. Аҕата үлэһит үтүөтэ, киһи кэрэмэһэ буолан аһынан тутахсыйбатахтара да, ийэ тапталын туох солбуйуой… Оо, оҕо сылдьан ийэлээх оҕолорго ымсыыран муҥнанар да этэ. Аны кэлин иитиэ-аһатыа диэбит улахан кыыстара эдэр сааһыгар ыалдьан олохтон барбыта. Ийэ киһиэхэ төһөлөөх сүтүгүн, киһи кыайан эппэт алдьархайа. Оҕото этэҥҥэ сылдьыбыта буоллар бу туора сиргэ тоҕо кэлиэ этэй. Ити курдук, быа субулларын курдук атынтан атын санаа киирэн, элэҥнээн ааһан истэ.
Бүгүн араадьыйаҕа Михаил Горбачев биэнсийэни үрдэтэрин этэн, Өлөөнө санаата бысталанан, биэнсийэлээх киһи эгди буола түстэ. Киэһэ оҕом үлэтиттэн кэллэҕинэ биир үөрүүлээх сонуннанным диэн эбиллибит биэнсийэни ылбыт саҕа сананаахтаата. Хантан билиэй, сотору кэминэн ол үрдээбит биэнсийэни кыл мүччү ылбакка бу олохтон барыаҕын. Сырдык кэрэ дууһалаах киһи биир тылы суҥхарбакка оҕолорун кытта кэпсэтэ сытан, айылҕа кэрэ кэмигэр саас биир сарсыарда бараахтаабыта. Мин олорор олохпор соҕотох буоламмын төрөппүттэрбин мунчаарбыт кэммэр санаатахпына күүстээх ахтылҕанҥа куустарабын.
Үлэ фронун кыттыылааҕа, амарах аҕам Соловьев Спиридон Семенович. Үспүөн оҕонньор бу сарсыарда хаһаанҥытааҕар да эрдэ туран таһырдьа тахсан халлааны сылыктаан киирдэ. Бүгүн, арааһа, ардыыһы. Бээ, отчуттарбын туруоран, сөпкө хомунан, ийэбитигэр ыһыкпытын бэлэмнэтэн, барыыһыкпыт. Көмөлөһөөччүлэрим да диэхтээн, 3 оскуола саастаах кыргыттарым. Таҥара уол оҕо биэрбитэ да турбатаҕа. Оҕонньор киирбитэ эмээхсинэ туран хайы-үйэ аһы тардыбыт. Кыргыттар оттуу баралларын билэллэр, онон эмиэ суугунаһан турбуттар.
Отчуттар бары үлэлиир миэстэлэрин билэллэр. Бугуллар бачыгыраһан туралларын көрөн бары да астыммыт көрүҥнээхтэр.
Үспүөн үөрэҕэ суох да буоллар, мындыр киһи. Кыһынын икки сиринэн сохсо иитэн куобах, улар ылан аһылыктарыгар эбинэллэр. Аны куобах тириитин таҥастаан, маҕаһыынҥа туттаран чэй, табах гыналлар. Саас кунанын көлүйдэ да куйуурдааччы. Уокка оттор маһын таһарыгар кунана абырыыр, илиитин араарбакка дьарык гынар. Оҕонньор тугу да бэрийэ сырыттын, эмээхсинигэр махтана саныыр. Кыанар эрдэхтэринэ сүөһүттэн илиилэрин араара иликтэр. Ийэлэрэ Өлөөнө ыраас чэнчис туттуулаах асчыт дьахтар.
Куруук идэһэлэнэн, байанай бэрсибитин сыа-сым курдук тутан, дьонтон итэҕэһэ суох олороллоруттан оҕонньор күлүгэр имнэнэр. Ити курдук аҕабыт барахсан баар буолан “һай-һат” диэн олорбуппут.
Эһэлээтэр эһэм Наумов Николай Михайлович- Ньукуу. Бүгүн Ньукуу оҕонньор санаата көтөҕүллэ сылдьар. Буолумуна, элбэх оҕоттон хаалбыт соҕотох кыыһын оҕолоро — хаан сиэннэрэ тыаттан киирэ сылдьаллар. Эһэлэрэ оройуон киинигэр олорор Райпо маҕаһыыныгар харабыл. Киэһэ үлэтигэр хоно барарыгар сиэннэригэр хобордоох муҥунан халбаһы сылытан күө-дьаа буолан чэйдээтилэр. Эһэлэрэ хомунан барда. Сарсыарда үлэтин туттаран кэлэригэр сиэннэригэр кэһии ас арааһын аҕалбыт. Эһэлэрэ 80 сааһын ааста да, үлэттэн илиитин араара илик. Ыһыы киһи. Майгылаах мааныта, кыыһырар диэни билбэт. Эһэбит дьиэтэ олус кэрэ көстүүлээх сиргэ өрүһү өҥөйөн турар.
Дьиэтин бэйэтэ эт саннынан таһан туппута. Тып-тап курдук дьоҕус, киһи кута-сүрэ тохтуур дьиэтэ. Дьиэҕэ барыы буоллаҕына эһэбит кэһии да биэрээччи, харчы да бэрсээччи. Ыаллара киирэ-тахса тураллар, бары убаастыыллар. Сиэннэрэ эмиэ эһэбитин таптыыбыт киэн туттабыт. Киэһэ атаарабыт, сарсыарда көрсөбүт. Дьэ ити курдук, икки көлүөнэ дьон сыһыаммыт истиҥ этэ.
edersaas.ru саайтка анаан Александра СОЛОВЬЕВА.