Өбүгэлэрбит умнуллубут суолларынан айанныаҕыҥ

16.08.2019
Бөлөххө киир:

Сири Сибиири тилийэ көтөн, киэҥ ыырдарынан сылдьыы, саҥаттан саҥа аартыктары арыйыы — былыр-былыргыттан баар. Ону бигэргэтэрдии, кэнники кэмнэргэ туризм эйгэтигэр паломническай туризм киэҥник тэнийэн эрэр. Паломническай туризм биир сүрүн өрүтүнэн экскурсиялар буолаллар. Онуоха, бастатан туран, ытык сирдэргэ сүгүрүйээри, бэйэлэригэр туох эрэ туһалааҕы билээри, ону олоххо туһанаары, атын дьоҥҥо сырдатаары, араас ыарыыттан эмтэнээри? о.д.а. төрүөтүнэн тыытыллыбатах эбэтэр умнуллубут сирдэргэ дьулуһаллар. Ону сэргэ, паломническай туризм норуоттар икки ардыларынааҕы уонна ис туризмҥа улахан оруолу оонньуур, туризм аныгы индустриятын сүрүн чааһынан буолар.

edersaas.ru


Историческай наука хандьыдаата Афанасий Николаев “интэриэһинэйэ суох устуоруйа суох, арай, биллибэт устуоруйалар бааллар” диэн санаанан салайтаран, 2011 сыллаахха тэрийбит эспэдииссийэтигэр биир санаалаахтарын кытары Алтайынан, Бурятиянан, Хакасиянан уонна Туванан айаннаабыттара. Оттон быйыл бэс ыйын 26—от ыйын 10 күннэригэр Алтайга уонна Хакасияҕа тиийэ сырыттылар. Быйылгы, номнуо сэттис, эспэдииссийэлэрин сыалынан-соругунан паломническай-сырдатар туризмы сайыннарар кэпсэтиилэри ыытыы буолла.

ПАЛОМНИЧЕСКАЙ ТУРИЗМ САЙДАР

Ол туһунан эспэдииссийэ салайааччыта Афанасий Николаев: “Бу сырыыга паломническай, үөрэтэр-сырдатар туризмы сайыннарар кэпсэтиилэри ыыттыбыт. Түүр омуктарга урууларбыт-аймахтарбыт элбэхтэр. Ол эрээри, кинилэртэн тэйиччи олорор буоламмыт, сатаан өйдөспөппүт, аһаҕастык эттэххэ, сахалар бүтэй соҕуспут. Онон, чугастыы Сибиир түүрдэригэр сырдатар-билиһиннэрэр эспэдииссийэлэри тэрийэр баҕалаахпыт. Холобур, ким баҕарар уоппускатын кэмигэр биһиэхэ кыттыһан, биир төрүттээх омуктарбыт дойдуларыгар сынньаныан, “хараҕа аһыллан” кэлиэн сөп. Кэнники сыллары кэтээн көрдөххө, дьон-сэргэ Вьетнам, Таиланд, Кытай, о.д.а. омук сирдэриттэн хал буола быһыытыйда. Арассыыйа ис туризма күүскэ сайдан эрэринэн сибээстээн, дьоммутун-сэргэбитин урууларбытыгар-аймахтарбытыгар илдьэр баҕаттан, Хакасияҕа уонна Алтайга туризмынан дьарыктанар доҕотторбутун көрсөн кэпсэттибит, маршруттары үөрэттибит. Эһиилгиттэн бөлөх хомуйан, кинилэргэ илдьэн ыалдьыттатар баҕалаахпыт. Биһиги эспэдииссэйэбит уратытынан мээнэ маҕаһыын кэрийэн кэлии буолбакка, “Өбүгэлэрбит умнуллубут суолларынан” диэн бырайыагынан ытык сирдэргэ сылдьыы, интэриэһинэй дьону кытары көрсүһүү буолуоҕа”, — диэн кэпсиир.
Чахчыта да, Афанасий Николаев уонна кини биир санаалаахтарын бырайыактарын үчүгэйдик билэр уонна сэргиир буоланнар, түүр омуктар ортолоругар киниэхэ тардыһааччылар сыл аайы элбии тураллар. Ыраата барбакка эттэххэ, Алтайга тиийбит киэһэлэригэр сахалар урукку эспэдииссийэлэрин олус сэҥээрбит, психолог идэлээх, көрбүөччү, дьону эмтиир дьоҕурдаах, Эмиэрикэҕэ тиийэ айаннаабыт Инна Гаева иккистээн тиийэн кэлбит. Бу сырыытыгар культуролог, алгысчыт Саргылаана Николаевалыын-Тубсааналыын биир интэриэстээх дьон буолан, өссө чугастык алтыспыттар. Бириэмэ булан, муораттан 860 миэтэрэ үрдүккэ турар Онгудай кэрэ-бэлиэ сирдэригэр сылдьыбыттар. “Уч-Энмек” айылҕа этническэй пааркатын дириэктэрэ, ““Тенгри” дууһа экологиятын оскуолата” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Данил Иванович Мамыев “Каракольская долина” диэн 6 тыһыынчаттан тахса историческай пааматынньыктаах пааркаҕа ыалдьыттаппыт. Афанасий Николаев кэпсииринэн, алтайдар 1990-с сылларга Чуйскай тракка турар сүрүн, хатыламмат айылҕалаах сирдэрин кэлии дьон атыылаһан ылан, “дьиикэй туризмы” арыйан, сынньанар сир оҥостубуттар. (Аҥаардас ити да холобуртан сылтаан: “Билигин Уһук Илиҥҥи гектар бырайыагынан да, биһиги эмиэ ытык сирдэрбитин харыстыыр курдук, суол кытыытыгар турар сирдэри былдьатыа суохтаахпыт”, — диэн Афанасий Алексеевич санаатын үллэһиннэ). Арай, Данил Мамыев манна олорор норуоттар историческай, култуурунай, духуобунай баайдарын уонна айылҕаларын оннунан хааллараары, үгүс сыратын ууран, “Уч-Энмек” паарканы тэрийбит. Паарка саамай үрдүк чыпчаала 2 821 миэтэрэҕэ тиийэр.
Данил Иванович сахалар кэлбиттэрин истэн, бэйэтинэн тиийэн кэлэн, истиҥник көрсүбүттэр. Кини базатыгар олохсуйан, Алтай устун экскурсиялары, бэстибээллэри оҥоруохха сөбүн туһунан кэпсэппиттэр. Сүһүөхтэрэ ыалдьар уонна доруобуйаларын бөҕөргөтүнүөхтэрин баҕарар дьон пантовай ванналаах, фито-буочукалаах “Эзлик” диэн сынньалаҥ базатыгар эмтиэниэхтэрин, тыытыллыбатах айылҕа салгынынан тыынан доруобуйаларын чэбдигирдиэхтэрин сөп.

“САХА СИРИГЭР ИНТЭРИЭҺИ ТАРДЫАХПЫТ”

“Кэнники сылларга, дьиэ кэргэнинэн туризм сайдан эрэр. Биһиги аан бастаан сылдьарбытыгар аҕыйах этилэр. Атын эрэгийиэннэртэн элбэхтик кэлэллэрин көрөн, ис туризм күүскэ сайдан эрэрин итэҕэйдибит. Сабаҕалаан эттэххэ, Алтайга турист ахсаана 3-4 мөлүйүөҥҥэ тиийиэн сөп. Онон, биһиги Алтайга эмиэ сынньанар база оҥорон, дьоммутугар утары барбыт, көмөлөспүт киһи диэн ыра санаа үөскээбитэ. Төһө да уруулуу омуктар буолбуппут иһин, билигин саха омук туһунан билэр киһи олус элбэҕэ суох. Онон, ол базабытыгар олохсуйан, Сахабыт сирин кэпсии, көрдөрө сырыттахпытына, Саха сиригэр интэриэс үөскээн, хардарыта сылдьыһыы, паломническай туризм сайдыа этэ. Манна сыһыаран эттэххэ, биһиги элбэх монгол омуктарга ыалдьыттаатыбыт эрээри, тас дьүһүннэринэн, култуураларынан, тылларынан-өстөрүнэн саамай алтайдар чугастар. Хакастар, буряттар да арыый атыттар” — айантан сиэттэрэн үөскээбит санааларын үллэһиннэ.

Хакасияҕа

Эспэдииссийэ кыттыылаахтара хакастар норуодунай инструменнарын оҥорор маастар, чатхан инструмеҥҥа талааннаах толорооччу, муусукаан, сахалар күтүөттэрэ Сергей Чарков дьиэ кэргэнигэр хаһыс да сылын ыалдьыттыыллар. Сергей Чарков кэргэнэ Любовь Гавриловна (Сидорова) — Ньурба улууһун Ньурбачаанын кыыһа. Чарковтар бу да сырыыга Хакасия түөрт оройуонунан кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин, туристар түһэр базаларын, курганнары барытын көрдөрдүлэр. “Сахалар хайалаах сиргэ үөрэммэтэх буоламмыт, сорохтор Алтайы атыҥырыахтарын сөп. Ол гынан баран, Хакасия сүрүн сирэ-уота көнө ньуурдаах истиэп. Алтай хайалардаах буолан, уута тымныытынан мээнэ сөтүөлээбэт буоллахха, Хакасияҕа, төттөрүтүн, сөтүөлүүр күөллэрэ элбэх. Кэпсэтии түмүгүнэн, биһиги Саха сириттэн туристарбытын ыыттахпытына, ытык сирдэргэ, эмтээх базаларыгар сырытыннарарга сүбэлэстибит.
Онон, инникитин бу дойдулардыын сибээһи бөҕөргөтүөхпүтүн баҕарабыт. Этэргэ дылы, норуот дипломаннарын курдук буолабыт”, — диэн Афанасий Николаев өрө көтөҕүллүбүтэ кэпсээниттэн биллэр.

Анна Холмогорова, “Арчы дьиэтэ” духуобунай киин исписэлииһэ:
“Мин бэйэм “Арчы диэтигэр” үлэлиир уонна уопсастыбанньыктары, ыччаты кытары алтыһар буоламмын, дьон үлэлээх-хамнастаах буоларыгар уонна, саамай сүрүнэ, бэйэбит сахалыы өйбүтүнэн-санаабытынан сайдарга ис санааларыттан ыалдьар дьон баалларын билэ-көрө сылдьабын. Кинилэртэн биирдэстэрэ Афанасий Николаев кэргэнинээн Саргыланалыын буолаллар. Афанасий Алексеевич биһиги ыытар тэрээһиннэрбитигэр кэлэн, наар дьон санаатын иһиллиирин, үөрэтэрин бэлиэтии көрөр этим. Онон, быйыл бэйэлэрин бырайыактарыгар кыттыһаннаран, эспэдииссэйэҕэ ыҥырбыттарыгар, үөрүүнү кытары сөбүлэспитим.
Бу иннинэ Айыыһыттарым, тоҕо эрэ, миэхэ Алтайтан Олоҥхо ыһыаҕын көрө кэлбит Алтанай уонна Ирина диэн икки кыыһы ыыппыттара, кинилэри арыаллаабытым. Ол кыргыттарым Хайалаах Алтайга тиийбиппитигэр кэлэн көрсүбүттэрэ, ыалдьыттаппыттара, махталларын өссө төгүл тириэрдибиттэрэ. Олоҥхо ыһыаҕар ыалдьыттаан баран, сахалар төрүт култуурабытын күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ сылдьарбытын көрөн олус сөхпүттэрэ-махтайбыттара. Хайалаах Алтайга Тубсаананы уонна Афанасий Николаевы үчүгэйдик билэллэр, кинилэри олус кэтэһэллэр эбит.
Бу ыраах айаҥҥа сөбүлээбитим, сэҥээрбитим элбэх буоллаҕа. Ол эрэн, Данил Мамыев дойдутун дьиктилээхэй айылҕатын, устуоруйатын харыстаан хаалларбытын олус ытыктаан кэллим. Курганнарга кэлэҥҥин чуумпурар, бэйэҕин иһиллэнэр турукка киирэр эбиккин. Кини дьон ис эйгэтин наһаа ыспакка, айылҕа тэтимигэр киллэрэр, ураты энергетикалаах, аһаҕас халлаан анныгар храмы оҥорбут. “Мамыевпыт сирбитин-уоппутун харыстаата”, — диэн дьон-сэргэ наһаа махтанар.
Аныгы олох дьалхааныгар чөл өйдөрүн-санааларын ыһыктыбакка, ис куттарын-сүрдэрин тутан олороллор эбит диэн көрдүм. Икки сылга биирдэ бэйэлэрин төрүт бырааһынньыктарын (биһиги ыһыахпыт курдук) оҥороллор. Ол эрээри, “үксүн нууччалыы ыытабыт, омукпут таҥаһын кыратык кэтэн баран устан кэбиһэбит диэн” хомойоллор, биһиэхэ ымсыыраллар.
Бүтэһик күннэрбитигэр Хакасияга бу икки улуу омук улахан сиэригэр-туомугар кыттыбыппын айыыһыттарым бэйэлэрэ сырытыннардылар диэн күн бүгүҥҥэ диэри махтанабын.
Биһиги оҕолорбут, ыччаттарбыт Алтай уонна Хакасия курдук информационнай күүстээх сири илэ харахтарынан көрөллөрүн, эт кулгаахтарынан истэллэрин, ис туруктарын иһиллэнэллэрин курдук, кинилэри эспэдииссэйэлэргэ кытыннарыахха наада. Олохпутун кинилэр салҕыахтара турдаҕа. Онон, инникитин Чарковтары кытары биир бырайыакка үлэлэһэргэ сүбэлэстибит. “Арчы дьиэтигэр” алтайдары, этнопсихолог Инна Гаеваны ыҥырдыбыт. Новосибирскайга ССРС-ка атом промышленноһын уонна өҥнөөх металлургия бэтэрээнэ, учуонай Иоганн Максимовы кытары билсэн, инникитин тэҥҥэ үлэлэһэргэ сөбүлэстэ. Ити курдук, экспедициябыт кэмигэр бииртэн биир саҥа дьону кытары билсэн, аартыкпыт арыллан истэ.

Саргылана Николаева-Тубсаана, культуролог, алгысчыт:
“Мин номнуо сэттис эспэдииссийэбэр сырыттым да, номоххо кэпсэнэр курдук маннык дьикти түгэҥҥэ түбэһэ илигим. Ол курдук, 1990-с сыллартан тыл-тылларыгар киирсибэтэх икки кылаан ойуун Хакасияҕа көрсөр күннэригэр Чарковтарбыт кыһаллан-мүһэллэн уонна бу дойдулар улуу дьоннорун көҥүллэрин ылан эрэ баран тиийдибит. От ыйын 7 күнэ, нуучча халандаарынан, Купала бырааһынньыга буоллаҕына, бу омуктар толук уурар, сиэри-туому оҥорор күннэрэ эбит. Алтайдар уонна хакастар хайа, уот, уу иччилэригэр сүгүрүйүү сиэрин-туомун олох атыннык оҥороллор. Кинилэр сиэрдэрин-туомнарын көрөн, элбэххэ үөрэниэхпитин сөп дии санаатым. Хакас ойууна 300 тыһыынча сыл анараа өттүгэр олорбут Абахан хос куолайынан саҥарар курдуга. Биһигини “айханнар, айыы хаан аймахтар кэллилэр” диэбитэ. Кини саҥарбыта, эппитэ-тыыммыта барыта кулгаахпар хаалан хаалбыт.
Сиэр-туом Сахсары диэн ытык сирдэригэр ыытылынна. Уйбат өрүс хочото көстөр Сахсары сис хайата дириҥ устуоруйалаах ытык сир быһыытынан, Хакасия историческай-култуурунай сыаналаах эбийиэктэр ахсааннарыгар киллэриллибитэ.
Сахсары туһунан үгүс үһүйээн баар. Олортон биирдэстэрэ этэринэн, бу сир саха норуотун төрүт сиринэн буолар. Арааһа, хакас омук Сахсары диэн ааттаах биир кыыһа кэргэнин Омоҕойу кытары Өлүөнэ өрүскэ устан кэлэн, өрүс орто хочотун ыраах хаалбыт дойдутун ахтан, Сахсары диэн ааттаабыт.
Онон, хас эмэ тыһыынча сыллааҕыта ыһыллан хаалбыт алтайдар уонна хакастар ойууннара улахан сиэри-туому мэҥэ халлааҥҥа оҥорбуттарыгар түбэһиибит – хаһан да буолбатах түбэлтэ.

ххх
“Өбүгэлэрбит умнуллубут суолларынан” ахсыс эспэдииссийэни балаҕан ыйыгар Хакасияттан саҕалыыр былааннаахтар. Ол иннинэ Саха сирин ытык сирдэрин өссө төгүл үөрэтэ, өбүгэлэрбит тугу этэллэрин “истэ”, “Ытык сирдэринэн айан” бырайыагынан Мэҥэ Хаҥалас Дьаҥхаадатыгар бардылар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0