Биллэрин курдук, ааспыт сыл бүтүүтүгэр Азербайджан киин куоратыгар Бакуга, саха норуотун чулуу уола Былатыан Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” кинигэтэ азербайджан тылынан тылбаастанан, бэчээттэнэн тахсыбытын туһунан биһиги ааҕааччыларбытыгар иһитиннэрбиппит.
edersaas.ru
Саҥа кинигэни Улуу Ойуунускай убайбыт дойдутугар, Саха сиригэр билиһиннэрии, сүрэхтээһин, бэс ыйын 27 — от ыйын 1 күннэригэр Саха сиригэр ыытыллыбыт Азербайджан поэзиятын күннэрин чэрчитинэн, ааспыт чэппиэргэ Платон Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга ыытылынна.
Бу улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ Бакуттан кэлэн, саха суруйааччыларын доҕотторо – биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэл, бэйиэт, издатель Экбер Гошалы уонна тылбаасчыт, суруналыыс Аида Эйвазова кытыннылар.
“Кыһыл Ойуун” кинигэ 500 ахсаанынан “Зердаби” полиграфическэй кииҥҥэ бэчээттэммит. Манна суруйааччы азербайджан тылыгар тылбаастаммыт “Кыһыл Ойуун”, “Улуу Кудаҥса”, “Александр Македонскай”, “Соломон Муударай” айымньылара уонна олоҥхо туһунан уочарката киирбиттэр.
— Биһиэхэ, чахчы даҕаны, олус улахан суолталаах, үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Бу, “Кыһыл Ойуун” кинигэ азербайджан тылынан, дьиҥэр, Азербайджан да өттүттэн, биһиги да өттүбүтүттэн судаарыстыбаттан үбүлэниитэ суох таҕыста. Онон, этэргэ дылы, норуот дипломатиятын уонна литературалар доҕордоһууларын, суруйааччылар доҕордоһууларын түмүгэр күн сирин көрдө. Биһиги доҕотторбут Экбер Гошалы уонна Аида Эйвазова олоххо киллэрдилэр. Мин санаабар, бу, бастатан туран, сүрдээх улахан хара үлэ. Ол эбэтэр, кинигэҕэ Ойуунускай “Кыһыл Ойуун”, “Улуу Кудаҥса”, “Александр Македонскай”, “Соломон Муударай” уонна олоҥхо туһунан уочарката – бу кини бөлүһүөктүү көрүүтүн, кини бэйэтин норуотун үрдэтэр уонна ис олоҕу, аан дойдуну көрүүтүн барытын анаарар бастыҥ айымньылара киирбиттэрэ – ол олус улахан суолталаах. Маны Платон Алексеевич Ойуунускай улуу генийин сөпкө өйдүүр, түүр античноһыттан, биир төрдүлээх дьоммут оҥордулар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Биир сыдьааннаах дьоммут сөпкө ылынаннар, таба тутаннар, чуолаан бу айымньылар тылбааска киллэриллибиттэриттэн мин олус үөрэбин. Уонна дьиҥэр, бу барыта биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 2 сылга биирдэ ыытыллар аан дойдутааҕы “Маҥан хаар сылааһа” поэзия бэстибээлиттэн саҕаламмытын бэлиэтиэхтээхпит. Бэстибээлгэ ыалдьыт быһыытынан кэлбит Экбер Гошалыга уонна Аида Эйвазоваҕа бииргэ үлэлэһэр, сибээһи салгыыр санаа олохсуйбут этэ. Инньэ гынан, биһиги бииргэ үлэлэһэн, бу кинигэ күн сирин көрдө.
Тылбаасчыппыт олус болҕомтолоох, барытыгар иҥэн-тоҥон киирэр. Бары өттүнэн сөпкө тылбаастыырга ис сүрэҕиттэн кыһаллан, дириҥник үлэлээн, кинигэ саха уонна азербайджан тылларынан тахсыбыта кэрэхсэбиллээх. Туох кистэлэй, манна, “Маҥан хаар сылааһа” бэстибээли ыытыыны сорохтор ситэ өйдөөбөт түгэннэрэ баар буолааччы. Оттон мин санаабар, бүгүҥҥү үөрүүлээх түгэн — Ойуунускайбыт азербайджанныы саҥарыыта, чуолаан бу бэстибээл сүрүн түмүгэ буолар. “Маҥан хаар сылааһа” поэзия бэстибээлин СӨ Култууратын, духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация уонна М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ректора Евгения Михайлова күүскэ өйөөн кэллилэр. Ити курдук, хайа баҕарар дьыалаҕа үтүө санаалаах дьон кыттыһар буоллахтарына, ол дьыала тирэхтээхтик уонна кыахтаахтык атаҕар турар.
Итини этэн туран, бииргэ тохтоон ылыым — азербайджан тылынан Былатыан Ойуунускай айымньылара, итиэннэ былырыын эмиэ Бакуга тахсыбыт мин “Муус устар — доҕорум” дьоҕус кинигэм тахсалларыгар спонсор быһыытынан көмөлөспүт киһинэн “Якутцемент” диэриэктэрэ Алиш Мамедов буолар. Кини бу дьыалаҕа бэйэтин биир дойдулаахтарын кытта ситимнээх үлэтин түмүгэр биһиэхэ, саха суруйааччыларыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, саха духуобунаһа сайдыытыгар олус улахан кылааты киллэрбитин хайаан даҕаны бэлиэтиир наадалаах.
Дьиҥинэн ыллахха, хайа да омукка – сахаҕа да, нууччаҕа да, азербайджанецка да буоллун, бу – норуотум духуобунаһын кэҥэтии, дириҥэтии туһугар бэйэм тугу кыайарбын барытын үлэлэһиэххэ, диэн турунар киһи олус элбэҕэ суох. Оннук дьоҥҥо биһиги түбэспиппитигэр – бу Азербайджан өттүттэн Алиш Мамедов да буоллун, суруйааччы доҕотторбут Экбер Гошалы, Аида Эйвазова да буоллуннар, биһиги үөрэбит – сибээс быстыбатын туһугар туруулаһар дьону таба тайаммыппыт! Итиэннэ, этэргэ дылы, түҥ былыргы үйэлэргэ биһиги өбүгэлэрбит хаһан эрэ биир кутаа аттыгар, тулалаан олорбуттарыгар, ол ситимэ күн бүгүнүгэр даҕаны биһиэхэ үтүөнэн сыдьаайарыгар биһиги, биллэн турар, истиҥник махтана саныыр, үөрэр эрэ кэриҥнээхпит!, — диэтэ Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья ХАРЛАМПЬЕВА.
Манна даҕатан эттэххэ, ыалдьыттарбыт, Түүрдэр Аан дойдутааҕы академияларын Бэрэсидьиэнин аатыттан, айар үлэтинэн түүр норуоттарын эйгэтигэр улахан сабыдыаллаах Наталья Ивановна Харлампьеваҕа Махтал суругу ыыппытын туттарбыттара — үгүһү туоһулуур.
Оттон тылбаасчыт, суруналыыс Аида ЭЙВАЗОВА:
— Мин Былатыан Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” – бу улуу айымньытын бэйэм норуотум тылыгар тылбаастыырбар 6 ый устата үлэлээтим. Ордук уустуга, ыарахана да диэххэ сөп — “Улуу Кудаҥса” тылбааһа. Дириҥ айымньы. Ону, ааҕа олорон, барытын сүрэхпинэн-быарбынан ылынан, билбитим… Өйдөөбүтүм – баай-дуол диэн үйэтэ суох. Үйэлээх – саха норуотун бэйэтин курдук – киһи улуу кута-сүрэ. Оттон “Кыһыл Ойууҥҥа” үлэлии олорон ытаан да ыларым, этэргэ дылы, ыллаан да ыларым… Үчүгэйдик, чэпчэкитик тахсыбыта. Ойуунускай бу айымньытыгар туочуканы 1918 сыллаахха атырдьах ыйыгар туруорбут. Өйдөөн көрбүтүм – лоп-курдук 100 сыл буолан баран, эмиэ сити күн мин тылбааспын бүтэрэн, туочука туруорбуппун! Бу олус бэлиэ этэ.
Мин саха норуотун таптаатым. Эһиги бэйэҕит ураты, хатыламмат култуураҕытын, тылгытын, түүр омуктан силистээххитин Улуу Ойуунускай курдук дьоннордоох буолаҥҥыт, харыстаан, араҥаччылаан, илдьэ кэлбиккит уонна салгыы сайыннараҕыт. Эһиги күүстээх норуоккут! Түүр омуктартан ыраах да буолларгыт, маннык презентациялар, көрсүһүүлэр эһиэхэ туох баар Аартыктары барытын арыйан иһэллэр. Ону биһиги бука бары өссө да көрүөхпүт-истиэхпит!, — диэн бүччүм санаатын үллэһиннэ.
Биллэн турар, кинигэ тахсыыта 1-2 эрэ киһиттэн тутулуга суох. Ол курдук, бу айымньы электроннай көрүҥэр үлэлэһиигэ, айымньыны тылбаасчыкка тиэрдиигэ, консультацияҕа эдэр суруйааччылар, учуутал идэлээх Рустам Каженкин, Суруйааччы Сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов уонна Наталья Харлампьева бэйэтэ үлэлэстилэр, көмөлөстүлэр.
Азербайджан тылынан тахсыбыт “Кыһыл Ойуун” кинигэ сүрэхтэниитигэр СӨ култууратын, духуобунай сайдыытын мииниистирэ Юрий Куприянов, СӨ бэрэсидьиэнин, бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын Информационнай бэлиитикэҕэ департаменын салайааччы Афанасий Ноев, СӨ бэрэсидьиэнин, бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын Тыллары сайыннарыы боппуруостарыгар управлениетын салайааччы Римма Жиркова, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, саха норуодунай суруйааччылара Николай Лугинов, Сэмэн Тумат, Баһылай Харысхал, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, суруйааччы Павел Харитонов-Ойуку, Былатыан Ойуунускай төрөөбүт дойдутуттан Таатта бэрэстэбиитэллэрэ, уо.д.а кыттыыны ыллылар, тыл эттилэр.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Былатыан Ойуунускай сэдэх кинигэлэринэн быыстапка тэрийбиттэрэ дьон болҕомтотун тардыан тарта.
Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru
Рустам КАЖЕНКИН хаартыскаҕа түһэриилэригэр:
Азербайджан тылынан тахсыбыт “Ойуун түүлэ” кинигэ сүрэхтэниитин түгэннэриттэн