Билигин оскуола оҕотун тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар бородууксуйатыгар сыһыарыы судургута суох. Бу үлэҕэ тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэлэрин дэгиттэр баһылаабыт, мындыр уус саха саарыннара кыттыһыахтарын наада.
edersaas.ru
Туох кистэлэ кэлиэй, агро-оскуолаларга тыа хаһаайыстыбатын предметигэр үөрэтэр учуутал үксэ дьахтар, бэйэтэ тутан-хабан үлэлээбит уопута, кэтэх хаһаайыстыбатыгар сүөһүтэ—аһа, бэл, оҕуруота суох буолуон сөп. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы экэниэмикэ төрүттэрин, тиэхиньикэни, тутууну, астыыр технологияны, сыана хамсааһынын уо.д.а. билиини эрэйэр. Холобур, эн үчүгэй агроном, зоотехник эрээри, тыраахтары сатаан ыыппат, өрөмүөннээбэт, араас тутууну ыыппат буоллаххына, ол билииҥ көдьүүһэ кыра буолан тахсыаҕа. Тоҕо диэтэххэ, чааһынай эбэтэр бааһынай хаһаайыстыбанан дьарыктанар киһи үгүс идэни баһылаатаҕына эрэ, үлэтин түмүгэ барыстаах буолуоҕа.
Тыа сирин оскуолатыгар үөрэнэр оҕо туох ханнык иннинэ күннээҕи үлэҕэ туһаныллар тиэхиньикэни (оту охсор, мунньар, пресстиир көлөлөрү, тыраахтары) баһылыахтаах. Бу идэлэргэ кини сайын от кэмигэр уопуттаах дьоҥҥо сыһыарыллан, үөрэниэхтээх. Иккиһинэн, сүөһүнү, сылгыны, сибиинньэни, дьиэ көтөрүн, куруолугу, козаны, мүөттээх ыҥырыаны уо.д.а. иитии ньымаларын билиэхтээх. Үсүһүнэн, сүгэнэн, «Дружба» эрбиинэн туттарга, араас электрическэй тэриллэри холбуурга, уоттаах сэрэхтээх буолууга үөрэниэхтээх. Ирбэт тоҥҥо хотону, дьиэни тутууну ньымаларын билиэхтээх. Сайын уһаайбатыгар хортуоппуйу, араас оҕуруот аһын виноградыгар, арбуһугар тиийэ бэйэтэ үүннэрэргэ үөрэниэхтээх. Эти-үүтү уонна оҕуруот аһын астыыры эмиэ билиэхтээх. Холобур, оҕуруот аһын кэнсиэрбэлии, эти эрийэн фарш оҥоро, убаһа этин ыыһыы, сибиинньэ этин шашлыктыы, үүтү сэппэрээтэринэн эрийэн, сүөгэйи, суораты, арыыны оҥоро итиэннэ ону батаран, харчыны таба тутта үөрэнэрэ туһаттан атыны аҕалбат.
Быһата, оҕону үлэ сатабылыгар үөрэтэн, Уһук Илин гектарын туһунан сокуоҥҥа тирэҕирэн, сир-уот анатан, ону табыгастаахтык туһанарга үөрэтии кини инники кэскилигэр суолу арыйыы буолар. «БКЭ-ни туттаран, үрдүк эбэтэр анал үөрэххэ киир, ол кэнниттэн тугу барытын сатыаҥ», — диэн албынныырдааҕар быдан ордук буолуо этэ. Кистэл буолбатах, Саха сиригэр тастан элбэх киһи кэлэр чинчилээх. Оттон биһиги өбүгэбит бу тыйыс айылҕалаах дойдуга ынах сүөһүнү уонна сылгыны иитэргэ муспут үөрүйэхтэрин оҕолорбутугар тиксэримээри гынныбыт. Ол содулугар тугу да сатаабат, ыллыыр уонна үҥкүүлүүр эрэ ыччат элбээри гынна…
Майаттан Федот Харитонов, “Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан.