Киһи киһиттэн үөрэнэр, сайдар. Үтүөҕэ уонна кэрэҕэ тардыһыы, кэрэни бэйэ илиитинэн айан таһаарыы – бу хас биирдии омукка бэриллэр кыах. Туохха барытыгар айымньылаах сыһыан киһи ураты кутун-сүрүн иҥэринэригэр олус суолталаах. Ону сэргэ бэйэтин омук быһыытынан дьоһуннук сананарыгар бигэ тирэх буолар.
Быйыл биһиги Дьокуускай куоракка баар «Парус» уһуйааммыт «Сулусчаана» бөлөҕөр тэриллибит Муода тыйаатыра 5 сылын бэлиэтиир. Саха омук айан-тутан таһаарбыт уус-уран оҥоһуктара бары олус сиэдэрэйдэр, көрүөхтэн кэрэлэр. Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан үөрэтэн-такайан хаалларбыт уус-уран оҥоһуктара туохха да тэҥнэммэт сүдү баайбытынан буолар. Хас биирдии тиспит оһуордара оҕоҕо, улахан киһиэхэ харысхал, алгыс тэҥэ уонна үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдиир аналлаахтар.
Кэнники кэмнэргэ уһуйааннарга уонна оскуолаларга сахалыы тыыннаах сүүрээн киирбитэ олус хайҕаллаах суол.
Дьыл кэмнэрэ
«Сулусчаана» муода тыйаатыра үлэтин 2016 сыллаахха саҕалаабыта. Бастакы 2016-2017 сыллардааҕы кэллиэксийэбитин «Дьыл кэмнэрэ» диэн ааттаабыппыт. Оҕо төрөөбүт дойдутун сирин-уотун, норуотун уус-уран айымньытын, ускуустубатын кыра сааһыттан этигэр-хааныгар иҥэриннэҕинэ, дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр бэриниилээх буола улаатар. Ийэ дойдутун, айылҕатын таптыырга, киэн туттарга үөрэнэр. Ол курдук, Ийэ сирбит айылҕата ыйдарынан ураты көстүүлээҕин эриэккэс таҥастар нөҥүө көрдөрбүппүт, үөрэппиппит:
– Тохсунньу – Таҥха ыйа
– Олунньу – Одун Хомуһун ыйа
– Кулун тутар – Дьөһөгөй ыйа
– Муус устар – Айыыһыт ыйа
– Ыам ыйа – Аан Алахчын ыйа
– Бэс ыйа – Айыы ыйа
– От ыйа – Буор ыйа
– Атырдьах ыйа – Аан Дьааһын ыйа
– Балаҕан ыйа – Улуу Суорун ыйа
– Алтынньы – Хотой Айыы ыйа
– Сэтинньи – Баай Байанай ыйа
– Ахсынньы – Билгэ Хаан ыйа.
Олоҥхо бухатыырдара
ЮНЕСКО уһулуччу үчүгэй айымньылар ахсааннарыгар киллэрбит айымньыларыттан биирдэстэринэн Олоҥхо буолар.
Биһиги 2017-2018 сыллардааҕы «Олоҥхо бухатыырдара» диэн кэллиэксийэбитигэр аан дойдуга аатырбыт олоҥхо персонажтарынан оҕо көстүүмнэрин тигэн, таҥнар таҥастарын, бухатыырдар охсуһар сэптэрин-сэбиргэллэрин, атын да киллэһиктэри киллэрэн туран тиктэрбиппит. Манна 7 бухатыыр уобараһын көрдөрбүппүт:
– Дьулуруйар Ньургун Боотур
– Үрүҥ Уолан
– Мүлдьү Бөҕө
– Айыы Дьураҕастай
– Күн Дьирибинэ
– Кулун Куллустуур
– Эрчимэн Бэргэн.
Улуустар гиэрбэлэрэ
Биллэрин курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 34 улуус баар. Хас биирдии улуус киэн туттар, бэйэтин тулалаан сытар дойдуларын билиһиннэрэр, баайын-дуолун көрдөрөр тус-туспа бэлиэлээх – гиэрбэлээх. Оҕолорбутугар бу улуустар тустарынан билиһиннэриигэ элбэх үлэни ыыттыбыт: кэпсээннэр, остуоруйалар, оонньуулар, видеоэкскурсиялар. Ол түмүгэр, оҕолорбут төрөппүттэрин кытары бэйэлэрин өбүгэлэрэ олорон ааспыт улуустарын талбыттара. Ол көстүүмнэрбит хас биирдиилэрэ уратылаахтар, ис хоһоонноохтор. Онон, 2018-2019 сыллардааҕы кэллиэксийэбитин «Улуустар гиэрбэлэрэ» диэн ааттаабыппыт:
– Өлүөхүмэ улууһа – «Килиэптээх түүтэх»
– Уус Алдан – «Дьөһөгөй»
– Аллараа Халыма – «Үрүҥ эһэ»
– Амма – «Кэрэ сибэкки сардаана»
– Хаҥалас – «Сүдү хотой»
– Муома – «Сөҕүмэр көтөр – кыталык»
– Өймөкөөн – «Кыһын оҕуһа»
– Чурапчы – «Хатыҥнаах лабаа»
– Нерюнгри «Көмүс балык – хариус»
– Өлөөн – «Үрүҥ таба»
– Нам – «Куба»
– Мииринэй – «Алмаас»
– Горнай – «Тайах».
Харысхал
Харысхал – хас биирдии итэҕэллээх омукка куһаҕан тыынтан, алдьархайтан, дьаҥтан-дьаһахтан харыстыыр төһүү күүс. Ол курдук, сахалар эмиэ сиэргэ-туомҥа туттар ойуулара наһаа элбэх. Оҕоҕо бу ойуулар суолталарын тириэрдэн үөрэппиппит. Харысхал хас биирдии ойуута киһи тулалыыр эйгэтин, дьиэтин-уотун, туттар малын-тэрилин, олоҕун-дьаһаҕын, сирин-дойдутун уонна айылҕатын кытары ыкса сибээстээҕин билиһиннэрбиппит. Онон, 2019-2020 сыллардааҕы кэллиэксийэбит «Сахалыы харысхаллар» диэн сүрэхтэммитэ:
– «Чөл (Кут-сүр)»
– «Хой муоһа»
– «Лыах»
– «Ох»
– «Кыптыый»
– «Биэс харах»
– «Үс кут»
– «Кымырдаҕас»
– «Дөлүһүөн хатыыта»
– «Саһыл тумса»
– «Күн».
Ыйдар
Сахаларга хас биирдии ый туспа суолталаах, бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаах. Кинилэр үлэлэрэ-хамнастара, араас дьарыктара, олох-дьаһах хаамыыта, дьиэ ис-тас үлэтэ барыта ханнык ый кэлбититтэн тутулуктааҕа. Ол курдук, үүммүт ыйдарын кэтээн көрөллөрө, хайдах дьыл кэлэрин бэлиэтииллэрэ, ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэллэрэ. 12 араас ыйы дьыл кэмнэринэн арааран туспа ааттаабыттара. 2020-2021 сыллааҕы кэллиэксийэбит «Ыйдар» диэн ааттаммыта.
– Тохсунньу
– Олунньу
– Кулун тутар
– Муус устар
– Ыам ыйа
– Бэс ыйа
– От ыйа
– Атырдьах ыйа
– Балаҕан ыйа
– Алтынньы
– Сэтинньи
– Ахсынньы.
Ити курдук, биһиги бэйэбит норуоппут барыга бары сыһыаннааҕын, талааннааҕын, уус-уран тарбахтааҕын, мындыр өйдөөх норуотун оҕолорго өйдөтөр, иҥэрэр үлэни ыытабыт.
Өбүгэлэрбит кэрэхсэбиллээх, ис хоһоонноох, үйэттэн үйэҕэ сүппэт хас биирдии үлэлэрэ саҥа үйэ оҕолоругар сиэри-туому, сахалыы үгэстэри, куту-сүрү иҥэрэр, төрөөбүт дойдуну таптыырга, тулалыыр эйгэни харыстыырга үөрэтэр.
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Лариса ЛУКАЧЕВСКАЯ-ПЕСТЕРЕВА, Августина ЛЫТКИНА.