Итинник ааттаах фольклор өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлэ А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолан ааста. Биһиэхэ бу тэрээһин туһунан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлиистэрэ Елена Протодьяконова, Ульяна Флегонтова иһитиннэрдилэр.
—Үгэс буолбут тэрээһин ахсыс төгүлүн ыытылынна. Маныаха тэрээһин сыллата кэҥээн, сайдан иһэрэ бэлиэтэнэр. Ол курдук, быйылгы түһүлгэҕэ 16 улуустан, Дьокуускай куораттан уопсайа 1000 кэриҥэ оҕо уонна улахан дьон кыттыыны ылла. Бу өбүгэ үгэһин, норуот тылынан уус-уран айымньытын сэҥээри улаатан иһэрин бэлиэтэ.
Сыанаҕа хас биирдии тахсыыны СӨ норуоттарын материальнайа суох нэһилиэстибэтин Киинин салайааччы, ф.н.к. А.Е.Захарова, Н.Е. Жирков, В.В. Обоюкова, Л.Е. Шишигина, Е.Н. Протодьяконова сыаналаатылар. Күөн күрэскэ кыттааччылар хомустаатылар, тойуктаатылар, чабырҕахтаатылар уонна норуот ырыаларын толорон иһитиннэрдилэр.
Тэрээһинтэн быһа тардан билиһиннэрдэххэ, кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо хомуска үлүһүйэн оонньууллара элбээтэ. Бу да сырыыга ол көһүннэ. Көрөөччүлэр уонна дьүүллүүр сүбэ биһирэбиллэрин Дьокуускайтан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан кыттыбыт ансаамбыллар, «Сарыал», «Чөмчүүнэ», «Арылхан», улахан дьон ортотугар «Арчы» (музыкальнай кэллиэс), «Хомусчаан» (Дьөккөн, Бүлүү) триолара, «Кэрэли» бөлөх (Томпо), уо.д.а. ыллылар.
Тойукка хас биирдии улуус тус-туспатык толорор уратылаах. Маныаха урут биир киһи тойуктуур буоллаҕына, билигин фольклор ансаамбылыгар дьону-сэргэни тардар туһуттан, бөлөҕүнэн тойуктууллар. Кэлэктииптэри сүрүннээн эдэр дьон салайаллар. Кинилэргэ дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ сүбэ-ама биэрдилэр, сэминээр ыытарга сүбэлэстилэр. Улахан дьон ортотугар Үөһээ Бүлүүттэн кэлбит Айталина Мойтохонова, Туйаара Алексеева, Аксинья Степанова, М.Н.Винокуров салайааччылаах Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство кэллиэһин устудьуоннара толордулар.
Чабырҕах урут умнулла быһыытыйа сылдьыбыта биллэр. Оттон билигин дьон-сэргэ сэргээн, сэҥээрэн ааҕар буоллулар. Бу да сырыыга чабырҕаҕы оскуола үөрэнээччилэрэ, улахан дьон бары да чаҕылхайдык толордулар. Маныаха талааннаах салайааччылар аҕыс сыл устатыгар ыытыллыбыт күөн күрэскэ бириистээх миэстэттэн түспэттэрэ итиэннэ жанр бу көрүҥүн сайыннаран, тупсаран иһэллэрэ бэлиэтэннэ.
Норуот ырыаларыгар кыттааччы уруккуттан да элбэх буолар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, аныгы кэм сайдыыта дьайара ырыаны толорууга көстөр, биллэр.
Долгутуулаах тэрээһин кыайыылаахтарын дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан эҕэрдэлээһин буолла. Түһүлгэҕэ кыттыбыттар бука бары астынан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар. Аныгыскы сырыыга өссө күүстээхтик бэлэмнэнэн кыттыах буоллулар.
Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата