Бүгүҥҥүттэн мааска кэтэр булгуччу ирдэнэр

Ааптар: 
28.04.2020
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаабыт 1144 -дээх ыйааҕар олоҕуран, саҥа быраабыла олохтонно. Быраабыла кэккэ пууннарыттан биирдэстэринэн булгуччу мааскалаах сылдьыы ирдэниитэ буолар.

edersaas.ru


СӨ кылаабынай санитарнай бырааһын этиитинэн, бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куорат уонна олоччу дьиэҕэ олоруу (полная самоизоляция) эрэсиимэ киирбит Жатайга, Ленскэй оройуонугар, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр (Мэҥэ Хаҥалас), Нерюнгри, Мииринэй, Алдан оройуоннарыгар уонна харантыын биллэриллибит Алдан куоракка, Ленинскэй бөһүөлэккэ (Алдан оройуона) уопсастбыннай миэстэлэргэ (уопсастыбаннай тырааныспарка, маҕаһыыҥҥа, таһырдьа, уо.д.а) барытыгар мааскалаах сылдьыы эрэсиимэ киирэр.

Бүгүн Ил Дархан брифинг кэмигэр тустаах боппуруоска эмиэ тохтоото. “Хомойуох иһин, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан, хонтуруоллуур уорган үлэһиттэриттэн атыы тэрилтэтигэр үлэлиир дьон бэйэлэрэ мааскалаах сылдьыыны тутуспаттар диэн үгүстүк этэллэр. Мааскалаах сылдьылыы – булгуччулаах усулуобуйа”, — диэн эттэ.

edersaas.ru

Хаартыска: yandex.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0