Бүгүҥҥүттэн 2021 сыллааҕы эксээмэннэр саҕаланнылар. Ол курдук, бүгүн-сарсын, ыам ыйын 24 уонна 25 күннэригэр 9-с кылаас үөрэнээччилэрэ нуучча тылыгар, ыам ыйын 27 уонна 28 күннэригэр математикаҕа эксээмэни туттараллар. Бу сүрүн түһүмэх буолар.
Быйыл пандемиянан сибээстээн, 9-с кылааһы бүтэрэр оҕолор талар биридимиэттэргэ эксээмэни туттарбаттар, ол оннугар бу биридимиэттэргэ хонтуруолунай үлэлэри суруйбуттара. Онтон нуучча тылыгар уонна математикаҕа эксээмэннэр булгуччулаахтар.
Эрэсиэрбэҕэ күннэр: бэс ыйын 8 күнэ – нуучча тыла, бэс ыйын 16 күнэ – математика.
Эрэсиэрбэ эбии күннэрэ: бэс ыйын 30 күнэ – нуучча тыла, от ыйын 2 күнэ – математика.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 12 308 оҕо 9-с кылаас кэнниттэн эксээмэни туттарар, итинтэн 3892 оҕо — Дьокуускай куоракка.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: http://mou6.ru/opublikovali-proekty-novyh-kim-oge-2021/