Бүгүҥҥүттэн «Дьол тааһа” саҥа сериал көстөр

Бөлөххө киир:

Кыһыммыт барахсан  тиийэн кэллэ. Онон киэһэ аайы үгүс дьон «күөх экрантан” арахсыбат буолуоҕа. Кэлиҥҥи кэмҥэ  саха киинэтин, сериалларын оҥорон таһаарыы  элбээтэ уонна, саамай сүрүнэ, нэһилиэнньэ киэҥ сэҥээриитин ылаллар.

Бүгүҥҥүттэн «Саха» НКИК ханаалыгар киэһэ 21  чаастан «Дьол тааһа” диэн саҥа сериал  көстөн саҕаланар. Сериал бэнидиэнньиктэн саҕалаан чиэппэргэ диэри  көрдөрүллүөҕэ. 40 мүнүүтэлээх киинэ. Сценарийын Даана Сард суруйбут. Саха эдэр ыччата Мииринэй куоракка алмаас хостооһунугар үлэлииллэрэ көрдөрүллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0