Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куорат 1-8 кылааһын үөрэнээччилэрэ ыраахтан олорон үөрэниэхтэрэ
Тымныынан сибээстээн, бүгүҥҥүттэн, тохсунньу 13 күнүттэн Дьокуускай куорат 1-8 кылааһын оҕолоро ыраахтан олорон үөрэниэхтэрэ.
Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов бирикээһигэр олоҕуран, тохсунньу 13-18 күннэригэр куорат уокуругун оскуолаларын 1-8 кылааһын үөрэнээччилэрэ ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниигэ көстүлэр. Онтон 9-11-с кылаас оҕолоро олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) үөрэнэллэр эрээри, тымныы күннэр учуоттаныахтара диэн ыйыллар.
Санатан эттэххэ, бэҕэһээ-бүгүн тымныы күннэр тураннар, 1-11-с кылаас оҕолоро бары дистанционно үөрэннилэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1