Бүгүҥҥүттэн биэнсийэлээхтэр 10-нуу тыһ. солк. ылыахтара

Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  атырдьах  ыйын 24  күнүнээҕи Ыйааҕынан  быйыл  балаҕан ыйыгар  биэнсийэлээхтэр (үлэлииллэриттэн, үлэлээбэттэриттэн тутулуга суох) 10-нуу тыһыынча солкуобайы көмө быһыытынан  ылыахтара.

Ханнык да докумуон толоруллубат, биэнсийэ пуондата барытын бэйэтэ толорон ыытыаҕа. Биэнсийэлээхтэр тустаах көмөнү бүгүҥҥүттэн  ылан барыахтара. Саха сиригэр барыта 275  тыһыынчаттан тахса киһи ити көмө харчынан туһаныаҕа. Биэнсийэ пуондатыттан  Саха сиригэр  тустаах сыалга барыта  2,7 млрд. солкуобай көрүлүннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0