Бүгүҥҥүнэн докумуону тутан бүттүлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥүнэн, атырдьах ыйын 15 күнүнэн, өрөспүүбүлүкэ Дьокуускай куоракка баар күнүскү орто үөрэхтэригэр докумуону тутан бүттүлэр.

edersaas.ru

СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, атырдьах ыйын 15 күнүнэн Дьокуускай куоракка баар күнүскү (очно) орто үөрэхтэргэ докумуону тутан бүттүлэр. Улуус тэрилтэлэригэр куонкурус салгыы барар.

Дойду Үөрэҕириигэ министиэристибэтин бирикээһигэр олоҕуран, миэстэ баар түгэнигэр сэтинньи 25 күнүгэр диэри тутуохтарын сөп. Докумуоҥҥутун https://edu.e-yakutia.ru порталынан ыытыаххытын сөп.

“Докумуону тутан бүппүттэрин, атырдьах ыйын 15 күнүн кэнниттэн барыллаан испииһэк тахсыаҕа. Ол кэнниттэн ким үөрэххэ киирбитэ (зачисление), киирбэтэҕэ биллиэҕэ. Болдьоҕо араас, онон абитуриеннар туттарсыбыт үөрэхтэрин тэрилтэлэрин саайтыгар көрөллөрө ирдэнэр”, — диэн үөрэх миниистирин орто үөрэххэ салаатын исписэлииһэ Полина Барахсанова быһаарда.

Санатан суруйдахха, Саха сиригэр барыта 41 орто үөрэх тэрилтэтэ баар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0