Бүгүн Улуу Кыайыы тойуксута Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 110 сыла

09.05.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн саха норуодунай поэта Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 110 сыла буолла.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап 1907 сыллаахха муус устар 26 күнүгэр (ыам ыйын 9 күнүгэр) Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1938 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын Сойууһугар киирбитэ. 1942 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединститут тылга уонна литератураҕа факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ.
Кини үгүс сыл бэчээккэ үлэлээбитэ. Ол курдук, “Кыым”, “Эдэр бассабыык”, “Бэлэм буол!” өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттарга суруналыыһынан, Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар эрэдээктэринэн, Саха араадьыйатыгар мусукаалынай-драматическай биэриилэргэ итиэннэ “Хотугу Сулус” альманахха кылаабынай эрэдээктэринэн айымньылаахтык үлэлээбитэ.
Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы быһыытынан саха литературатын сайдыытыгар үгүс кылаатын киллэрсибитэ.
Айар үлэһит, киэҥ уопсастыбаннай үлэни ыыппыта. В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап Саха сиринээҕи Эйэ көмүскэлин кэмитиэтин өр кэмҥэ салайбыта.

Кини айар үлэтин 1925 сыллаахха саҕалаабыта. Бастакы “Уһуктубут кыраайга” кинигэтэ 1932 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Күннүк Уурастыырап “Хомуньуус Сэмэнэ” — саха сэбиэскэй поэзиятын биир бөдөҥ айымньытынан буолар.
Күннүк Уурастыырап олоҥхоҕо биир бастакынан ылсан үлэлээбитэ, бэйэтэ бэркэ олоҥхолуура. Кини “Куоралдьын Кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма Бухатыыр” олоҥхону чөлүгэр түһэрэн, суруйбута.
Талааннаах суруйааччы Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар патриотическай тыыннаах хоһооннорун хомуурунньугун таһаартарбыта. Сэрии тиэмэтигэр “Хотугу кустук” поэмата эмиэ киэҥник биһирэнэр, бу айымньыга саха норуотуттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов — албан ааттаах буойун хорсун олоҕо кэпсэнэр.
1951 сыллаахха Күннүк Уурастыырап тыа сирин олоҕун кэпсиир “Ымыы уонна Налбыһах” эпическэй поэманы суруйбута. “Үчүгэй Үөдүйээн” хоһоонунан драмата, “Эйэ иһин”,о.д.а. пьесалара ааҕааччы, көрөөччү истиҥ биһирэбилин ылбыттара. Кини —“Ньургуһун уонна Лоокуут” опера либреттотын ааптара.
Саха норуодунай поэта Күннүк Уурастыырап биллиилээх классик-суруйааччылар А. Пушкин, Т.Шевченко, Дж. Джабаев, А.Сурков, Лебедев- Кумач, о.д.а. айымньыларын тылбаастаабыта.
Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап — “Үлэ Кыһыл Знамята”, “Доҕордоһуу”, “Бочуот Знага” уордьаннар кавалердара, Дьокуускай куорат Бочуоттаах гражданина.
Амма улууһун Эмис орто оскуолата Күннүк Уурастыырап аатын дьоһуннаахтык сүгэр, манна, дойдутугар, суруйааччы мусуой-дьиэтэ баар.
Айылҕаттан айдарыылаах саха поэтын үгүс хоһооно уостан түспэт ырыа буолан, күннэтэ ыллана тураллар, дьоҥҥо-норуокка үөрүүнү бэлэхтииллэр.

КЫАЙЫЫ КҮНЭ

Күннүк Уурастыырап

Күүппүт күммүт,
Күндү күммүт —
Өлбөт-сүппэт
Кэскиллэнэн,
Үөрүү-көтүү
Үктэллэнэн,
Кыайыы Күнэ
Бүгүн үүннэ.

Олох күнэ,
Уруй күнэ—
Норуоттарга эйэ, эрэл
Туругурар , дьоллоох,
Кэрэ Кыайыы Күнэ
Бүгүн үүннэ!

Үтүө күммүт,
Үрдүк күммүт—
Үйэ сааска өлбөөдүйбэт,
Өһөр диэни өрүү
Билбэт
Кыайыы Күнэ
Бүгүн үүннэ!

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0