Бүгүн – Тустуу аан дойдутааҕы күнэ. Саха бэйэтин бөҕөстөрүнэн киэн туттар

Ааптар: 
23.05.2017
Бөлөххө киир:

Киһи аймах тустууну былыр-былыгыттан сэҥээрэрэ, сөбүлүүрэ. Күүстээх тустууктар ааттара номох буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрэ. Олимпийскай оонньуулар үөдүйүүлэригэр тустуу спорт биир киэҥник тарҕаммыт көрүҥэ этэ.

Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

1904 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр Вена куоракка тустууга аан дойду бастакы чөмпүйэнээтэ ыытыллыбыта. Онон бу күн 2013 сылтан Тустуу аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр.

История быыһын сэгэтэн көрдөххө, ХХ үйэ саҥатыгар көҥүл тустуу күрэхтэһиитин ыытыы быраабылата бигэргэммитэ. 1904 сыллаахха Сент-Луиска (АХШ) ыытыллыбыт Олимпийскай оонньууларга хаһаайыттар туруорсууларынан тустуу аан маҥнайгытын Олимпиада бырагырааматыгар киллэриллибитэ. Ол да иһин буолуо, ССРС-ка ааспыт үйэ 40-с сылларын бүтүүлэригэр диэри спорт бу көрүҥэ “Америка көҥүл тустуута” диэн аатынан биллэрэ.

1912 сыллаахха тустууга күрэхтэһиилэри тэрийэр аан дойдутааҕы кэмитиэт тэриллибитэ. Ол кэлин, 1921 сыллаахтан, любителлэр тустууларын аан дойдутааҕы федерациятыгар — ФИЛА (FILA) — кубулуйбута. Күн бүгүн ФИЛА 146 дойдуттан көҥүл уонна греко-римскэй тустуу бэрэстэбиитэллэрин түмэр бөдөҥ уонна аптарытыаттаах тэрилтэнэн буолар. Сыллата сүүсчэкэ араас таһымнаах күрэхтэһиини тэрийэн ыытар. Федерация көҕүлээһининэн 1928 сылтан көҥүл тустууга Европа, оттон 1951 сылтан аан дойду чөмпүйэнээттэрэ буолаллар. Уолаттар (1969 с.), ыччаттар (1973 с.) ортолоругар аан дойдутааҕы түһүлгэлэр ыытыллыылара тустуу сайдыытыгар төһүү буолбуттара.

Саха сиригэр көҥүл тустуу сайдыыта 1956 сыл олунньу 24 күнүттэн ааҕыллар. Бу күн Саха АССР бастакы чөмпүйэнээтэ ыытыллыбыта, онно аҕыс улуустан, Дьокуускай куораттан 34 бөҕөс тустубута биллэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу сайдыытыгар спорт, физкультура салайааччылара, тустуу энтузиастара Николай Николаевич Тарскай, ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ Дмитрий Петрович Коркин, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ Николай Николаевич Волков улахан өҥөлөөхтөр.

1964 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыт РСФСР түһүлгэтигэр Алкивиад Иванов, Петр Алексеев, Альберт Захаров, Эдуард Гегеев кыһыл көмүс, Николай Гоголев, Алексей Ермолаев, Владимир Данилов үрүҥ көмүс, Николай Алексеев боруонса мэтээллэри ылбыттара. Онтон ыла саха тустууга оскуолатын иитиллээччилэрин ааттара Арассыыйа, Сэбиэскэй Сойуус бары муннуктарыгар иһиллэн барбыта.

1972 сыллаахха Мюнхеннааҕы Олимпийскай оонньууларга Роман Дмитриев Олимпиада историятыгар сахалартан бастакынан бэйэтин аатын кыһыл көмүс буукубанан суруйбута. Онтон түөрт сыл буолан баран, Монреаллааҕы Олимпиадаттан үс саха үөрүүтүгэр Дмитрий Петрович Коркин иитиллээччилэрэ – Павел Пинигин кыһыл көмүс, Роман Дмитриев уонна Александр Иванов – үрүҥ көмүс мэтээллэри күлүмүрдэтэн аҕалбыттара.

Саха дьоно чулуу бөҕөстөрүн умнубат. Василий Румянцев, Кирилл Григорьев, Дмитрий Данилов, Петр Гаврильев, Николай Гоголев, Максим Сибиряков, Петр Алексеев, Алкивиад Иванов, Альберт Захаров, Вячеслав Карпов, Петр Попов, Алексей Ермолаев, Семен Морфунов, Николай Неустроев, Владимир Радченко, Игорь Кудрявцев, Прокопий Шестаков, Гавриил Дмитриев, Николай Захаров, Илларион Федосеев, Семен Макаров, Григорий Христофоров, Василий Гоголев, Егор Алексеев, Петр Христофоров, Михаил Ноговицын, Василий Алексеев, Егор Борисов, Алексей Диодоров, Иннокентий Зырянов, Роман Цыпандин, Владимир Яковлев, Артур Константинов, Егор Старостин, Иннокентий Аянитов, Герман Контоев, Василий Стручков, Николай Яковлев, Петр Малардыров, Степан Сивцев, Валерий Керемясов, Михаил Протопопов, Владимир Торговкин, Артур Федоров, Петр Юмшанов, Егор Охлопков, Александр Контоев, Прокопий Петров уо.д.а. ааттарынан киэн туттар.

Кинилэр суолларын бүгүҥҥү күн тустууктара – аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, РФ алта төгүллээх чөмпүйүөнэ, бастакы Европейскай оонньуулар кыайылаахтара Виктор Лебедев, аан дойду боруонса призера, Европа үс төгүллээх призера Владислав Андреев, Азия чөмпүйүөнэ Айаал Лазарев, Арассыыйа түһүлгэтин кыайыылаахтара уонна призердара Егор Пономарев, Виктор Рассадин, Ньургун Скрябин, Ариан Тютрин, Вячеслав Ефремов уо.д.а. чиэстээхтик салгыыллар.

Саха сиригэр көҥүл тустуу спорт бастакы нүөмэрдээх көрүҥүнэн буолар. Тустуу салгыы сайдыытыгар далааһыннаах үлэ барар. Саха сиригэр дойду чөмпүйэнээттэрэ, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэһиилэр үрдүк таһымҥа ыытыллаллар.

Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0