Бүгүн түүн Саҥа сыл эргиирэ саҕаланар

21.12.2017
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһугар Саҥа сылы көрсүү сиэрин-туомун Сургуулук нэһилиэгиттэн саҕалыыр буолбуттара быйыл бэһис сыла. Бу тэрээһин саха Тымныы Оҕонньорун — Эһээ Дьылы кытта ситимнээх. Сахаттан бастакы уонна билиҥҥитэ соҕотох фантаст-суруйааччы, биология билимин дуоктара, ХИФУ профессора Гавриил Угаров-Эһээ Дьыл бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Сургуулукка төрөөбүтэ.

edersaas.ru


“Ахсынньы 21 күнүгэр Сир хотугу аҥаарыгар   күн муҥутуур кылгыыр, ол курдук Дьокуускайга бүгүн 5 чаас 8 мүнүүтэ эрэ быган ааһар. Аны бу түүн Сир хотугу аҥаарыгар астрономическай Саҥа сыл саҕаланар, ол аата Сир Күнү тула сыллааҕы эргиирэ бүтэн, саҥа эргиирин саҕалыыр”, — диэн быһаарар Гавриил Спиридонович. Биллэрин курдук, Сургуулук – Үөһээ Бүлүү улууһун уһук хоту сытар нэһилиэгэ, Өлөөннүүн быысаһар. Онон кини Эһээ Дьыл дэммитэ мээнэҕэ буолбатах.

Биир түөлбэлээхтэрэ, Сургуулук олохтоохторо, бу күн Г.С.Угаров төрөөбүт-үөскээбит дьиэтин тиэргэнигэр  Эһээ Дьыл Саҥа сыллааҕы улахан кутаатын уматаллар. Кыһыҥҥы хараҥаны сырдатар, халлааҥҥа тиийэ харбаһар төлөннөөх уот дьон-сэргэ санаатын көтөҕөр. Бу уот дьайтан ыраастыыр диэн өйдөбүллээхтэр. Ол иһин кутаа уотугар саҕаһа ииттэрэн, чугас аймах-билэ дьонноругар, атастарыгар-доҕотторугар бэлэхтииллэр. Кинилэр  Эһээ Дьыл Саҥа сыллааҕы кутаатын Саха сирин бары нэһилиэктэригэр, куораттарыгар уматан, дьон-сэргэ үөрүөн-көтүөн уонна   Саҥа сылы ыраас ис-тас эйгэлээх, сырдык санаалаах көрсөр буолуохтарын баҕараллар.

Сынньалаҥ киинигэр «Саха сиригэр Саҥа сыл Эһээ Дьыл дойдутуттан, Сургуулуктан, саҕаланар» диэн улуус таһымнаах дьаһал ыытыллара үгэскэ кубулуйда. Бүгүн күнүскү чэйтэн киэһэ түөлбэлэринэн тоҥ балыгы кыһыыга, уол оҕолорго “Тыалчаан” диэн куонкуруска нэһилиэк олохтоохторо уонна ыалдьыттар көхтөөхтүк кытта сылдьаллар. Киэһэ халлааҥҥа уоттаах фонариктары көтүтүөхтэрэ уонна бырааһынньыктааҕы фейерверк тэриллиэҕэ.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0