Быйыл сааскы күн тэҥнэһиитэ кулун тутар 20 күнүгэр түбэһэр. Ол эбэтэр, бүгүҥҥүттэн сырдык кэм хараҥаны кыайан барар, астрономическай саас саҕаланар. Күн эргиирэ соҕурууҥу полушариеттан хоту сыҕарыйар. Сир икки полушариета тэбис-тэҥҥэ сырдатыллаллар.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Күн тэҥнэһиитэ иккитэ: күһүн уонна саас буолар. Ол аата 12 чаас сырдык, 12 чаас хараҥа.
Былыр халандаар суох эрдэҕинэ, дьон күннэрин-дьылларын күн, ый хаамыытынан сирдэтинэллэрэ. Ол иһин сырдык-хараҥа тэҥнэһэр күннэрин, саамай кылгас уонна уһун күннэри аптаах, абылаҥнаах күүстээхтэр дии саныыллара. Элбэх норуот бу күннэргэ үрдүк күүстэргэ сүгүрүйэрэ, бырааһынньыктыыра.
Навруз диэн ислам итэҕэлин тутуһар үгүс норуоттар бырааһынньыктара. Индияҕа сааскы күн тэҥнэһиитин күнүгэр Холи бырааһынньыгын бэлиэтииллэр. Бу күн үөрэллэр-көтөллөр, араас өҥнөөх кыраасканан, уунан ысыһаллар. Славяннарга сир үлэтэ саҕаланар. Ираҥҥа уонна Афганистаҥҥа Саҥа дьылы бэлиэтииллэр.
Оттон астрологтар астрологическай сыл саҕаланыытын – күн Овен бэлиэтигэр киирэн, саҥа эргиир саҕаланарын бэлиэтииллэр.
Бу күн чугастааҕы 40 күн-дьыл туруга хайдах буолуон сылыктыыллара. Сарсыардаттан сылаас, тыала-кууһа суох буоллаҕына, халлаан сылыйбытынан барар, улаханнык тымныйбат.
Бүгүҥҥү ураты күҥҥэ кыыһырсыбакка, элбэхтик үөрүҥ-көтүҥ. Чахчы да үөрүүлээх эбээт, тымныы, хараҥа кыһыны этэҥҥэ туораабыппыт, сырдык, сылаас кэм эргийэрэ! Мантан саас саха киһитигэр үөрүүлээх түгэннэр өссө элбээн иһиэхтэрэ – туллуктар кэлиилэрэ, харалдьык тахсыыта, кулун төрөөһүнэ, ньургуһун үүнүүтэ, көтөр кынаттаах кэлиитэ, күөххэ үктэнии…
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru