Бүгүн сурдотылбаасчыттар күннэрэ

31.10.2019
Бөлөххө киир:

Сурдотылбаасчыт күнэ аан дойдуга 2003 сылтан истибэттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын киин бырабылыанньаларын көҕүлээһининэн баар буолбута.

edersaas.ru

Сурдотылбаас бастакы оскуолата Арассыыйаҕа өссө ХIХ үйэ саҥатыгар Павловскайга арыллыбыта. Истибэт оҕолору үөрэтэр уонна иитэр наадатын туһунан санааны императрица Мария Федоровна көҕүлээбитэ. Онон, Европа исписэлиистэрин, чуолаан французтары, ыҥыран барбыттара. Онон, кинилэр Арассыыйа сурдопедагогикатын төрүттээбиттэрэ диэн этиэххэ сөп.

Сорох чахчыларынан, хас биирдии тыһыынча тыла суох киһиэхэ 3 эрэ сурдотылбаасчыт тиксэр. Бу олох аҕыйах. Сыл аайы бу исписэлиистэр ахсааннара аҕыйаан иһэр. Оттон истибэттэр уопсастыбаларыгар тылбаасчыкка наадыйыы улаатар. Ким эрэ суукка, социальнай тэрилтэлэргэ, бырааска көрдөрөргө уо.д.а. наадыйар.
Тылбаасчыттар илиини, тарбахтары хамсатыы ньыматынан кэпсэтэллэр. Маннык тылынан аан дойдуга хас да мөлүйүөнүнэн киһи кэпсэтэр.
ХХI үйэҕэ сурдотылбаасчыт идэтэ үлэ ырыынагар биир саамай сэдэх, суолталаах уонна наадалаах идэнэн биллэр. Тоҕо диэтэххэ, сурдотылбаасчыттар нэһилиэнньэ бу араҥатын интэриэстэрин араас эйгэҕэ көмүскүүллэр.
Саха сиригэр мөлтөхтүк истэр уонна олох истибэт дьон ахсаана 1500-2000 халбаҥныыр. Төһө даҕаны тиэхиньикэ өттүнэн сайдыы барбытын иһин, кэккэ кыһалҕалар бааллар. Бастатан туран, илиинэн, тылынан кэпсэтэр исписэлиистэр, сурдотылбаасчыттар тиийбэттэр. Үөрэх, култуура тэрилтэлэригэр уонна уопсастыбаннай миэстэлэргэ субтитрдары экраҥҥа таһаарар анал тэриллэр суохтар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0