Бүгүн — ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүт күнэ
Бүгүн, ыам ыйын 5 күнүгэр, сэбиэскэй педагог, сахалартан собус-соҕотох ССРС норуодунай учуутала, ССРС норуотун үөрэхтээһинин туйгуна, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүт күнэ. Михаил Андреевич төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан «Саха сирэ» хаһыакка Людмила Попова 2017 сыллаахха суруйбут матырыйаалын бэчээттиибит.
Ыспыраапка
1936 с. – Дьокуускайдааҕы педагогическай техникуму бүтэрэр. Орто Халыма Родчевскайдааҕы 7 кылаастаах оскуолатыгар математика, физика учууталынан ананар.
1939 с. — Рязаннааҕы педагогическай институт физико-математическай факультетыгар үөрэнэ киирэр. Ити сыл аармыйаҕа ыҥырыллар. 99-с стрелковай дивизия 20-с сапернай батальонугар ананар.
1941 с. — Перемышль куорат анныгар сэриигэ сылдьан, билиэҥҥэ түбэһэр.
1942 с. — билиэнтэн куотан баран, таҥнарыахсыт диэн буруйданан, 10 сылга лааҕырга утаарыллар.
1956 с. — Хотугу Кавказ байыаннай уокуругун байыаннай трибуналынан үтүө аата-суола толору төннөрүллэр (реабилитацияланар).
1951-1955 с. — Дьокуускайдааҕы педагогическай институкка үөрэнэр.
1958 с. диэри – Үөһээ Бүлүү оройуонун Далыр орто оскуолатыгар үлэлиир.
1960 с. диэри – Горнай оройуонун Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар үлэлиир.
1960 с. — Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан орто оскуолаҕа учууталлыыр.
1966 с. — Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуолаҕа физико-математическай кылаастары арыйтарбыта
1974 с. — Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с №-дээх орто оскуола (билигин М.А.Алексеев аатынан гимназия) ССРС Норуотун үөрэҕириитин министиэристибэтин 1974 сыл балаҕан ыйын 12 күнүнээҕи уурааҕынан, физика, математика биридимиэттэрин чиҥэтэн үөрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола аатын ыларын ситиһэр.
Олоҕун олуга
Михаил Алексеев 1917 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр Бүлүү оройуонун Баппаҕай сэлиэнньэтигэр быстар дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ 6 саастааҕар оччотооҕу ыар олохтон утуу-субуу Орто дойдуттан барбыттара. 11 сааһыгар диэри ыалга саах күрдьээччинэн, суорунаҕа бурдук тардааччынан сылдьыбыта. Сэбиэккэ үлэлиир аймаҕа аһынан, ол ыалтан күрэтэн, Бүлүү оройуонун Дьөккөн нэһилиэгэр саҥа аһыллыбыт интэринээт-оскуолаҕа үөрэттэрэ ыытар. Онтон ыла үөрэх, билии киэҥ аартыгын аана аһыллар.
Бэйэтин кэмин урутуур көрүүлээх учуутал
Саха сиригэр аан маҥнайгынан физиканы, математиканы чиэҥэтэн үөрэтэр оскуоланы төрүттүүр, буолаары буолан, тыа сиригэр. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ физико-математическай хамсааһыны көҕүлээччи, 1960-с сылларга профильнай үөрэхтээһини киллэрбит учуутал быһыытынан күн бүгүҥҥэ диэри үрдүктүк сыаналанар. Тыа сирин учуутала саха оҕотун, ыччаты туочунай наукаларга, тиэхиньикэҕэ сыһыарар соругу ылыммыта. М.А.Алексеев ити идиэйэтин биллиилээх математик, механик, аан дойдуга тиийэ биллэр Новосибирскайдааҕы Научнай Киини тэрийэри көҕүлээбит академик Михаил Алексеевич Лаврентьев өйүүр. Новосибирскайдааҕы Судаарыстыбаннай университеты, Наукалар Академияларын Сибиирдээҕи салаатын, Москватааҕы Судаарыстыбаннай университет преподавателлэрин кытта сибээс олохтуур. Итиэннэ ырааҕы көрөр, киэҥи толкуйдуур буолан, төһө да үгүс уустуктары көрүстэр, ылыммыт соругун толорор. Математикаҕа Бүтүн Сибиирдээҕи олимпиада ыытылларын туруорсар. 1966 сыллаахха И.Н.Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи оскуолаҕа физико-математическай хайысхалаах кылааһы арыйар. Икки сылынан, 1968 сыллаахха Бүтүн Сибиирдээҕи олимпиада онно ыытыллар. Онтон 1974 сыллаахха Саха сиригэр аан маҥнайгынан Үөһээ Бүлүүгэ физика, математика биридимиэттэрин чиҥэтэн үөрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола арылларын ситиһэр. Ити саха норуотун үөрэҕин сайдыытыгар саҥа, сонун көстүү, инникигэ улахан хардыынан буолар.
Төрөппүт уолун ахтыыта
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр “Народный учитель Михаил Алексеев” кинигэ сүрэхтэниитин кэнниттэн, төрөппүт уолун, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй физикаҕа учуутала Михаил Михайлович Алексеевы көрсөн сэһэргэстим. «Аҕам сүүсчэкэ күн айаннаан, 1937 сыллаахха Халымаҕа тиийэр. Сылтан эрэ ордук кэм учууталлыыр. Онтон Райком сэкирэтээринэн үлэҕэ ылаллар. Оҕолорго ордук дириҥ билиини биэриэм диэн санааттан, 1939 сыллаахха үөрэнэ барар”, — диэн Михаил Михайлович кэпсээнин саҕалыыр.
Михаил Андреевич бэйэтин ахтыытыгар: “Орто Халымаҕа үлэлии сылдьан идэбин олус таптаабытым. Оҕолор үөрэххэ дьүккүөрдэрэ, кинилэр миэхэ сыһыаннара, олохтоохтор убаастабыллара миигин учуутал идэтин таларбар букатыннаахтык күһэйбиттэрэ. Онон миигин ССРС народнай учуутала буолар аартыкка киллэрбит Орто Халыма дьонугар олус махтанабын”, — диэн бэрт истиҥник санаан суруйбут.
“Үс сыллааҕыта төрдүө буолан, аҕам учуутал быһыытынан үлэтин саҕалаабыт Орто Халыма улууһугар экспедицияҕа баран кэлбиппит. Онно бирикээс кинигэтигэр суруллубутунан, 1937 сыллаахха оскуолаҕа үлэлии киирэр. Үөрэх чааһыгар сэбиэдиссэй, учуутал, иитээччи оруолун барытын соҕотоҕун толорбут. Үөрэнээччилэрэ бэйэтиттэн эрэ араа-бараа эбиттэр. Биэс хотугу улуустан оҕолору түмэн үөрэтэллэр эбит. Москватааҕы Судаарыстыбаннай университекка үөрэнэр баҕалаах эбит эрээри, Халыматтан маныаха диэри айана олус уһун буолан, хойутаан хаалар. Инньэ гынан, Рязаннааҕы педагогическай институт физико-математическай факультетыгар киирэр. Иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, булгуччулаах байыаннай эбээһинэһинэн, Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллар.
Билиэҥҥэ түбэһии
Сэрии бастакы ыйыгар дивизиялара “Зеленая Брама” диэн Украина ойууругар фашист төгүрүктээһинигэр түбэһэр. Ол сылдьан, ньиэмэс билиэнигэр түбэһэр. Сэриилэһэр сэптэрэ суох буолан, төгүрүктээһинтэн икки төгүл ыстыыгынан тахса сатаабыттара, кыаллыбатах. Михаил Андреевич манна икки сиринэн бааһырыыны ылар. Көмө көрдүүллэр да, кэлбэт. Оннук уонунан тыһыынча саллаат билиэҥҥэ түбэһэр. Кинилэр истэригэр Михаил Алексеев эмиэ баара. Саҥа тахсыбыт буруолуу сылдьар кинигэҕэ “Миигин биһиги батальоммут старшината Шипшинскэй диэн киһи, политрук этэ диэн тыллаан биэрбитэ. Немецтии уонна английскайдыы үчүгэйдик билэрбинэн туһанан, өлөр куттал тирээбитигэр: “Мин Владивостокка төрөөбүт японецпын уонна Сэбиэскэй Сойуус киһитэ буолан армияҕа ыҥырыллыбытым”, — диэбитим. Өлбөт быатыгар олоҕум устата биирдэ ол курдук сымыйалаабыттааҕым”, — диэн суруйбут.
Өйдөөбөтүннэр диэн ньиэмэстэр бэйэлэрин икки ардыларыгар английскай тылынан кэпсэтэллэр үһү. Оннооҕор улуу нуучча омугун бэйэлэригэр тэҥнээбэттэр эбит. Оттон саханы “Ничего себе, школа большевиков какая сильная. Они даже обезьяну научили говорить по-немецки” диллэр үһү. Ити туһунан уола Михаил Михайлович кэпсиир.
Умань куорат лааҕырыгар күннэтэ сүүрбэччэ киһи хоргуйан өлөрө. Кини таас чоҕу куруустуурга сылдьан, күүһэ эстэн, охтон хаалбыт. Хата, ытан кэбиспэтэхтэр. “Он уже дошел, пусть лежит”, — диэн баран ааһа турбуттар. Инньэ гынан, түгэн көстүбүтүн мүччү туппат, куотар. Сайыны быһа сордонон, бэйэтин дьонун Хотугу Кавказ Шаумянскай станциятыгар, атаҕар нэһиилэ уйуттар киһи булар. Ол эрээри, үспүйүөҥҥүн диэн маҥнай ытарга ууран баран, 10 сыл лааҕырга олорон боруостуурунан солбуйбуттар. Ол курдук, хаарыаннаах 10 сыла Туруханскай, Унжинскай, Енисейскэй лааҕырдарга ааһар. Дойдутугар 1952 сыллаахха кэлэр.
“Улахан дорообо”
— Аҕам дойдутугар кэлэн баран доҕорун, сэрии Дьоруойун Николай Кондакову булар. Кини көмөтүнэн уонна Михаил Алексеевич Алексеев диэн Саха Сударыстыбаннай университетын преподавателэ: “Үөрэххэ ылбаппыт диэн ханнык даҕаны ыстатыйа суох. Онон ылыахха” — диэн өйөөн, манна, Дьокуускайга үөрэххэ киирэр. Тулаайах буолан харчыта суоҕа. Инньэ гынан, ыалга олорон үлэлии-үлэлии үөрэнэрэ. Олус кылгастык утуйара эбитэ үһү. Ол да буоллар, барытыгар биэс сыанаҕа үөрэммит. “Үөрэҕин бүтэрээтин кытта норуот өстөөҕүн дойду түгэҕэр ыытыахха”, — дэһэллэр. “Оччотугар иккис исписээннэспинэн мас кэрдэбин”, — диир. Үөһээ Бүлүү Далырыгар ыыталларыгар сөбүлэһэр. Онно ийэбин көрсөн ыал буолар. Далырга маҥнай тиийэн баран “Дорооболоруҥ” — диэбитигэр, норуот өстөөҕө диэн ким да хоруйдаабатах. Ол эрээри, нөҥүө күнүгэр “Улахан дорообо” диэн хос аат иҥэрэллэр.
“Реабилитациялыырга”
“Үөһээ Бүлүүгэ мин төрүүбүн. Норуот өстөөҕүн курдук көрөллөрүн тохтоппотохторо, ол иһин оҕобун эмиэ норуот өстөөҕө диэхтэрэ диэн: «Буруйа суох этим. Манна норуот өстөөҕө диэн туораталлар, сөбүлээбэттэр” — диэн сурук суруйар. Сотору кэминэн “За отсутствием состава преступления, полностью реабилитировать” итиэннэ 10 сыл хаайыыга сыппыт сылларын үлэ ыстааһын быһыытынан ааҕарга диэн сурук кэлэр. Реабилитацияланнаҕына хамнаһа үрдүүр уонна ким даҕаны норуот өстөөҕө диэн сирэй-харах анньыа суохтаах. Ол эрээри, дьон тыла тута тохтуу охсубатаҕа”, — диэн уола ахтар.
Михаил Андреевич санаатын түһэрбэт. Төһө да үгүс уустуктары көрүстэр, сыалын-соругун ситэр – маҥнай физика, математика хайысхалаах кылааһы, онтон бүтүн оскуоланы арыйар.
Интэринээттэн биир түгэн
— Николай Алексеевич Кондаков биһиэхэ Үөһээ Бүлүүгэ кэлэ сылдьааччы. Биирдэ, аҕаҥ оҕо эрдэҕиттэн дьикти киһи этэ диэн кэпсээбиттээх. “Хайдах” диэн туоһуласпыппар кэпсээбитэ. Алта сааһыттан тулаайах хаалан, ыалга үлэлиир. Бачыыҥка уонна кинигэ ылыныам этэ диэн харчы мунньар эбит. Биир оҕо килиэккэҕэ чыычааҕы хаайа сылдьарын көрбүт уонна «миэхэ аҕал» диэн көрдөспүт. Уол биэрбэтэҕин иһин, мунньубут харчытынан атыыласпыт. Оҕо барыта оонньуо диэн кэтэспиттэр эрээри, чыычааҕы килиэккэтин арыйан, көтүтэн кэбиспит. Ити Дьөккөҥҥө интэринээккэ үөрэнэр кэмнэригэр, 11-12 саастааҕар эбит. Аҕам көҥүлү ол курдук кыратыттан улаханнык сыаналыыр эбит.
Аҕа быһыытынан олус сымнаҕас этэ. Оҕолору олус сөбүлүүрэ, куруук төбөлөрүттэн имэрийэ, сыллыы сылдьара. Ордук кыра кыыһын Дашаны. Ол да буоллар, олус атаахтаппатах быһыылаах. Дьон тэҥинэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Арааһа, кэлин өйдөөтөхпүнэ, ийэтэ, аҕата эрдэ өлөн, кинилэртэн ылбатах тапталын оҕолоругар иҥэрэрэ быһыылаах.
Түмүк
Михаил Андреевич Алексеев ити курдук эриирдээх-мускурдаах олоҕу олорбута. Бу күннэргэ кини туһунан бэчээккэ элбэхтик таҕыста, араас тэрээһиннэргэ даҕаны үгүстүк ахтылынна. Ол эрээри, мин бу кылгас суруйуубар кинини учуутал эрэ быһыытынан буолбакка, төһө даҕаны түһүүлээх-тахсыылаах олоҕу олордор күүстээх санаалааҕын, киһи быһыытынан сымнаҕас майгылааҕын итиэннэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр хайдах билиэҥҥэ түбэспитин, эрэйи көрбүтүн, арыый атын өттүттэн, бэйэтин уонна төрөппүт уолун хараҕынан арыйарга дьулустум.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru