ХХI үйэ уодаһыннаах ыарыытыттан хайдах харыстанар туһунан Дьокуускай к. 1 №-дээх поликлиникатын ыарыыны сэрэтиигэ отделениетын сэбиэдиссэйэ Ефросинья Дьячковская кэпсиир:
edersaas.ru
ВИЧ — киһи иммуннай систиэмэтин айгыратар вирус. Бу вирус атын сыстыганнаах ыарыылар сайдалларыгар тириэрдиэн сөп. Тоҕо диэтэххэ, иммуннай систиэмэ организмы ыалдьар микроорганизмнартан харыстыыр кыаҕын сүтэрэр.
ВИЧ-инфекциялаах киһи доруобай дьоҥҥо туох да кутталы аҕалбат микроорганизмнарга да ылларыгас буолан хаалар.
Инфекция хайдах сыстарый?
ВИЧ киһиттэн киһиэхэ бэриллэр. Инфекциялаах киһи хааныгар, сиэмэтигэр, ууһатар сириттэн тахсар ириҥэтигэр уонна эмиий үүтүгэр вирус элбэх ахсааннаах буолар. Онуоха аан бастаан ыарыы бэлиэлэрэ биллиэ суохтарын сөп. Үксүгэр киһи ВИЧ сыстыбытын уонна атын дьоҥҥо кутталы үөскэтэрин да билбэккэ сылдьар.
ВИЧ-инфекциятыгар доруобай киһи ыалдьыбыт киһи хааныттан, сиэмэтиттэн, ууһатар сириттэн тахсар ириҥэтиттэн уонна эмиий үүтүттэн сыстыан сөп. Бу биологическай убаҕастар тириигэ баар бааска, ууһатар уорганнарга уонна айахха баар буолуохтарын сөп.
«Кутталлаах бөлөх»
Соторутааҥа диэри ыарыыны тарҕатар кутталлаах сүрүн дьонунан гомосексуалистар буолаллара. Ол гынан баран, Арассыыйа кэнники 2-3 сыллааҕы статистиката көрдөрөрүнэн, ВИЧ-инфекциятыгар сыстар куттал тымырынан наркотигы киллэринээччилэр уонна проституткалар ортолоругар ордук элбэх.
Туохтан сыстарый?
Хаантан:
ВИЧ-инфекциялаах хаан атын киһи хааныгар араастык киирэр:
— ВИЧ-инфекциялаах хааны кутарга. Билигин Арассыыйаҕа атын киһиэхэ кутуллар хааны ВИЧ антителлааҕын бэрэбиэркэлиир тест оҥоһуллар. Ол гынан баран, инфекция киирбитин кэннэ бэл, 3-6 ый устатыгар донор хааныгар вирус антителата өссө биллибэтин санатабын;
— Наркоманнар уопсай иҥнэни, испирииһи уо.д.а. матырыйааллары туттар кэмнэригэр;
— Ийэ оҕо күүтэр уонна төрүүр кэмигэр ыарыһах хааныттан инфекция киирдэҕинэ.
Сиэмэттэн:
Дьахтардаах эр киһи сылдьыһар кэмнэригэр харыстанар эрэһиинэни (презервативы) туһамматахтарына;
Ийэ үүтүттэн:
Сыстар куттал инфекциялаах хааны, сиэмэни, ууһатар сиртэн тахсар ириҥэни уонна ийэ үүтүн кытары хантаактастахха эрэ үөскүүр. Инфекция ыалдьыбыт киһи иигэр, хойуутугар, хотуотугар, сырааныгар, хараҕын уутугар уонна көлөһүнүгэр (аҕыйах да буоллар) эмиэ баар, ол эрээри, сыстар куттала суох.
Маннык түгэннэргэ сыстыбат:
Илии тутуһарга, уураһарга, массааска, биир ороҥҥо сытарга, биир ыстакаантан иһэргэ. Унитазка олордоххо, сөтөллөргө, ытырдарга уонна кумаар ытырарыгар эмиэ сыстар куттал суох.
Инфекция туох дьайыыны оҥороруй?
Киһи вируска сыһынна да, СПИД-тээх буолбатах. СПИД биллиэр диэри үксүгэр ортотунан 10-12 сыл ааһар.
Киһи бастаан тугу да сэрэйиэ суоҕун сөп.
Ханнык да бэлиэ киһини сэрэхэдиппэт. Ардыгар сыстыы кэнниттэн хас да нэдиэлэнэн гириибкэ майгынныыр турук үөскүөн сөп (киһи кыраадыһа үрдүүр, тириигэ ымынахтар тахсаллар, былчархайдара улаатар, сыптарыйар). Киһи ыалдьыбытын билбэт кэмэ ыарыы кистэлэҥ (латентнай) түһүмэҕинэн ааттанар.
Ол да буоллар, организмҥа уларыйыы барар. Ыарыыны көбүтээччи, ол иһигэр ВИЧ, организмҥа киирдэҕинэ, иммуннай систиэмэ иммуннай эппиэти биэрэр. Ол эбэтэр, ыарыыны көбүтээччини ыраастыы сатыыр. Онуоха иммуннай систиэмэ антителлары оҥорор. Антителлар ыарыыны көбүтээччини сибээстииллэр уонна суох оҥорорго көмөлөһөллөр. Ону таһынан хаан анал үрүҥ килиэккэлэрэ (лимфоциттар) ыарыыны үөскэтээччилэри утары охсуһууну саҕалыыллар. Ити, хомойуох иһин, ВИЧ утары охсуһарга тутах – иммуннай систиэмэ ВИЧ инфекциятын суох оҥорор кыаҕа суох. Инфекция сыыйа-баайа иммуннай систиэмэни кэбирэтэр.
Тест оҥоһуллар
ВИЧ-тест диэн антителлар баалларын быһаарар хаан анаалыһа ааттанар. Хаан анал анаалыһыгар быһаарыллар. Антителлар бааллара киһи ВИЧ-кэ сыстыбытын бигэргэтэллэр. Ол гынан баран, антителлар хааҥҥа инфекцияҕа сыстыы 3-6 ыйын эрэ кэнниттэн булуллуохтарын сөп. Ол иһин, ыалдьыбыта хас да ый буолбут киһи хаанын анаалыһын түмүгэ «отрицательнайы» көрдөрүөн сөп.
Эмтэнии
Эмтэнии көмөтүнэн СПИД сайдарын бытаардыахха эбэтэр олох да эмтээн кэбиһиэххэ сөп. Кэмигэр саҕаламмыт эмтэнии киһи өр доруобай сылдьарыгар көмөлөһөр, атын инфекциялар уонна искэн үөскүүрүн бопсор.
Ыарыыны сэрэтии:
— Биир эрэ киһилиин сылдьыс;
— Үчүгэйдик билбэт киһигин, проституткалары, наркоманнары кытары сылдьыһыма;
— Бөлөҕүнэн сылдьыһыыга кыттыһыма;
— Харыстанар эрэһиинэлээх буол;
— Атын киһи ыстакаанын, бириитибэтин, тиис суунар щеткатын туттума;
— Тииһи эмтиир, гинеколог, косметолог уо.д.а. исписэлиистэр биирдэ эрэ туһаныллар инструменнары тутталларын туруорус.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru