“Пушкины туруорартан ордук туох баар буолуой?!”.
Славян омук сырдатааччыларын, сибэтиэй Кириллы уонна Мефодийы өйдүүр-саныыр Славянскай сурук-бичик уонна култуура күнүн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бырааһынньыктыы бэлиэтээһини көҕүлээччилэринэн, бастатан туран, сэбиэскэй уонна Российскай бөдөҥ учуонай, филолог, наука доктора, профессор Николай Георгиевич Самсонов итиэннэ нуучча общинатын салайааччы Людмила Медведева буолбуттара. Билигин бу Күн, сыллата бэлиэтэнэр үтүө үгэс буолла.
Бүгүн, ыам ыйын 24 күнүгэр күнүс 16 чаастан Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын иннигэр “Живи и здравствуй, Русь святая!” диэн Славянскай сурук-бичик уонна култуура күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин ыытыллыаҕа.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Онон, дьэ билигин дьон-сэргэ болҕомтото барыта улуу нуучча тылыгар туһаайыллыбыт кэмигэр, этэргэ дылы, “великий, могучий русский язык” айар үлэлэрин биир саамай сүрүн инструменынан буолар, нуучча классикатын кытта күннэтэ алтыһар үрдүк аналлаах кэлэктиипкэ, чуолаан А.С.Пушкин аатынан Нуучча судаарыстыбаннай академическай тыйаатырыгар тиийэ сырыттым.
Александр Лобанов, А.С.Пушкин аатынан Нуучча судаарыстыбаннай академическай тыйаатырын дириэктэрэ:
—Биһиги статуспут – Академическай Нуучча драматическай тыйаатыра буоларбыт, ону сэргэ – улуу нуучча бэйиэтэ Александр Сергеевич Пушкин аатын сүгэрбит, бу барыта, көрөөччүлэрбитигэр анаан нуучча классиктарын айымньыларын туруоран, көрөр-истэр кыаҕы биэрэрбитигэр эбээһинэстиир.
Билиҥҥитэ, куһаҕана суохтук иһэбит диэх кэриҥнээхпин. Манна, көрдөрүү, кэпсээһин эрэ буолбатах, саамай сүрүнэ – ааптар санаатын, толкуйун көрөөччүгэ тиэрдии буолар. Онуоха холобурунан, бу бүгүҥҥү репертуарбытыттан Александр Пушкин “Капитанская дочка” испэктээги эрэллээхтик ааттыахха сөп. Режиссер Андрей Борисов, Пушкины хрестоматийнайдык туруоруохпут, диэн тута эппитэ. Ол түмүгэ үчүгэй буолла. Көрөөччү кэлэр. Үөрүөхпүт иһин – үксэ эдэр дьон. Устудьуоннар, үрдүкү кылаастар үөрэнээччилэрэ, үлэһит ыччат. Манна даҕатан эттэхпинэ, өссө Михаил Ефимович Николаев эрдэҕиттэн, биһиэхэ ыччаттарга 50 бырыһыаннаах чэпчэтии баар. Орто көлүөнэ, аҕа көлүөнэ – тыйаатырга мэлдьи сылдьар, бастайааннай көрөөччү эмиэ, биллэн турар, баар.
Первоисточниктарга баар тыл дэгэтин барытын көрөөччүгэ тиэрдэргэ дьулуһабыт. Холобур, Антон Павлович Чехов “Вишневай садын” да ылыахха — көрөөччү өйдөөн истэр буолуохтаах – тиэкис оригинала, дьиҥ суруллубутунан толору бэриллэр. “Верочка” испэктээкилбит, эмиэ Чехов кэпсээнинэн, улахан ситиһиилээхтик барбыта, хас даҕаны бэстибээл лауреата. Онуоха, ситиһии биир төрүөтүнэн, артыыстар оонньууларын таһынан, чуолаан, испэктээкил тыла-өһө, оригиналтан туораабатах буолан, табыллыбытын ааттыыбын. “Вишневай сад”, кэлэктииби ити ситиһии кынаттаан, туруорулунна, диэххэ сөп.
—Чуолаан бу, Славянскай сурук-бичик уонна култуура күнүгэр анаан тугу көрдөрөҕүт?
—Икки күн устата “Очи черные” көрдөрөбүт – Александр Куприн “Яма” сэһэнинэн. Бэрт интэриэһинэй айымньы. Бэйэтин кэмигэр цензура бобо да сылдьыбыта бу айымньы туһунан үгүһү этэр. Эрдэтээҥи туруоруулартан уратылаах. Мин МХАТ устуудьуйа-оскуола филиалын бүтэрэрбэр дипломнай үлэм чуолаан бу айымньынан этэ… Муусукаалынай туруоруу, элбэх хореографиялаах. Диалогтара, уота-күөһэ – барыта уратылаах. Итиэннэ көрөөччү тыыннаах муусуканы истэрэ эмиэ улахан суолталаах дии саныыбын.
—Оттон Максим Горькай үбүлүөйдээх сылын хайдах көрсүөххүтүй?
—“На дне” буоллаҕа дии! Кэлэр сезоҥҥа туруоруохпут. Тоҕо диэтэххэ, бу биһиги төрүт айымньыбыт, чуолаан бу испэктээги туруоруунан биһиги тыйаатырбыт аан бастаан аһыллыбыта. Оттон 20-чэ сыллааҕыта режиссер Г. Нестер туруоруутугар мин манна Васька Пепел оруолун оонньоон турабын. Онон, үгэстэр тутуһуллаллар, үлэ салҕанан бара турар…
—Нуучча тыйаатыра биэс сыллааҕыта, Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 380 сылынан, Москваҕа “Созвездие Марии” премьератын бэрт ситиһиилээхтик көрдөрөн турар, оттон быйыл, 385 сылга хайдаҕый?
—Даа, “Созвездие Марии” суруйааччы Владимир Федоров айымньытынан, Андрей Борисов туруоруутугар, улахан ситиһиилэммитэ, билигин салгыы киинэ уһуллубутун билэҕит. Быйыл буоллаҕына, Святитель Иннокентий туһунан туруорууну бэлэмнии сылдьабыт. Режиссер Андрей Саввич Борисов. Ахсынньыга Москваҕа премьералаан баран, салгыы манна, дьиэбитигэр көрдөрүөхпүт.
—Эһиги бэс ыйын 6 күнүгэр – Александр Пушкин төрөөбүт күнүгэр наһаа үчүгэй үгэстээххит – Пушкин пааматынньыгын аттыгар хоһоон ааҕар…
— Үтүө үгэс салҕанар. Быйыл эмиэ мустуохпут, Пушкиҥҥа тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруохпут. Хоһоон ааҕыллыа. Уонна, биллэн турар, “Капитанская дочка” испэктээги дьоҥҥо-норуокка көрдөрүҥ диэн Таҥара бэйэтэ этэр… Төрөөбүт күнүгэр Пушкин айымньытын туруорартан ордук туох баар буолуой?!
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru