Cэмэн Уруукап дьээбэтинньигэ

05.12.2017
Бөлөххө киир:

“Саас ыраатта, олох кытаатта, эстии улаатта… Бэйэм кинигэм тахсыбатаҕа оруобуна уон сыл буолла, ол суруйбакка-айбакка олорбуппуттан буолбатах – маны таһынан, хас да кинигэм бэчээттэнэргэ ханнык да эрэлэ суох остуолум дьааһыгар симиллэн сытар. Бу да кинигэм тахсар эрэ, суох эрэ – им-тим ыккардыгар…

edersaas.ru


Киһи олоҕо диэн аҥаардастыы дьоһун, боччумнаах эрэ өрүттээх буолбат – оонньуу-көр, элэк-хаадьы, дьээбэ-хообо, ол-бу араас даҕаны элбэх буоллаҕа. Атын сирдэргэ итиннэ олоччу анаммыт хаһыаттар, сурунааллар тахсаллар. Оттон биһиги соторутааҥҥа диэри – ыалдьыттары ханньааҕынан атаардылар диэри гыннахпытына, кыбыстан сирэйбит дьэс кыыһан баран, туох дииллэрэ буолла диэн өрө көрөр этибит, онуоха үөһэттэн кытаанах сөҥ саҥа иһиллэрэ: “Сатаммат! Ханньааҕы кефиринэн солбуйуҥ!” – диэн. Билигин ону баҕас холкутаттылар. Ол иһин мин “Туймаада” хаһыакка “Дьээбэтинньик” диэн рубриканы аһыахха диэбиппэр, сөбүлэспиттэрэ. Онон, бу кинигэбин эмиэ инньэ диэн ааттаатым.

Мин өйдүүрбүнэн, саха поэттара урут маннык кинигэлэри таһаартара иликтэрэ. Оттон атын омуктарга, холобур, нууччаларга, баар буолааччы: Сергей Смирнов “Добро пожаловать”, Эмиль Кроткай, о.д.а. кинигэлэрэ. Дьиҥинэн, Моисей Ефимов, Рафаэль Баҕатаайыскай, Николай Босиков, Николай Рыкунов курдук саха поэттара маннык “дьээбэтинньик” кинигэлэри таһаартарар кыахтаахтар этэ. Ол эрээри, былыргы классицизм теорията “үрдүк” уонна “алын” жанрдар диэн араарыытын сабыдыала кэм да тыыннаах быһыылаах. Ол сиэринэн, сорохтор манна киирбит көрү-күлүүнү, анабыллары солуута, дьоһуна (серьезнайа) суохтар диэн хомнуохтара, баҕар. Көҥүллэрэ. Ол гынан баран этиэм этэ: олох ханнык баҕарар  көстүүтүн хоһуйуохха сөп. Былыргы поэттар хоһооннорун үксүлэрэ дьоҥҥо анабыл быһыытынан айаллара. Ломоносовы, Державины ылан көрүҥ. Пушкиҥҥа да элбэх. Оттон нуучча улуу лиригэ А.А.Фет тыыннааҕар таһаартарбыт биир кинигэтин аахпытым, онно дьоҥҥо анаммыт хоһооннор, эпиграммалар, экспромнар, ол иһигэр ыраахтааҕы үгүс аймахтара төрөөбүт күннэригэр эҥин анаммыт суруйуулар наһаа элбэхтэр этэ да – олор кинигэни буорту гыммыттар дии санаабатаҕым, хата, төттөрүтүн, үгүс өттүнэн киэргэппиттэр, ааҕааччыга ордук чугас оҥорбуттар этэ дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, олох ити эйгэтигэр поэт бэйэтин сыһыанын, санаатын этэр, онтон ааҕааччы туһаныан сөп. Мин, холобура, сыбаайбаны алҕаабыт эбэтэр хайа эмэ түбэҕэ биитэр киһиэхэ анаабыт хоһооннорбуттан сөптөөҕүн көрөн дьоннор туһаммыт, өйдөөн хаалбыт буолааччылар.

Иккиһинэн, төрөөбүт тыл араас дэгэтин билэргэ тылы имитэн-хомутан, араастык мускуйан туттар туһалаах буолар. Инньэ гыннахха, Күннүк Уурастыырап олус сөбүлүүрэ уонна бэйэтэ үрдүк маастар этэ.

Өссө биири бэлиэтиэм этэ – көргө-күлүүгэ пародияны атын омуктар олус бэркэ тутталлар, биһиэхэ ити аанньа сайдыбат.

… Түмүктүүр кэриэтэ эттэххэ, бу кинигэҕэ киллэрбит суруйууларым – мин тус бэйэм көрүүм-истиим, олоххо уонна дьоҥҥо сыһыаным буолаллар. Онон итэҕэстээх-быһаҕастаах, сиппэтэх-хоппотох да буоллахтарына, ол аата иччилэрэ эмиэ итинник эбит буоллаҕа диэн өйдүүргүтүгэр тиийэҕит. Хайа да суруйааччы онно суоҕунан тупса да сатаабакка, наһаа түһэринэн ньырамсыйа да барбакка – хайдах баарынан, бэйэтэ бэйэтинэн эрэ биллэ-көстө сатыырга дьулуһара омнуоланыа суохтаах дии саныыбын.

(СӨ норуодунай суруйааччыта Сэмэн Руфов 1998 с. “Бичик” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Дьээбэтинньик” диэн кинигэтиттэн).

Николай Габышевка:

Сарсыардааҥы сахсаан,

Киэһээҥи сүпсээн –

Сүүнэ ахсаан:

Сүүс кэпсээн”.

П.Тобуруокапка, Р.Баҕатаайыскайга:

Бүөтүр, Рафаэль буолан

Саха сирин икки дуолан

Поэттара саҥа тыллар

Эдэрдэри куттууллар:

Хоһоону айыы диэн сүрдээх

Ыарахан хара үлэлээх…

Тоҕойдоруом, суруйумаҥ,

Холоно да сорунумаҥ”.

Сэмэн Тумакка:

Чурапчы көстөр

Туманы курдат..

Дьэ, өтөр-өтөр

Эн, Сэмэн Тумат,

Сүргэни көтөҕөр

Хоһооҥҥун умат!”

Дапсыга:

Үгүс тыллыын хабырыһа

Үйэҥ тухары хабыдыһа,

Алҕаска да эммээлэ

Айдаарбатах Мэхээлэ –

Биһирэм тылыҥ модьуйа,

Биһиэхэ буолла – Судьуйа!

Илистэҥҥин, баҕар, хапсый –

Дьаҥсыйбыккын син биир дьаҥсый:

Саарбах тылы эн киэр садьый,

Хаарбах тылы туора сапсый,

Бөх-сыыс тылы илдьи сахсый,

Хобдох тылы умса дапсый!

Норуот үөһүттэн тахсыбыт,

Үөрэххэ хатан сайдыбыт,

Суруйар дьоннуун аахсыбыт,

Учуонай дьоннуун аалсыбыт

Дьоллоох буол, биһи Дапсыбыт,

Тыл ууһа – Кудай Бахсыбыт!”

ЫСПЫРААПКА:

Семен Титович РУФОВ – Саха норуодунай суруйааччыта, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Эрилик Эристиин аатынан, Казахстан “Алаш” литэрэтииринэй бириэмийэлэрин лауреата, Үөһээ Бүлүү уонна Орто Халыма улуустарын бочуоттаах олохтооҕо;

1927 с. ахсынньы 7 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар төрөөбүтэ;

Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар оскуола бибилэтиэкэҕэ салаатын уонна А.М.Горькай аатынан Литературнай институту бүтэрбитэ;

Эдэр коммунист” хаһыакка, “Хотугу сулус” сурунаалга поэзия сэбиэтин сэбиэдиссэйинэн, сүрүн эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ;

1959 с. “Кэл, олор, кэпсэтиэх” диэн хоһооннорун бастакы кинигэтэ тахсыбыта;

Талааннаах тылбаасчыт В.Шекспир сонеттарын, Ш.Руставели “Тигр таҥастаах бухатыыр” поэматын сахалыы саҥардыбыта;

88 сааһыгар А. Пушкин поэматын өйүттэн аахпытын дьон-сэргэ тэлэбиисэринэн көрөн сөхпүтэ-махтайбыта;

2016 с. кулун тутар 19 күнүгэр үлэ, айан үөһүгэр сылдьан күн сириттэн барбыта.

Надежда ЕГОРОВА,  «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0