Бүгүн – саха норуодунай суруйааччыта, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата В.С.Яковлев-Далан төрөөбүт күнэ.

01.04.2020
Бөлөххө киир:

ДАЛАН

ОЛОҔО УОННА АЙАР ҮЛЭТЭ

 (монографияттан быһа тардыы)

 Биллиилээх литературовед, филологическай наука дуоктара Дора Егоровна ВАСИЛЬЕВА (1938-2018) бу үлэтигэр саха норуодунай суруйааччыта Василий Семенович ЯКОВЛЕВ-ДАЛАН (1928-1996) олоҕун, олорон кэлбит историческай кэрдиис кэмин литературнай процеһы кытары ыкса сибээстиир уонна суруйааччы сүрүн айымньыларыгар саха норуотун өйүн-санаатын сайдыытын, быһыытын-майгытын, сиэрин-туомун хайдах ойуулаан көрдөрбүтүн ырытар. СӨ НА ГЧИ, РНА СС ССФ издательстволарыгар 1998, 2003 сс. кинигэнэн тахсыбыта.

  

КЫРДЬЫК КЫАЙАРЫН ТУҺУГАР

 Саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов 1995 сыллаахха таһаарбыт “Санаам туймуулара” диэн кинигэтигэр “Итэҕэл” диэн публицистическай хабааннаах бэлиэтээһин баар. Онно биһиги дойдубут бүгүҥҥү уонна ааспыт олоҕун туһунан кини бэрт ылыннарыылаахтык этэн хаалларбыт маннык строкалара бааллар: “Чахчыта да, сымыйа, албын тунуйуутунан биһигини баһыйар дойду бу күн сиригэр баара саарбах. Хааннаах диктатор тоталитарнай режимигэр тууйуллан олорон “биһиги дойдубут аан дойдуга саамай демократическай государство” диэн чоргуйарбыт… Саарбахтыыр санаа күөрэйээри гыннаҕына даҕаны, ону харса суох хам баттаан туран, хара күүспүтүнэн итэҕэйэрбит. Билигин онтукаларбыт… уонунан сыллар усталарыгар үрдүк таҥара оҥостон үҥпүт эмэгэттэрбит, албыннара арыллан, үнтү тэпсилиннилэр”…

…Сахалартан аан бастакынан социалистическай дэнэр государство дьиҥнээх сирэйин В.С.Яковлев-Далан бэйэтин автобиографическай “Дьылҕам миэнэ” арамааныгар ордук итэҕэтиилээхтик уонна арылхайдык арыйан көрдөрбүтэ.  Кини суруйарынан, “Саха сирэ оччоттон баччаҕа диэри төһө даҕаны сыылка, хаайыы — ГУЛАГ дойдута буоллар, олорон ааспыт олохпут күлүк өттүн сырдатары кытаанах бобуу биһиэхэ, сахаларга көҥүллээбэтэҕэ”.  1952 сыллаахха “Башарин дьыалатыгар” эриллэн хаайыыга киирэн, кинини оччотооҕу тутул күлүк өттүн ордук дьэҥкэтик өйдүүргэ, кырдьыктаахтык сыаналыырга олох бэйэтэ күһэйбитэ…

“Дьылҕам миэнэ”

Далан “Дьылҕам миэнэ” диэн айымньытын уус-ураннык суруллубут мемуар курдук сыаналыахха сөп буолуо.

Кини суруйар: “Оттон дойду үрдүнэн Сталин сэрии кэнниттэн нуучча норуотун туһугар тост көтөҕүөҕүттэн саҕаламмыт хайдах эрэ соччо өйдөммөт политика сылтан сыл улам күүһүрэн испитэ. 1946 сыллаахха А.Ахматованы, М.Зощенконы суруйааччы, киһи аатыттан аһарардыы кириитикэлиир уураахтар ылыллыбыттара… 1948 сыллаахха биологическай наукалары үлтү сыспыттара, морганистар-вейсманистар арыллыбыттара. Генетика, кибернетика, социология буржуазнай учуонайдар өйтөн була сатааһыннарынан ааҕыллыбыттара… Национальнай республикаларга националистары харса суох арыйыы бара турара, өссө күүһүрэн иһэрэ” (с. 439).

Оттон Саха сиригэр ити кэмҥэ “Башарин дьыалата” үөскээн тахсыбыта. Оччотооҕута Г.П. Башарин диэн эдэр учуонай, наука дуоктара салайан ыытар төрөөбүт кыраайы үөрэтэр куруһуогун истээччилэрэ — студеннар М.С.Иванов уонна В.С.Яковлев, эдэр суруйааччы А.И.Федоров хааллыбыттара… Ахтыы суруйааччы санаатын араас түһүмэхтэрин эридьиэстиир кыра-кыра кэпсээннэртэн таҥыллыбыт. Олор бары автор ис туругун, долгуйуутун, санаата оонньуурун, муҥатыйарын көрдөрөр ааттаахтар. Кинигэ “Түптүрдээх түрмэҕэ” диэн сорҕотугар Далан хааллаат, МГБ ис түрмэтэ диэн ааттаах сиргэ, ол дойду тимир тириилэрин кэппит, кэрээннэриттэн тахсыбыт следователлэрин кытаанах илиилэригэр түбэспитэ суруллар. Ис түрмэҕэ хоммут бастакы суостаах-суодаллаах, ынырык түүнүн, Филиппов диэн следователь “антисоветчиккын”, “националискын”, билин дии-дии дибдийбит дьулаан түүнүн туһунан. Следователлэр солбуйса сылдьан собус-соҕотох педагогическай институппутун националистическай тэрилтэ диэн дакаастаары, В.С.Яковлевы, М.С.Иванову, А.И.Федоровы күннэри-түүннэри доппуруостаан, бу антисоветскай националистическай тэрилтэни ким салайар диэн ыйытыыга хоруй көрдүүллэр эбит. Далан араас следователлэр—филипповтар, березовскайдар, немлихердэр доппуруостуур ньымаларын үйэ тухары умнубаттык өйдөөн хаалбыт. Кинилэр маатырылаан субуруталларын быыһыгар өрүү таптаан туттар тылларынан “следствие располагает точными данными”, “Билин, билинииҥ эн дьылҕаҕын чэпчэтиэ”, “Если враг не сдается, его уничтожают” диэннэр эбит. Ити уордаах, кырыктаах дьон туох да буруйа суох киһиэхэ кыыллыы сыһыаннаһаллара ис дьиҥэр Сталин кистэлэҥ ыйыытынан салайтаралларыттан тахсара… Далан МГБ органнарын үлэһиттэрэ ордук дьаныһан доппуруоһу түүн ыыталларын, оттон күнүс ончу утуппаттарын туһунан ааҕааччы эрэ долгуйуон курдук суруйар: “Утуйбатах, ыгыыттан-түүрдэрииттэн ыксаабыт киһи нэдиэлэ кэриҥинэн букатын аар-маар, түлэкэдийэ сылдьар буолан хаалар, кэнники дьылҕата хайдах буоларын да аахайбат, хайдах эмит гынан түбэспит аадыттан быыһанан, кыратык нуктуу, сынньана эрэ түспүт киһи диэн баҕарар эрэ… Оччоҕо киниэхэ куруубай физическэй да накаастааһыны-кырбаныыны, сордооһуну-муҥнааһыны туттар наада суох…” (с. 40).

Икки уот икки ардыгар…

Далан хаайыыга көрсүбүт дьоннорун ортотугар ньиэмэс полицайдара диэн ааттанааччылар бааллара. Бу Белоруссияттан, Украинаттан Арҕаа Германияҕа үлэҕэ барымаары дойдуларыгар хаалбыт эдэр дьон этилэр. Кинилэр ньиэмэстэргэ полицайынан сылдьыбыттара. Бу дьон туһунан сыта-тура толкуйдаан баран, суруйааччы маннык түмүк санааҕа кэлэр: “Аҕа дойду сэриитигэр икки уот икки ардыгар түбэһэн олохторо огдолуйбут холкуостаахтар муҥнаахтар эбит (с. 59). Ол курдук бу дьон НЭП кэннитгэн холкуоска киирэн хайдах курдук сүөһүтэ-аһа суох хоргуйбуттарын, аччыктаабыттарын туһунан кэпсииллэрэ Даланы итэҕэппит, долгуппут. Бу дьон туһунан кэпсиирин быыһыгар Далан Саха сиригэр бүрүүкээбит оччотооҕу олох-дьаһах, быһыы-майгы туһунан анализтаан көрөрүн умнубат. Холобура, кинигэ 55—56 сирэйдэригэр ааҕабыт: “Сталин режимэ ким да тугу да билбэт гына дойдуну түҥ хааһахха кубулуппута — туох барыта чып кистэлэҥ, кистэлэҥ үөһэ кистэлэҥ; ким да билбэт номерной заводтар, почтовай дьааһыктар, суоч-сымыйа карталар, кистэлэҥ генераллар, ученайдар; күн аайы көрөр олоххун — сыбыс-сымыйанан хаһыакка, радиоҕа суруйуу, дьиҥнээх кырдьык диэн туох буоларын ким да быһаарбат гына хараара муннарыы. Саха сиригэр тыа олохтоохторо оннооҕор саас-үйэ тухары олорбут бэйэлэрин сирдэригэр ханнык экспедициялар кэлэн тугу гыналларын, тугу чинчийэллэрин, булбуттарын, хостуулларын билбэтгэрэ” (с. 56). Ордук 40-50-с сыллардаахха өй-санаа муҥутуур буомтуйуута буолбутун туһунан суруйааччы маннык ахтар: “Сталин саҕана өй-санаа сүрүн күүһэ, норуот интеллектуальнай энергията идеологическай охсуһууга туһаайыллара. Ол курдук партийнай, государственнай аппарат дьону биир халыып, биир хайысха өйгө-санааҕа — марксистскай идеология диэн ааттаан, Сталины, кини режимын хайҕааһыҥҥа, арбааһыҥҥа, кини сөптөөҕүн дакаастааһыҥҥа иитэрэ (с. 6 8 ). Билигин олорор көлүөнэ ааспыт олоҕун анааран көрдөххө, кырдьык да, Далан этэрэ сөптөөҕөр, кырдьыктааҕар итэҕэйэҕин. Суруйааччы биһиги көлүөнэбит сайдыы өттүнэн тутаҕын, билии өттүнэн намыһаҕын маннык быһаарар: “Биһиги көлүөнэбит арҕааҥы дойдулар чулуу өйдөөхтөрүн үлэлэрин үөрэппэтэҕэ, билбэтэҕэ. Үрдүттэн буржуазнай диэн сапсыйан кэбиһэллэрэ. Биһиги көлүөнэбит үөрэппэтэҕэ уонна билбэтэҕэ билиҥҥи дойдулар муударай дьоннорун үөрэхтэрин: христианствоны, исламы, буддизмы. Билбэт этибит билиҥҥи философтар, экономистар үлэлэрин, социологияны, футурологияны, кибернетиканы… Аан дойду киһитин аймаҕын чулуу өйдөөхтөрүн өркөн өйдөрө биһиги көлүөнэбит сайдыытын таһыгар хаалбыта” (с. 69). Бу строкалары ааҕа олорон, хайдах да Даланы кытары сөбүлэспэт кыахпыт суох, кырдьык да, биһиги көлүөнэ элбэх да билииттэн-көрүүттэн, сырдыктан маппыт эбит, аҥардас марксизмы-ленинизмы үөрэтэн, аҥардас ону өрө тутан…

Оччотооҕу кэм салгына

 Далан кинигэтин биир сорҕото “Сталин Фемидата” диэн ааттаах. Суруйааччы айымньытын бу чааһыгар хайдах  национализмҥа балыллан буруйа суоҕар буруйдаммытын уонна уон сыл күлүүс хаайыытыгар, биэс сыл куолаһа быһыллан, уураахтаммытын туһунан аахпыт эрэ долгуйуон курдук суруйбут. Онно оччотооҕу кэм быһыыта-майгыта, бэл салгына кытта биллэргэ дылы: Орджоникидзе уулуссатыгар турар икки этээстээх мас дьиэ, “Черный ворон” диэн хаайыылаахтары таһар тимир массыына, саалаах конбуой. Бу суут туһунан Далан маннык кыһыйан-абаран ахтара: “Суут чахчы фарс этэ, ханнык эрэ мөкү спектаклы санатара. Ол да буоллар, биһиги суукка өстөөхтүү санаабыт суоҕун, нуучча норуотун абааһы көрбөппүтүн харса суох дакаастаһа сатаабыппыт. Кучин (судьуйа) ону истэ да барбат этэ. Кини Сталин режимэ үөскэппит, онон ол режими ис сүрэҕиттэн көмүскүүр судьуйалартан биирдэстэрэ быһыылааҕа” (с. 91)…

…Далан “Дьылҕам миэнэ” диэн кинигэтигэр репрессия суостаах-суодаллаах ыар тыынын, ону ыыппыт тоталитарнай систиэмэ, кини урдустарын сиэргэ баппат сидьиҥ быһыыларын сытыытык саралаабыта уонна саха норуотун олорон кэлбит историятын, кыратык даҕаны киэргэппэккэ, туох баарынан кырдьыктаахтык уонна дириҥ хорутуулаахтык арыйан көрдөрбүтэ. Ол иһин суруйааччы бу айымньыта араас омук тылынан тылбаастанан, киэҥ эйгэҕэ тахсыан, прогрессивнай киһи-аймах кини көнө сүрэхтээх, үлэһит, кэрэҕэ, сырдыкка, эйэҕэ дьулуурдаах төрөөбүт норуотун өйдүөн баҕарара.

                                                                                       1998 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0