Бүгүн — Саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов төрөөбүтэ 100 сыла!
Саха норуодунай бэйиэтэ, биллиилээх уопсастыбаннай деятелэ, М.Горькай аатынан РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, 17 сыл устата Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайбыт Семен Петрович Данилов бүгүн, кулун тутар 20 күнүгэр, төрөөбүтэ 100 сылын туолла.
Суруйааччы төрөөбүт улууһугар Горнайга буолар бүгүҥҥү үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева салайааччылаах дэлэгээссийэ кыттыыны ылар.
Кулун тутар 17 күнүгэр Дьокуускайга, Национальнай бибилэтиэкэҕэ “Сүрэх нарын иэйиитэ” диэн С.П.Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах истиҥ ахтыы киэһэтэ ыытылынна.
Оттон муус устар 21 күнүгэр киин куоракка саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов төрөөбүтэ 100, саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов төрөөбүтэ 95 сылларыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиннэр буолуохтара.
ТҮГЭННЭР СҮРЭХХЭ СЫТЫЫТЫК ТЫГАЛЛАР…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай бэйиэтэ Семен Петрович Данилов түһүүлээх-утарсыылаах 50-с сыллар мүһүлгэннэрин этинэн-хаанынан билбит киһи этэ. Ол да иһин буолуо дии саныыбын, саха литературатын историятын көмүскээһиҥҥэ уонна кини аатын-суолун үрдэтиигэ үрдүк суолталаах тэрээһиннэри төрүттээбит, саха литературатын көмүс кэмэ ситэн-хотон тахсарыгар ыллык суолу үктээбит сүҥкэн өҥөлөөх киһибитинэн буолар.
Билиҥҥи көлүөнэ суруйааччылар үгүспүт ол кэмнэрдээҕи тэрээһиннэргэ кыттыбыт, «Литературалар доҕордоһуулара – норуоттар доҕордоһуулара» дэбииһинэн ыытыллыбыт ССРС бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэрин литератураларын уонна искусстволарын Күннэрин кыттыылаахтарын үүннээх-тэһииннээх этиилэрин истибит, сэбиэскэй кэм чулуу суруйааччыларын көрөн-истэн хаалбыт сүдү дьоллоохпут. Олор биһиги үүнэр-сайдар хайысхаларбытын чиҥэппит буолуохтаахтар.
Семен Петрович Данилов миигин көрүстэр эрэ илиибиттэн, холум хамсыар диэри тардыалаан ылар үгэстээҕэ уонна: «Батыйа Баатыр, төһө бэркэ сылдьаҕын?» – диэн өрүү хаадьылаан, эйэ дэмнээхтик ыйыта тоһуйааччы. Кини Батыйа Боотур диирэ оруннааҕа, Болот Боотурдуун биир Хатылы буоллахпыт дии. Болоттоох киһи хайаан да хоннох аннынан сылдьар батыйалаах буолуохтааҕын этэр, онтун Болот быраата Батыйа Баатыр диэн өйдөбүлгэ көһөрбүтүгэр сөп.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Семен Петрович Данилов суруйааччы Василий Андреевич Протодьяконовы кытары сүбэлэһэннэр, П.А. Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга научнай сотруднигынан үлэҕэ ылбыттара. Ити биир түгэн. Иккис түгэн. Кини миигин Эдэр кириитиктэр Бүттүүн Сойуустааҕы семинардарыгар ыыппыта. Соторутааҕыта СГУ ИФФ саха салаатын үөрэнэн бүтэрбит киһини итинник улахан форумҥа кытыннарыы, биһиги аҕа саастаах суруйааччыларбыт эдэр дьоҥҥо кыһамньыларын көстүүтүнэн буолара, ити курдук үүннэрэр-сайыннарар баҕалаахтара. Ол мунньахпыт – Латвийскай ССР Юрмала диэн куоратын Дубулты куруордугар буолбута, биир ыйдаах семинар эбитэ этэ.
Ол семинарга үгүс үтүө дьону көрсүбүтүм. Олор ортолоругар Вадим Валерьевич Дементьев баара. Кини аҕата кириитик Валерий Дементьев семинарбыт үлэтин салайбыта, бэртээхэй лекциялары аахпыта. Онтон ыла Вадим Дементьевтыын – доҕордуубут. Кини Семен уонна Софрон Даниловтар тустарынан олус үтүө өйдөбүллээх, кинилэр тустарынан бэртээхэй ахтыылары, ыстатыйалары суруйталаата, биһиги кинини саха литературатын доҕорунан ааҕабыт.
* * *
Ити этэрбин, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун сорудаҕынан, Семен Петрович Данилов айымньыларын төрдүс кинигэтин оҥорорбор, өссө төгүл дириҥэтэн өйдөөтүм. Семен Петрович бу саҥа кинигэтин “Поэзия – өрүү арыллыбатаҕы арыйыы” диэн ааттаатыбыт. Таһаарыыны Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева киирии тылынан арыаллаатыбыт. Бу түмүүгэ Семен Данилов тыл этиилэрэ, дакылааттара, суоллааҕы бэлиэтээһиннэрэ, кинигэлэргэ суруйбут киирии тыллара, бэйиэттэр айымньыларыгар биэрбит сыанабыллаах ыстатыйалара киирдилэр. Онон диэн эттэххэ, бүгүҥҥү ааҕааччы тапталлаах бэйиэтин адьас атын хараҕынан көрөрүгэр, кини өйүн-санаатын хайысхаларын өйдүүрүгэр кыах бэрилиннэ диэн өйдөбүллээхпин.
Түгэннэр элбэҕи өйдөтөллөр-санаталлар. Литературнай музей дириэктэрэ В.А. Протодьяконов-Кулантай үлэҕэ ыларыгар: «Бакаа хайдах эмэ гынан устудьуоннар уопсайдарыгар олоро сатаа. Тугу эмэ толкуйдуохпут…», – диэтэ.
Мин Сэргэлээх 14-үс уопсай дьиэтин коменданыгар субуота аайы шампанскай кэһиилэнэн тиийэр идэлэнним. Соччонон болдьоҕум уһаан истэ. Ийэм, оҕонньоро өлөн, миэхэ тиийэн кэллэ. Кэргэмминээн Прасковья Гаврильевналыын үһүө буоллубут. Биир дьоҕус хоско симиллэн олордубут. Хаар түспүтүн кэннэ, сэтинньи ортотун диэки быһыылааҕа, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Семен Петрович Данилов биир күн ыҥыртаран ылла.
– Сэмэн, дьиэтэ-уота суох эрэйдэнэн эрдэххит. Доҕоор, кыһынын уу киирбэт, сайынын уу киирэр дьиэтэ баар. Онно ыалы кытары дьукаахтаһан олорон эриэххит этэ дуо? Дьиэ аата дьиэ буоллаҕа дии, – диэтэ Семен Петрович.
Атаҕым сири билбэт буола үөрдүм. Кутузов аатынан уулуссаҕа баар дьиэҕэ ол күн тиийэн олорордуу кэпсэттибит.
Ити курдук тэринэн, оттор мас булунан, сааскыга тиийдибит. Кэргэним Прасковья Тулагы Сыырдааҕар оҕуруокка үлэлиир. Муус устар бүтүүтэ биир күн үлэбиттэн эрдэлээн кэллим. Ааны аһа баттааппын кытары – уу халыс гына түстэ. Чымадааммыт дуома боруоктан иҥнэн, биэтэҥнии турар эбит. Онно: «Кыһынын уу киирбэт, сайын уу киирэр дьиэтэ баар. Онно олорон эриэххит этэ дуо?» – диэн Семен Петрович эппит тылларын өйдүү биэрдим.
Дьолго дьиэлээх хаһаайыным уу мотуорун булан оботторон абыраата. Кырдьаҕас бэйиэт киһи барахсан эдэр киһини өйөөн, аһынан-харыһыйан, санаатын түһэримээри, олорорго олус ыарахан усулуобуйалаах дьиэ буоларын билэ-билэ, ити курдук сахалыы номоҕоннук ыпсаран этэригэр тиийбит эбит.
Саха норуодунай бэйиэтигэр, М. Горькай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатыгар Семен Петрович Даниловка билигин даҕаны махтана саныыбын. Биһиги олох эрэйин-кыһалҕатын көрсүмэхтээбит аҕа көлүөнэ дьоммут ити курдук мындыр, муударай, аламаҕай этилэрэ.
* * *
Өйбүттэн-санаабыттан арахпат өссө биир түгэн баар.
Биир үтүө күн сарсыардатыгар Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлигэр Семен Петрович Даниловка киирэ сырыттым. Ити 1974 сыллаахха этэ. Хата, үлэтигэр баар эбит.
– Сэмэн, бу Дьуон Дьаҥылы талыллыбыт айымньыларын олус үчүгэйдик таһаарбыккын. Дьуон Дьаҥылы лиирикэтэ, бэйиэмэлэрэ бу курдук толорутук урут хаһан даҕаны бэчээттэнэн көрө иликтэр. Бу улахан кээмэйдээх таһаарыы, – диэбитэ Семен Петрович уонна астыммыттыы «Дьуон Дьаҥылы» диэн кинигэни остуол баһыгар уурбутун ылан эргим-ургум тутан көрдө.
Улахан бэйиэт киһи Дьуон Дьаҥылы сүүрбэ сыл буолан баран толору кээмэйинэн бэчээттэнэн тахсыбытыттан үөрбүтүн, астыммытын ити курдук биллэрэн турардаах.
* * *
– Сэмээн, кырдьаҕаскытын адьас иннигитигэр укта сылдьыҥ… Кэллэххитинэ биллээриҥ… – диэбитэ Семен Петрович саха олоҥхоһутун Прокопий Прокопьевич Ядрихинскайы-Бэдьээлэни Муома оройуонугар командировкаҕа ыытаары туран.
Ити сэтинньи ый бастакы күннэригэр этэ. Издательство үлэһитэ, суруйааччы Василий Архипович Тарабукин уонна мин Бэдьээлэни арыаллыыр буолбуппут. Командировкаҕа барыы бары дьаһалын Семен Петрович оччолорго литератураны пропагандалыыр бюро үлэтин салайар Николай Егорович Винокуровка-Урсуҥҥа этэн толорторбута.
Бу Семен Петрович Даниловы тиһэх көрсүһүүбүт буолуохтааҕын бары даҕаны сүрэхпит сэрэйээхтээбэтэҕэ. Муома оройуонугар нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ сылдьыбыппыт, ыраах нэһилиэктэргэ тиийтэлээбиппит. Кулун Өлбүт диэн бөһүөлэккэ кэлбиппитигэр, сэтинньи 27 күнүгэр, саха норуодунай бэйиэтэ Семен Петрович Данилов эмискэччи сүрэҕинэн ыалдьан бу олохтон барбытын туһунан кутурҕаннаах сураҕы иһитиннэрбиттэрэ.
Онуоха Бэдьээлэ кырдьаҕас:
– Миигин киһи гыммыт оҕом этэ… Саатар буоругар баттаспаппын дуо? – диэхтээбитэ.
– Бүгүн таһаарбыт буолуохтаахтар… – диэн олохтоохтор оргууйдук хардардылар.
Бэдьээлэ кырдьаҕас улаханнык хараастыбыта. Кырдьаҕас киһи хараҕын уута түһэрин көрөр олус ыарахан эбит этэ.
Ити курдук, биһиги тапталлаах бэйиэппит Семен Петрович Данилов тиһэх дьаһалын толорбут дьонунан буолан хаалбыппыт… Сэтинньи 27 күнүгэр 1978 сыллаахха Саха сирин үрдүнэн тилийэ көппүт кутурҕаннаах сурах биһигини Муома сиригэр-уотугар сиппитэ.
Түгэннэр сүрэххэ сытыытык тыгаллар… Семен Петрович Данилов туһунан кэриэстэбил, сылаас-сымнаҕас өйдөбүл буолар быраабы ити кылгас эрээри, сүрэххэ сытыытык тыгар түгэннэр ылаллар.
Семен Петрович Данилов чахчы улахан бэйиэт, бэртээхэй публицист, үтүөкэннээх тылбаасчыт, дьиҥ чахчы саха литературатын бары кыһалҕатын эр санаалаахтык сүксүбүт-көтөхсүбүт, Россия, Аан дойду таһымыгар биллэригэр-көстөрүгэр дьоһуннаах аартыктары солообут киһи этэ.
Сэмэн Тумат,
саха норуодунай суруйааччыта.
Ыстатыйа толору барыйаанын “Чолбон” сурунаал 3 N-гэр ааҕаарыҥ.