Бүгүн сэбиэскэй уонна российскай спорт номоххо киирбит спортсмена, 1972 сыллааҕы Мюнхеннааҕы Олимпиада көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, 1976 сыллааҕы Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуу үрүҥ көмүс призера, аан дойду уонна Европа чөмпүйүөнэ, ССРС түһүлгэтин алта төгүллээх кыайыылааҕа Роман Дмитриев төрөөбүтэ 71 сыла буолла.
Роман Дмитриев кулун тутар 7 күнүгэр Эдьигээн Бэстээҕэр күн сирин көрбүтэ.
Роман Дмитриев аата саха баарын тухары умнуллуо суоҕа. Кини курдук дьоннор өлбөттөр, норуот өйүгэр-санаатыгар өрүү тыыннаахтар. “Маҥнайгы чөмпүйүөн, ааны аспыт ким этэй?” диэн хайаан да ыйытыллыаҕа, онуоха бастакынан Роман Михайлович аата ааттаныаҕа. Кини эмискэ халлааны сырдатан уоттаах сулус суулларын кэриэтэ кылгас, чаҕылхай олоҕу олорон ааста. Саамай муударай айар-тутар сааһыгар тиийэн баран олохтон туораабыта хомолтолоох, аһыылаах.
Кини олоҕо бэйэтэ сулус курдук. Саха сирин биир түгэх улууһуттан сириэдийэн тахсан, олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойдуга тиийэ биллэр киһи буола үүммүтэ. Роман Михайлович тустууга киллэрбит кылаата муҥура суох. Элбэх ахсааннаах эдэр уолаттар кини курдук буолуохтарын баҕаран, спорт саалаларыгар, дыбарыастарыгар кэлбиттэрэ. Кини улахан таһымнаах тустуугун тэҥэ, айымньылаах үлэлээх тренер этэ. Сэбиэскэй Сойуус, Россия, Саха сирин элбэх талааннаах тустууктарын иитэн-такайан таһаарбыт үтүөлээх. Олоххо бэйэтин сыһыанынан эдэр ыччакка холобур буолбута. Аҥардас спордунан эрэ үлүһүйбэтэҕэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин, норуот дьокутаатын быһыытынан олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтигэр көмөлөспүтэ. Роман Михайлович спорка кыайыылара, олоххо ситиһиилэрэ историяҕа умнуллубаттык хаалан, биир дойдулаахтарын саҥа кыайыыларга сирдии турарыгар эрэл улахан.
Кырдьык, бэйэтин төрөөбүт дойдутун дьиҥнээх патриота. Кини бүтүн олоҕун саха норуота аан дойдуга аатырарын туһугар анаабыта диэтэххэ омуннааһын буолбата буолуо. Олимпийскай оонньуулар, аан дойду чөмпүйэнээттэрин көбүөрдэригэр тахсарыгар Роман Дмитриев хаһан баҕарар спорка хорсун быһыыны көрдөрөрө, эдэр спортсменнарга үтүө холобур буолара. Кини сырдык уобараһа куруук биһиги сүрэхпитигэр хаалыаҕа уонна спорка саҥа кыайыыларга ыҥыра, угуйа туруоҕа. Саха сирин уһулуччулаах уолун аатын үйэтитии салҕанан бара турар.
Петр ПАВЛОВ суруйуутуттан.