Бүгүн – Поэзия аан дойдутааҕы күнэ

21.03.2017
Бөлөххө киир:

Саха эдэр поэтессаларыттан биир чаҕылхайдарынан саха дорҕоонун тэтим тэһиинин ыһыктыбакка илдьэ сылдьар, сонун уобарастардаах, ырыа буолбут хоһооннордоох Зинаида Архипова буолар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Зинаида Архипова Амма улууһуттан төрүттээх. М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын суруналыыстыкаҕа салаатын 2003 с. бүтэрбитэ. Амма улууһугар телестудия режиссерунан, «Амма олоҕо» хаһыат, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ» хаһыат кэрэспэдьиэнинэн, Орто Халыма улууһун «Халыма долгуннара» хаһыатын эрэдээктэр-дириэктэринэн, «Түһүлгэ» чааһынай издательскай киин салайааччытынан үлэлээбитэ. Билигин — «Сахабэчээт» СӨ автономнай тэрилтэтэ таһаарар «Далбар Хотун» сурунаалын сүрүн эрэдээктэрэ. Икки кыыс оҕолоох.

Кини оскуола эрдэҕиттэн хоһоон суруйар. Айымньылара улуус хаһыатыттан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ үгүс сурунаалларыгар, хаһыаттарыгар тахсыбыттара. «Эн баар буолаар» хоһооннорун хомуурунньуга 2003 с. күн сирин көрбүтэ. 2010 сылтан «Тыл Кыһата» эдэр суруйааччылар айар холбоһуктарын «Тусаһа» поэтическай-музыкальнай салонун салайааччыта. 2014 сылтан Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

«Тугу эрэ дьиктини этэн-тыынан аастарбын…”

«Кэрэдэх үйэм кээнчэтэ

Элэйиэҕин иннинэ,

Кэхтэр кэмим кэҕэтэ

Кэлэҕэйдиэн иннинэ,

Сүгүн буолбат сүрэҕим

Сөбүлүүрүн саҕана,

Сүүтүк дьолбун сураһа

Сүтүктүүрүм саҕана,

Көҥүл куттаах чиҥ өйүм

Баһылыырын тухары,

Босхо бастаах буор кутум

Барыҥныырын тухары,

Өрөгөйдүүр өркөн өй

Куолутугар кыттыһа,

Ыйга ыттар баҕалаах

Куомуҥҥа ыксалаһа,

Үргүүк тыллар үөрдэрин

Күрүөлэрбэр күөйэммин,

Ахсым тыллар аттарын

Хаһааларбар хаайаммын,

Дорҕоон тэтим тэһиинин

Туомтуу тутан баайаммын,

Тугу эрэ дьиктини

Этэн-тыынан аастарбын…»

***

«Хаһан кэлэр сарсыҥҥыга

Хаарыан бэйэҕин хаһаанныҥ?

Күлүм гынар күндү кэмҥин

Хаппахчыларгар хатаатыҥ?

Хаһан? Хаһан кэлэр кэмҥэ

Олороору бэлэмнэнэ

Бүгүҥҥүгүттэн кэччэйдиҥ?

Дьолу сиэтиэххин сэрэнниҥ?

Хантан тохтор көмүс түгэн

Тосхойор күнүн көһүтэн

Этиллиэх тылы эппэтиҥ,

Тиийиэхтээх сиргэр тиийбэтиҥ…

Ыллаабакка, ытаабакка

Өлө-сүтэ таптаабакка,

«Сарсын, сарсын…» — Улуу Албын

Улук уутугар умсаҕын».

***

«Ханнык санаа сыарҕатын

Бүгүн эмиэ соһоҕун,

Одун халлаан кубулҕатын

Сорук-боллура буолаҕын?

Күүстээх санаа көтөрүн

Кынатыгар сөрөннүм,

Халыҥ харгыс халҕаһатын

Көҥү көтөн таҕыстым!

Быстах санаа оломун

Сатыы кэһэн туораатым,

Былаҕайга былдьыыр омун

Чычааһыттан сонньуйдум…

Саарбах санаам илимин

Хараҕыгар иҥинним,

Иирбэ-таарба толкуйдарым

Кыаһытыгар элэйдим…

Үлтүрүйбүт сүргэбин

Киэҥ көҕүспэр сүгэммин,

Эрэл санаам тымтыгынан

Сирдэтинэн иһэбин».

***

«Эрэнимэ, эрэнимэ

Эрэлгинэн кэлгинимэ,

Бэйэмсэх сүрэх быатынан

Айаҥҥар айа иитимэ.

Өйү итирдэр эмсэхтээх

Эрэл — кэтэһии эҥэрдээх,

Эрэл — кэлэйии энньэлээх,

Эрэл — эрэй энэлгэннээх.

Кимтэн эрэ дьолу ирдиир,

Тугу эрэ өрүү кэтиир,

Суоҕу суруур, күнү барыыр

Эрэл санааны кыаһылыыр.

Эрэммэт, күүппэт олохтоох —

Тыыннааҕыттан эрэ дьоллоох,

Дьоллоох, толору олохтоох

Көҥүл айана соргулаах!»

***

«Халлааныгым байбарылаах

Халадаайа халыйда,

Ыйдааныгым ылтаһынын

Ытарҕата ыйанна,

Үрүҥэчэй оҕуһунан

Үргэл суолун солоото,

Соноҕосчой сулусчааным

Сындыыстана оонньоото.

Хараҥаччы харахтарбар

Түүҥҥү халлаан умуста,

Сүрэхтэрдээх хара быарым

Тапталынан тубуста,

Санаакайым сарбынньаҕа

Сулустарга иилистэ,

Сырдык иэйии суһумунан

Киэҥ куйаардыын силбэстэ».

Хойутаабатах киһи…»

«Тугу да баҕарбат буоларга үөрэнэбин. Баҕатыйыы, ыраланыы — субу баартан астыммат буолуу түмүгэ. Дьиҥэр, киһиэхэ олох кыра наада курдук ээ, баара суоҕа тыыннаах сылдьыы. Тоҕо онтон сатаан дьолломмоппутуй? Тыыннаахпытыттан. Умнан кэбиһэбит быһыылаах. Баҕабытын ханнарар сырсыыга, куоталаһыыга, ис хоһооно суох көрүнньүк күлүмүрдээһиҥҥэ… Хаһан кэлэн санатыахтарыгар, өйдөтүөхтэригэр диэри. Мин элбэх хойутаан өйдөммүттэри билэбин. Хойутаабатах киһи…” (З.Архипова кичэм санааларыттан).

Владимир Берязев нууччалыы саҥардыбыта

Зинаида Архипова 2015 с. Томскайга Урал, Сибиир уонна Уһук Илин эдэр суруйааччыларын мунньаҕар кыттыбыта. Национальнай өрөспүүбүлүкэлэртэн соҕотох кэлбит бэйиэти бэйэтин омугун тыынын илдьэ сылдьар хоһооннордооҕун сэргээбиттэрэ, сэҥээрбиттэрэ. Бэйиэт, эссеист, тылбаасчыт, публицист, литэрэтиирэ деятелэ Владимир Берязев З.Архипова биир хоһоонун тута нууччалыы тылбаастаабыта.

«Задолжала мне волю Судьбина…

Как взлетела бы я, причитая, 

На пустынный простор небосвода,

Что померк,

Но слабы мои крылья.

Прислонившись к стене обветшалой

Дома нищего, дома родного,

Как рыдала бы я, как молилась…

Но подгнили венцы.

На ретивом гнедом бы помчалась

По зеленому аласу-лугу

Точно ветер цветочно-весенний…

Только воля моя стеснена.

Где вы Айыы, родимые боги,

Обернусь к вам за благословеньем,

Попрошу и тепло, и сердечно…

Только связи рассыпались во прах.

И теперь — ни надежды, ни страха.

Перед кем я стою молчаливо?

В голове Думы мукой трепещут

Боли сердце сжимают мое.

Но — лечу! Но в упорстве жестоком,

На рожон, стрел колчак приторочив!

Ты отдай мне мое безраздельно,

Задолжавшая волю Судьба».

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0