Таатта улууһун Чычымахтааҕы почтатыгар Раиса Сивцева 16-с сылын үлэлиир. Почта баччаҕа диэри тыа сирин эргийэр киининэн буолар суолтатын сүтэрэ илик. Нэһилиэк олохтоохторо почта өҥөтүнэн элбэхтик туһаналлар. Кэлиҥҥи сылларга араас табаары, дьиэҕэ-уокка туттар тэрили-малы Интэриниэтинэн сакаастаан ылар буоллулар. Итиэннэ, үгэс курдук, хаһыакка-сурунаалга суруйтарыы салҕанан барар.
Күһүөрү сайын тиийэ сылдьарбытыгар Раиса Ивановна уоппуска ылбыт этэ эрээри, нэдиэлэҕэ үстэ кэлэн үлэлиирин эппитэ. Россия почтата саҥа бырагыраамаҕа көһөрүнэн, түбүгэ эбиллибитин быыһыгар хаһыаты ааҕааччыларга тарҕаттаҕына эрэ табыллар.
Ити иһигэр «Саха сирэ» хаһыаты 80-тан тахса ыал «босхо» суруйтаран ааҕар эбит. Хомойуох иһин, кэлин (биир ый анараа өттүгэр) биһиги хампаанньабыт салалтата почтаны кытта дуогабарын көтүрэн, аны улуус дьаһалтатын нөҥүө «Саха сирэ», «Якутия» хаһыаттары тарҕатыыны нэһилиэктэр баһылыктарыгар сүктэрбиттэр. Ол тугунан дьаалыйан-чаалыйан тахсыаҕын айбыт таҥара бэйэтэ билэр.
Уоппускабыттан саҥа тахсан чуолкайдаспытым – «Саха сирэ» хаһыат Таатта улууһугар 1800 ахсаанынан тиийэр, ол иһиттэн улуус киинигэр Ытык Күөлгэ 1 тыһ. экземплярын эргиэн кииннэригэр, маҕаһыыннарга аналлаах стойкаларга уураллар. Онтон ордубут 800-үн нэһилиэктэргэ (Чычымахха 80-ну суруйбуттар) тустаах нэһилиэк дьаһалтатынан сыһыарыллыбыт исписэлиис тарҕатыахтаах. Дьон биир сиртэн — почтаттан чөкө кэлэн ылаллара эрэбил этэ. «Босхо» хаһыаты тарҕатар «хамнаһа суох» үлэһит төһө уһуннук уонна эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыан биир бэйэм өйүм хоппот. «Почта хаһыаты хойутатар» диэн буруйдуурбут букатын даҕаны ыт буутун тутар буоллубут быһыылаах…
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.