Бүгүн саха суруйааччыта, филолог-учуонай, общественнай диэйэтэл, саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 123 сыла.
П.А.Ойуунускай сэтинньи 11 күнүгэр 1893 сыллаахха Таатта улууһун III Дьохсоҕон нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 14 саастааҕар оскуолаҕа киирбитэ, итиэннэ 1917 сыллаахха Дьокуускайдааҕы учууталлар семинарияларын бүтэрбитэ. 1917-1918 сылларга Томскайдааҕы учууталлар институттарыгар үөрэммитэ.
Революционнай уонна литературнай үлэтэ 1917 сылтан саҕаламмыта. М.К.Аммосовы кытта саха хара үлэһиттэрин Сойуустарын тэрийбиттэрэ. 1922 сыллаахха Саха АССР совнаркомун бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Салгыы ЦИК бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1935 сыллаахха Национальностар Институттарыгар лингвистика билимин кандидатыгар диссертация көмүскүүр. Тылы уонна култуураны чинчийэр институту тэрийэр уонна бастакы дириэктэринэн буолар.
Ойуунускай бастакы “Үлэһит ырыата” диэн хоһоонун 1917 сыллаахха суруйбута. 1919 сыллаахха “Син биир буолбаат?” диэн норуокка киэҥник биллибит хоһоону айбыта. Маны кини Максим Аммосовка анаабыта. Платон Ойуунускай айымньылара саха норуотун литэрэтиирэтин көмүс фондатыгар киирбиттэрэ. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” уонна “Туналыйбыт ньуурдаах Туйаарыма Куо” олоҥхолору хомуйан бэчээккэ бэлэмнээбит улахан өҥөлөөх. Атын омук айымньыларын сахалыы тылбаастаабыта. Норуокка улахан суруйааччы быһыытынан киэҥник биллэр.Саха биир бастакы сэһэнньитэ, хас да драманы суруйбута. Бэйэтин кэмигэр ордук революционнай хоһооннору суруйар поэт быһыытынан биллэрэ-көстөрө.
1938 сыллаахха ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бастакы сессиятыттан кэлэн иһэн, Иркутскайга тутуллубута. Репрессиялаабыттара, кинигэлэрин боппуттара. 1939 сыллаахха, алтынньы 31 күнүгэр хаайыыга сытан өлбүтэ. Өлбүтэ 16 сыл буолбутун кэннэ, 1955 сыллаахха эрэ үтүө аата төннөрүллүбүтэ.
Бырастыы
Харака муорака дьалкыыра,
Харалыы баргыйар балкыыра,
Ытыллар долгунум бырастыы!
Ыhыллар чөмчүүгүм, бырастыы!
Мин тылым-мин тохтор тойугум,
Мин тылым-мин туойар хомуhум
Сандаҕа көмүhэ саккырыыр,
Салгыҥҥа умайан тырымныыр.
Харака муорака саалыгар,
Харылыы балгыйар баалыгар
Уhуллан уоҕуран үүммүтэ,
Убайар урсуҥҥа күлбүтэ…
Уорсуйар байҕалым долгуура,
Умайар көмүһүм оргуура,
Күлүмүр тырымым бырастыы!
Күлэр күөх муоракам, бырастыы!
Мин ыллыыр ырыакам ырата,
Мин тыыннаах тылыкам сатата
Хотугу дойдукам ньууругар
Хоммууна олоҕун тутарга,
Хотуулаах охсуhуу уотугар
Хоммуньуус хорсуна буоларга
Уруйдаах тускулу туппута,
Убайар буурҕанан туойбута.
Күөх урсун күлүмэ дьиримниир,
Күрүлүүр күлүмүр мичиҥниир,
Баараҕай байҕалым бырастыы!
Барылыыр балкыырым бырастыы!
Хомойо-куруйа саныахпын,
Хонуктан хонукка ытыахпын-
Бу күнү ким төрөөн көрбөтөй?!!
Бу сиргэ ким төрөөн өлбөтөй?!!
Мин өлүөм-дьүһүнүм сүтүөҕэ,
Мин буорум отунан үүнүөҕэ…
Кэриэhим кэннибэр хааларым:
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…
Харака муорака дьалкыыра,
Харалыы баргыйар балкыыра,
Ытыллар долгунум бырастыы!
Ыhыллар чөмчүүгүм, бырастыы!
1932 сыл