Куорат маршрутнай оптуобустарынан айаннааччылар аны 25 солкуобайы төлүөхтэрэ.
“Кууһунан” уонна “биирдиилээн” атыылааһын бириинсибин туһаннылар. Элбэхтэ айаннааччы кыраны (16 солк), аҕыйахта айаннааччы элбэҕи (25 солк) төлүүр буолуоҕа.
Саҥа систиэмэ
“Ультралайт” төлөбүрэ маннык ааҕыллар. Айанныырыҥ төһө хойуутуттан көрөн сөптөөх каартаҕын тал.
60 айан – 16 солк. (каарта сыаната 960 солк.)
40 айан – 18 солк. (каарта сыаната 720 солк.)
20 айан – 20 солк. (каарта сыаната 400 солк.)
Каарта атыыласпыт күҥҥүттэн саҕалаан 60 хонук иһигэр туһамматаххына, ордубут айаныҥ “умайар” (симэлийэр ). Уу харчынан биир айан төлөбүрэ – 25 солк. Социальнай уонна оскуола үөрэнээччитин каартатынан 19 солк, эргэ транспортнай каартанан — 21 солкуобай.
Дьон санаата
Бу туһунан дьон санаатын ыйыттыбыт. Пенсионерка Мария Иннокентьевнаҕа (видео) тус бэйэтигэр син биир – социальнай картанан сылдьар. Кини үс оҕолоох эбит. Кинилэр бэҕэһээҥҥэ диэри транспортнай картанан айанныыллара. Бүгүҥҥүттэн ханнык каартаны ылалларын быһаарына иликтэр. 16 солкуобайдаах бэрт эрээри, икки ый иһигэр туһана охсуохтара дуо?
Эргэ каарта үлэлээбэтэ
Бэҕэһээ аҕай (30.11.) туһаммыт каартабынан бүгүн сарсыарда айаммын төлөөрү гыммытым аппараттара “чыыбырҕаата” – сатаан харчыны устубата. Мэрия эргэ каартанан 21 солкуобайдыы (17 этэ) айаннаан эриэххэ сөбүн эппитэ эбээт! Мин аттыбар турааччы дьахталлар эмиэ эргэ каартанан кыайан төлөөбөтүлэр – тэрилбит тыаһа чып-чыыбырҕас. “Сбой” буолаахтаатаҕа…
Орто Азияттан кэлбит кондуктор миигин уу харчынан төлүүрбүн көрдөстө. Хайыахпыный, 25 солкуобайы манньыатынан “дук” гыннаҕым.
“Саха сирэ хаһыат” уонна Edersaas.ru сайт бу боппуруоһу өрүү болҕомто киинигэр тутабыт.
Прокопий БУБЯКИН. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ, видеоҕа устуута.