Бүгүн – Олоҥхо күнэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр  Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр.

Олоҥхо саха омук былыыр-былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта. Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн-күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.

2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Олоҥхо — саха уус-уран айымньыта. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит. Олоҥхоhуттар араас айымньылары холбоон уhун олоҥхолору айаллара. Үгүс олоҥхо 10-15 тыh. хоhоон устуруокаларыттан турар эбит. Бөдөҥ олоҥхолор 20 тыh. тахса буолаллар үһү. Хас биирдии кэпсэнэр дьоруой туспа куолаhынан ылланар. Сорох олоҥхолор хас да күн ылланаллар үһү. Ордук биллиилээх олоҥхонон  «Дьурулуйар Ньургун Боотур” буолар.

Сахалыы бикипиэдьийэттэн.

Салгыы быйылгы олоҥхо дэкээдэтин бырагырааматын билсэргитигэр:

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0