Сыллата аан дойду үрдүнэн, тохсунньу 17 күнүгэр Оҕолор толкуйдаан таһаарбыт оҥоһуктарын күнүн бэлиэтииллэр. Бу ылбычча анамматах. Ол курдук, 12 сааһыгар харбыырга аналлаах илиигэ кэтиллэр эрэһиинэ лапчааны (ласты) толкуйдаабыт Эмиэрикэ судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, дипломат, учуонай, айан таһаарааччы (изобретатель), суруналыыс Бенджамин Франклин (Benjamin Franklin, 1706-1790) төрөөбүт күнэ.
Бенджамин 15 сааһыгар хачайданар кириэһилэни толкуйдаабыт. Оттон эмиэ Эмиэрикэ олохтооҕо Фрэнк Эпперсон кыһын таһырдьа оонньуу сылдьан умнубут лимонаттаах чааскыта кинини миллионер оҥорбут. Сарсыарда турбута лимонада мууһуран хаалбыт. 11 сааһыгар айан кэбиспит “фрукталаах мууһун” ырысыабынан 18 сыл буолан баран кыра фабрика арыйан үлэлэппит. 1928 сыллаахха патенын атыылаабыт. Онтон кини кырата суох харчыны киллэриммит. Ити курдук, оҕолор айбыт тэриллэрин, тиэхиньикэлэрин ааҕан сиппэппит. Биһиги оҕолорбут даҕаны кинилэртэн хаалсыбаттар. Ол курдук, улуус таһымнаах күрэхтэһиилэртэн саҕалаан, норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэргэ тиийэ кытталлар, миэстэлэһэллэр.
Горнай улууһун Эбии үөрэхтээһин иһинэн үлэлиир 3D моделирование уонна прототипирование куруһуогар 2016 сылтан дьарыктанар 9-с кылаас үөрэнээччитэ Боря Андреев былырыын ыытыллыбыт үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-техническэй айар быыстапкаларыгар отон ыраастыыр тэрили толкуйдаан, үһүс миэстэлэммит. Салгыы Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат научнай-техническэй быыстапткатыгар 187 үлэттэн 5-с буолбут. Онтон “Я — инженер” диэн Уһук Илин федеральнай уокурук күрэхтэһиитигэр 2-с миэстэни ылбыт.
Эбии үөрэхтээһин педагога, тустаах куруоһуогу салайан үлэлэтэр Роман Романов: “Отону ыраастыыр тэрил түөрт чаастан турар: отон сүүрэригэр аналлаах дуоска, вентилятор, анал илигириир остуол, отон бөҕүн-сыыһын мунньар дьааһык. Хаппахтаах анал остуолга кутуллубут кирдээх отон иҥнэри дуоскаҕа түһэр, ити кэмҥэ вентилятор отону бөҕүттэн-сыыһыттан араарар. Ыраастаммыт отон иһиккэ түһэр, бөҕө туспа дьааһыкка мунньуллар”, — диэн быһаарда.
Хаҥалас улууһун Уулаах Аан оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Андрей Винокуров улуустааҕы Эбии үөрэхтээһин киинин филиалыгар робототехника куруһуогар дьарыктаммыта үһүс сыла. Былырыын М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тэрийэн ыыппыт “Робофест” бэстибээлигэр өҥнөрүнэн сыымайдыыр (сортировкалыыр) роботы айан бастаабыт. Ол түмүгүнэн Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиигэ кыттан кэлбит. Аҕыйах хонуктааҕыта “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ робот-пылесоһу оҥорон миэстэлэспит. Салайааччыта Гаврил Максимов: “Андрей робот-пылесоһу бэйэтэ толкуйдаабыта, биллэн турар, ону таҥарга сүбэ-ама биэрэн көмөлөспүтүм. Бу пылесос күннээҕи олоххо туһаныллар. Дьон көмөтө суох муоста быылын хомуйар. Оллурга-боллурга баран иҥнэн хаалбат, истиэнэҕэ баран кэтилиннэҕинэ тэйэн биэрэр. Аккумулятора бүтүөр диэри тохтоло суох үлэлиэн сөп. Манна Андрей пеноплаһы, эпоксиднай сыламаны, өстүөкүлэ матырыйаалы (стеклоткань) туһаммыта”, — диэн кылгастык билиһиннэрдэ.
Биллэн турар, оҕолор айан, толкуйдаан таһаарбыт оҥоһуктара үгүс. Олортон күннээҕи олоххо туһалаах буолаарай диэн икки оҕо үлэтин билиһиннэрдибит.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат,edersaas.ru