Бүгүн Николай Степанов – Ноорой төрөөбүтэ 125 сыла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Олоҥхоһут, норуот ырыаһыта, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Николай Иванович Степанов – Ноорой 1897 сыллаахха сыл ыам ыйын 8 күнүгэр билиҥҥинэн Мэҥэ-Хаҥалас (уруккунан Илин Хаҥалас) улууһун Мөҥүрүөн (Хара) нэһилиэгэр уус ыалыгар төрөөбүтэ.

edersaas.ru

Улахан олоҥхоһуттары, ырыаһыттары батыһа сылдьан кэрэхсээн истэрэ. Биллэр олоҥхоһуттары Бөтүрүүскэ Наһаарабы, Ырыа Маппыаны үтүктэн оҕо эрдэҕиттэн олоҥхону толорорго холоноро. Айылҕаттан ураты куоластаах уолчааны дьон кэрэхсээн истэр буолбута. 17 сааһыгар номнуо бэйэтэ олоҥхолуура. Николай 18-19 саастааҕар «Күн Эрили», «Түҥнэри Холорук» диэн олоҥхолору сайылык ыалларыгар олоҥхолоон кэрэхсэнэр буолбут.

Олоҥхоһут быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ 1930-1940 сылларга киэҥник сураҕырбыта. Ол курдук «Ала Туйгун», «Оҕо Ньургун», «Сабыйа Баай Тойон, Сабыйа Хотун» диэн олоҥхолорун колхуос кулууптарыгар, Дьокуускайга драматическай тыйаатырга эмиэ туруора сылдьыбыттара. Бэйэтэ сүрүн оруолларга оонньуура уонна туруорааччы режиссер быһыытынан кыттара үһү. Уопсайа, тоҕус олоҥхону оҥорбут: «Оҕо Ньургун», «Ала Туйгун», «Күн Эрили», «Бэриэт Бэргэн», «Улдьаа Боотур», «Түҥнэри Холорук», «Айталы Куо», «Одунча Бөҕө», «Сабыйа Баай, Айыы Салаҕай».

Норуот ырыаһытын быһыытынан бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Уопсайа 80-ча ырыаны-тойугу айбыта.

Николай Степанов — Ноорой Саха сиригэр бастакынан драма улуустааҕы куруһуогун тэрийэр, олоҥхо сүрүн ис хоһоонунан испэктээктэри туруорар.

Гражданскай сэрии сылларыгар Кумалаан ууһугар ревком чилиэнэ эбит, сири үллэриигэ үлэлээбит. 1930-1935 сс. холкуостары тэрийиигэ, сир реформатын киллэриигэ үлэлэспит. МТСтар тэриллэллэригэр, 1935 сыллаахха Ворошиловскай холкуоска ууһунан ыыталлар.

1942 сыл сайын 44 саастааҕар аармыйаҕа ыҥырыллар. Мэҥэ Хаҥаластан, Чурапчыттан, Тааттаттан, Уус Алдантан ыҥырыллыбыт 2000 кэриҥэ саллаат буолан “Киров” борохуотунан Өлүөнэни өксөйөн Иркутскай уобалас диэки аттаналлар. Уһун айаҥҥа биир дойдулаахтарын санаатын көтөҕөөрү араас ырыалары, олоҥхолору толорон тиийэр. Иркутскайтан салгыы тимир суолунан Молотов куоракка бараллар. Ноорой көҕүлээһининэн сахалар Саха АССР 20 сылыгар аналлаах кэнсиэри тэрийэллэр. Маны Н.И. Степанов – Нооройго бэриллибит махтал сурук туоһулуур. Николай Иванович Свердловскайга пулемтчиктар куурустарын ааспытын кэннэ Калининскай фроҥҥа утаараллар. Икки төгүллээн улаханнык бааһыран, 1943 сыллаахха дойдутугар инбэлиит буолан, “Хорсунун иһин” мэтээллээх эргиллэр.

Сэрииттэн кэлэн инбэлииппин диэн таах олорбот. 1943-1953 сс. холкуос бэрэссэдээтэлинэн, үүт пиэрмэтигэр сэбиэдиссэйинэн, күндү түүлээҕи тутууга үлэлиир. Бастыҥ көрдөрүүлээҕин иһин удаарынньыктыыр, стахановецтыыр, анал биэнсийэни аныыллар. Биэнсийэҕэ тахсан баран кадровай булчуттуур. 1954 с. ССРС суруйааччыларын Бүтүн Сойуустааҕы сийиэһигэр дэлэгээтинэн талыллар. Кини 9 олоҥхо ааптара, хас даҕаны тойук-ырыа уонна тута хоһуйууга поэмалардаах.

“Хорсунун иһин”, “Германияны кыайыы иһин”, “1941-1945 Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуус сэриитигэр кыайыы 20 сылыгар”, “ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин 50 сыла”, “В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэринэн, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун уонна Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах кырааматаларынан наҕараадаламмыта.

Н.И. Степанов — Ноорой 1975 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта.

edersaas.ru

Хаартыска: yakutia-pomnit.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0