Социалистическай Үлэ Дьоруойа, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх агронома Матрена Матвеевна Корнилова 1915 сыллаахха муус устар 11 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгэр бааһынай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
1936 сыллаахха Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумун бүтэрээт, МТС-ка, оройуоннааҕы сир салаатыгар агрономунан, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы, Алдан оройуоннарыгар учууталлаабыта.
1951 сыллаахха К.А.Тимирязев аатынан Москватааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэриэҕиттэн Саха АССР Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр управление начаалынньыгынан, Мэҥэ Хаҥаластааҕы МТС-ка, оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын иниспиэксийэтигэр кылаабынай агрономунан үлэлээбитэ. Мария Корнилова овощеводтаах Мэҥэ Хаҥалас хортуоппуйу үүннэрээччилэрэ биир гектартан 250-300 тиийэ центнеры ылар буолбуттара.
1961 сылтан Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун Покровскайдааҕы уопут-оҥорон таһаарар хаһаайыстыбатыгар үрдүкү агроном-овощеводунан үлэлээбитэ. Бу кэмнэргэ хаһаайыстыба баазатыгар оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу үүннэрии бастыҥ уопутун өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолатын тэрийбитэ.
Туорахтаах уонна оҕуруот аһын култуураларын үүннэриини олоҕурдубута, Саха сиригэр оҕуруот аһын олордуу сүрүн тирэҕин уурбута. Ити түмүгэр биирдиилээн, дэҥҥэ олордуллар оҕуруот астара Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар дохуот киллэрэр саҥа салаанан буолбуттара.
М.М.Корнилова өрөспүүбүлүкэ агрономнарын уонна тыа хаһаайыстыбатын салайар үлэһиттэрэ идэлэрин үрдэтинэллэригэр үгүс сыратын уурбута.
ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун ыйааҕынан Матрена Матвеевна Корниловаҕа тыа хаһаайыстыбатыгар үрдүк ситиһиилэрин иһин, Социалистическай Үлэ Дьоруойа аат иҥэриллибитэ.
1967-1971 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутааттаабыта.
РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх агронома 1991 сыллаахха балаҕан ыйын 4 күнүгэр, 76 сааһыгар олохтон туораабыта.