Бүгүн Майа сэлиэнньэтэ 115 сааһын бэлиэтиир

Ааптар: 
11.04.2017
Бөлөххө киир:

Майа сэлиэнньэтэ хаһан олохтоммутай?

ХХ үйэ саҕаланыытыгар Майа сайылык, куулатыгар, халдьаайытыгар, илин бастата соҕус Павловтар, Петровтар, Лукиттар, Афанасьевтар, Григорьевтар кыстыылларын туһунан Хара нэһилиэгин кырдьаҕастарын ахтыылара бааллар. Оччолорго таҥара дьиэтэ үлэлээбит күнүттэн ылата нэһилиэнньэлээх пуун сэлиэнньэ (село) диэн ааттанар буолара.

Саҥа таҥара дьиэтин тутуу саҕаланыан иннинэ Майа олохтоох баайа Иннокентий Павлов‒Бэйбэчэк 1900 сыл диэки сиэртибэ хомуйбутун туһунан Роман Гаврильевич Васильев «Ленинскэй знамя» хаһыакка бэчээттэппит ыстатыйатыгар этиллэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, норуот маастара, драматург Софья Иннокентьевна Баранова (Сергучева) ахтыытынан, Бэйбэчэк баай хос-хос сиэнэ Федор Сивцев, 1910‒1912 сс. Майаҕа аҕабыытынан үлэлээбит киһи, «Церковнай летописка» суруйбутунан, Иннокентий Павлов‒Бэйбэчэк 32 тыһыынча солкуобайы (билиҥҥинэн 32 мөл.солк. кэриҥэ) хомуйбут.

Урукку кэмҥэ билиҥҥи курдук маһы кэрдээт даҕаны дьиэ дьэндэппэттэрэ, маһы хас эмит сылы быһа куурдан, хатаран баран биирдэ тутууну саҕалыыллара. Ол иһин даҕаны буоллаҕа, урукку кэмнээҕи тутуулар бүгүҥҥү күҥҥэ диэри турдахтара. Холобура, Таатта улууһун Чөркөөх музейыгар баар церковь Майатааҕы Васильевскай таҥара дьиэтин кытта биир кэмҥэ тутуллубуттара биллэр.

Биһиги кэммитигэр, ол церковь акылаатын өрөмүөннээри арыйан көрө сылдьыбыттарыгар, акылаат тас өртө бүтүннүү туоһунан бүрүллүбүт, онтон туоһун иһигэр күл кутуллубут, ол иһигэр бэрэбинэ угуллубут эбит.

Бэйбэчэк Хара нэһилиэгэр олохсуйан олорбут, ол эрээри Майаҕа Маадьаҕай толооно диэн сиргэ (билигин кыраайы үөрэтэр музей аттынааҕы сир) Арыы тыа таһынан сайылыктаах эбит. Васильевскай церковь тутуллуон иннинэ Аҕабыыт дьиэтин (билиҥҥи «Авантаж» кафе дьиэтэ) уонна таҥара үлэһиттэрин дьиэтин (билигин кыраайы үөрэтэр музей кэтэҕинэн турар быраҕыллыбыт дьиэ) туттарбыт.

Софья Иннокентьевна Баранова (Сергучева) этэринэн, Бэйбэчэк баҕата ‒ баайдар былаас, бэрт былдьаһыыларын  тохтотуу, таҥара дьиэтин нөҥүө дьону түмүү, бэйэ ыккардыгар иирсээни суох оҥоруу. Ити буолара Майаҕа церковь тутуутун сүрүн сыала-соруга. Таҥар дьиэтэ үлэтин саҕалаатаҕына, аттынааҕы нэһилиэктэртэн дьон-сэргэ бары онно кэлиэхтээхтэрэ.

Бэйбэчэк уола Василий Иннокентьевич Павлов‒Мэссээн («Мэссээн” диэн меценат,мещанин диэн тыллартан тахсыбыт буолуон сөп) таҥара дьиэтин тутуутугар диэн оччотооҕу харчынан 2000 солкуобайы сиэртибэлээбитэ, ону таһынан Ярославль куоракка 1902 сыллаахха П.Н.Оловяшников уолаттарын собуотугар куолакалы куттаран, Майаҕа аҕалбыта биллэр. Ити сыл муус устар 11 күнүгэр Майатааҕы Васильевскай церковь акылаата түһэриллибитин туһунан НГА.ф.226оп.2.е.х.7752.л.4 нүөмэрдээх архыып докумуона туоһулуур.

Церковь тутуутугар улахан өҥөтүн иһин таҥара дьиэтэ Василий Иннокентьевич Павлов аатынан Васильевскай диэн ааттаммыта. Куолакалга славянскай азбуканан куолакал ханна кутуллубута, ким үбүгэр оҥоһуллубута гравировкаланан сылдьар. Билигин ол куолакал Чөркөөх музейыгар баар. Бэйбэчэк иккис кыыһа Кэтириис оҕото Марфа Семеновна Васильева (Скрыбыкина) ахтыытынан? колокольня таҥара дьиэтиттэн туспа турбута үһү.

Майа таҥаратын дьиэтин бастакы аҕабыытынан Степан Орлов 1902 сыллаахха ананан кэлэн саҥа тутуллубут аҕабыыт дьиэтигэр (билиҥҥи «Авантаж» кафе дьиэтэ) сулууспа ыытан саҕалыыр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай архыыбыгар баар клировай биэдэмэскэ суруллубутунан, 1911 сыл ахсынньы 8 күнүгэр (эргэ стилинэн) аҕабыыт дьиэтин иһинэн бастакы церковнай оскуола аһыллар. Онно сэтинньи ыйга псаломщигынан ананан кэлбит казак Владимир Прокопьев 8‒9 үөрэнээччилээҕэ биллэр.

Чопчу биллибэт биричиинэнэн таҥара дьиэтин тутуута наһаа уһаабыт, ол курдук уон сылынан биирдэ, 1912 сылга муус устар 14‒15 күннэригэр губернатор Иван Иванович Крафт, Дьокуускай уонна Бүлүү епискоба Мелетий тахсаннар саҥа церковы сибэтии гыммыттар. Үөрүүлээх түгэҥҥэ “Якутские епархиальные ведомости» суруллубутунан, 1500 тахса киһи кэлэн кыттыыны ылбыта туоһуланар. Сорохторо 100‒150 биэрэстэ ыраах сытар атын церковнай приходтартан кэлбиттэрин туһунан суруллар. Кэлбит дьон бары алҕанан, сибэтиэй уунан куттарын-сүрдэрин (окроплениеланан), өйдөбүнньүк хортуон иконалары бэлэх туппуттар.

Дьэ онон, бары билэр, ытыктыыр биир дойдулаахпыт, поэт, прозаик Иннокентий Михайлович Сосин араас архыыптартан булбут докумуоннарыгар олоҕуран, Майа сэлиэнньэтэ төрүттэммит күнүнэн 1902 сыл муус устар 11 күнүн ааҕабыт. 

Ким Нестеров,

«Майа сэлиэнньэтэ” муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччы

Тапталлаах Майабыт олохтоохторо!

Эһигини тапталлаах, мааны Майабыт төрүттэммитэ 115 сылынан “Майа сэлиэнньэтэ” муниципальнай тэриллии дьаһалтатын, сэлиэнньэ дьокутааттарын Сэбиэтин уонна тус бэйэм, дьиэ-кэргэним ааттарыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бу бырааһынньык сааһыттан, омугуттан, идэтиттэн тутулуга суох, Майаҕа төрөөн-үөскээн улааппыт, эбэтэр кэлин кэлэн олохсуйбут, дьылҕаларын ситимнээбит дьоммутун-сэргэбитин, Майа бары олохтоохторун түмэр сүдү суолталаах.

Биһиги киэн туттабыт Майабыт урукку ааспыт кэминэн. Майа бүгүҥҥү сайдыыта, ситиһиитэ барыта манна олорон, үлэлээн ааспыт дьоһун-мааны үлэһит дьоммут үтүөлэрэ, сүдү кылааттара буолара саарбахтаммат.

Бүгүҥҥү Майа тэтимнээх олох сайдыытын кытары бииргэ хардыылаһан иһэр, Илин Эҥэргэ эрэ буолбакка, бүтүн оройуон үрдүнэн биир саамай сайдыылаах, тупсаҕай  көстүүлээх, элбэх дьон түөлбэлээн олорор сэлиэнньэтин быһыытынан биллэр. Саргылаах Майабыт сирэ-буора, сөрүүн салгына биһиэхэ барыбытыгар кэрэни кэрэхсиир, тирэнэр тирэх, үүнэр-сайдар үктэлбитинэн буолар.

Баҕарыам этэ хас биирдии Майа олохтооҕор чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьиэ-кэргэҥҥэ или-эйэни, баҕа санааларгыт, инники былааннаргыт туолан иһэллэригэр! Саҥа Майабыт инники сайдыытын туһугар үлэҕитигэр, үөрэххитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри!

Майа күнүнэн, ытыктабыллаах бар дьонум!

Тимофей Нестеров,

“Майа сэлиэнньэтэ” муниципальнай тэриллии баһылыга

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0