Бүгүн — кыыс оҕолоохтор күннэрэ

Ааптар: 
25.04.2020
Бөлөххө киир:

Муус устар 25 күнэ — Григорианскай халандаарынан сыл 115-с күнэ.


Бүгүн Аан дойду үрдүнэн кыыс оҕолоохтор күннэрэ. Сорохтор ону кыыс оҕо күнэ диэн эмиэ этэллэр. Ол гынан баран, кыыс оҕо аан дойдутааҕы күнэ алтынньы 11 күнүгэр бэлиэтэнэр. Итини сэргэ, өссө Аан дойдуга пингвиннэр, кумааҕы сөмөлүөттэр, ДНК, остуол оонньууларын, бэтэринээр, малярияны утары охсуһуу, о.д.а. бэлиэ күннэр.

Бу күн аан дойдуга туох бэлиэ дааталар олохтоммутар эбитий?

1719 сыллаахха Лондоҥҥа Даниэль Дефо «Робинзон Крузо» арамаана аан бастаан тахсыбыт.

1783 сыллаахха  Франция Аннон куоратыгар салгын саара (воздушный шар) улахан киһи саҕа ыйааһыннаах таһаҕастаах көтүтүллүбүт.

1792 сыллаахха Руже де Лиль Рейн аармыйатыгар анаан ырыа айыллан тахсыбыт. Ол ырыа «Марсельезанан» биллэр.

1901 сыллаахха аан бастаан Нью-Йорк штатыгар массыына ньүөмэрдэрэ киллэриллибиттэр.

1931 сыллаахха бу күн Фердинанд Порше Porsche хампааньата төрүттэммит.

1953 сыллаахха «Nature» сурунаалга Англия учуонайдара Френсис Крик уонна Дж. Уотсон, ДНК тутулун  модела оҥоһуллубутун туһунан суруйбуттар.

1954 сыллаахха «Белл телефон» Америка хампаанньатын чинчийэр института күн күүһүнэн үлэлиир батарея айыллыбытын туһунан сырдаппыт.

2015 сыллааха Непалга 7,8 баллаах сир хамсааһына буолбута.

Ыам ыйын күнүн-дьылын билгэтэ

Хаар эрдэ уулуннаҕына, үчүгэй сайын үүнэр.

Күнүһүн итии, түүнүн тымныы буоллаҕына, үчүгэй күн-дьыл үүнэр.

Түүн сылаас буоллаҕына, саас түргэнник кэлэр.

Уруһуй: pinterest.com

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0