Бүгүн – Кыһыл Кириэс күнэ

08.05.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн — Кыһыл Кириэс күнэ. Маннык күн сыл аайы ыам ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр. Кыһыл Кириэс күнэ Швейцария бизнесменэ, уопсастыбаннай деятелэ уонна гуманиһа Жан Анри Дюнан чиэһигэр олохтоммута.  Дюнан көҕүлээһининэн ХIХ үйэ ортотугар охсуһуу хонуутугар бааһырбыт дьоҥҥо көмөлөһүөн баҕалаахтар бөлөхтөрө аан бастаан тэриллибитэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

1863 с. – Кыһыл Кириэс аан дойдутааҕы кэмитиэтин кэмпэриэнсийэтэ ыытыллыбыта.

1928 с. аан дойдутааҕы Кыһыл Кириэс күнэ – Гаагаҕа 13-с аан дойдутааҕы кэмпэриэнсийэҕэ бигэргэтиллибитэ.

1948 с. – Кыһыл Кириэс аан дойдутааҕы күнэ аан бастаан бэлиэтэммитэ.

1986 с. – «Международное движение Красного Креста уонна Красного полумесяца» (МККК) диэн аата уларыйбыта.

Кыһыл Кириэс соруга – байыаннай дьайыылар кэмнэригэр бааһырбыттарга, ыарыһахтарга уонна байыаннай билиэннэйдэргэ, ыксаллаах быһыы-майгы сиэртибэлэригэр көмөлөһүү.

Арассыыйаҕа Кыһыл Кириэс уопсастыбата 1867 с. ыам ыйыгар тэриллибитэ. Билигин Кыһыл Кириэс үлэһиттэрэ аан дойду 188 дойдутугар бааллар. Кинилэр бу күн араас хабааннаах тэрээһиннэри ыыталлар. Нэһилиэнньэ ыарахан олохтоох араҥатыгар, улахан саахаллар, быһылааннар, айылҕа алдьархайын уонна байыаннай дьайыылар сиэртибэлэригэр көмөлөһөллөр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0