Бүгүн — Куустуһуу аан дойдутааҕы күнэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, тохсунньу 21 күнүгэр, олус истиҥ, сылаас тыыннаах бырааһынньык аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр.

Сылаанньыйа Сыллыыраба, https://edersaas.ru/

Дьиктитэ диэн, бу бырааһынньык кыһын устата иккитэ бэлиэтэнэр — ахсынньы 4 уонна тохсунньу 21 күннэригэр.

Үөскээбит остуоруйата да кэрэхсэбиллээх: ааспыт үйэ 70-с сылларыгар Хуан диэн ааттаах устудьуон олоҕор уустук кэм тирээбит кэмигэр Сиднейгэ көтөн кэлбит. Онно аэропорка кинини ким да көрсүбэтэҕэр ыксаан, синим биир диэбиттии, «босхо куустуһуу» диэн былакаат суруйан баран турбут.

Бастаан ким да аахайбатах, өссө күлүү гына-гына ааһааччылар бааллар эбит. Онтон арай биир дьахтар «мин эмиэ наһаа соҕотохсуйабын» диэн кэлэн уолу кууспут. Ити курдук, Австралияттан силис тардан, бу бэртээхэй бырааһынньык сыыйа аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт.

Бу эрэ күн кими баҕарар кууһан ылар көҥүллэнэр — бэйэҥ чугас дьоҥҥун, ыалларгын, доҕотторгун, бэл диэтэр, уулуссаҕа көрсүбүт киһигин.

Ыччат бу күн куустуһуу флэш-мобтарын, анал акцияларын ыытан, олоҕу өссө үөрүүлээх, сырдык оҥорор.

Куустуһуу киһи доруобуйатыгар, туругар, уйулҕатыгар хайдах курдук туһалааҕын медиктэр, психологтар куруук бэлиэтииллэр.

Бэйэҥ сөбүлүүр-таптыыр дьоҥҥун күҥҥэ аччаабыта биэстэ кууһуохтааххын дииллэр, оҕону — өссө элбэхтик. Оччоҕо киһи көмүскэллээхтик сананар, уоскуйуу, үөрүү, дьоллонуу сырдык туругар киирэр.

Куустустахха, киһи настарыанньата көтөҕүллэр, олох чэпчииргэ дылы буолар, инникигэ эрэл үөскүүр.

Онон, куустуһууну олохпут арахсыспат аргыһа оҥостон, бүгүн эрэ буолбакка, куруук куустуһа сылдьыаххайыҥ!:)

Сылаанньыйа Сыллыыраба, https://edersaas.ru/
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0