Саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа 1886 сыллаахха сэтинньи 14 күнүгэр Боотур Уус улууһугар (билиҥҥитэ — Таатта улууһа) сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Ийэтэ суох улаатар. Түөрт кылаастаах таҥара дьиэтин оскуолатын иккис кылааһын бүтэрбитэ.
1907 сыллаахха «Якутский край» хаһыакка наборщигынан үлэҕэ киирэр. Онтон Кирилэ Дабыыдап диэн үөрэҕэ суох балыксыт, балыгынан эргинэр киһиэхэ суруксутунан үлэлээбитэ. Сайын аайы Өлүөнэ өрүс төрдүгэр устан киирэн балыксыттары кытта сайылыыр эбит. Бу сылдьан түөрт сыл билсиһэн баран 1913 сыллаахха муус устар 28 күнүгэр Евдокия Яковлеваны кэргэн ылар. 1914 сыллаахха «Громов» борокуотунан Булуҥҥа чугаһаан иһэн алдьархайдаах тыалга түбэһэллэр. Онно тимирэн эрэр баарсаҕа дьону быһыы сылдьан эдэр хат дьахтар дэҥнэнэр, оҕо куотар, онтон сылтаан бу ыал оҕоломмотохторо. Бу сайыны быһа Алампа кэргэнин ыарыылыы-ыарыылыы «Дьадаҥы Дьаакып» диэн пьесаны суруйар.
«Саха саҥата» сурунаалга үлэлиир, 1912 сыллаахха «Төрөөбүт дойдум» диэн аатырбыт хоһооно бэчээтэнэр. Талааннаах драматург быһыытынан биллибитэ, кини драмалара саха тыйаатыра олохтоноругар улахан төһүү буолбуттара, кини «Дьадаҥы Дьаакып» (1914), «Таптал» (1916) пьесалара киэҥник биллибиттэрэ. 150 ырыа уонна хоһоон ааптардара. Кэпсээннэрэ билиҥҥэ дылы саха литературатыгар холобур буола сылдьаллар. Тылбаасчыт быһыытынан эмиэ биллибит киһи. «Манчаары» диэн ааттаах саха бастакы хаһыатын бастакы эрэдээктэрэ. «Чолбон» сурунаал уонна Саха тыйаатырын бастакы салайааччытынан үлэлээбитэ. ЯЦИК дьокутаатынан талылла сылдьыбыта.
Балыырга түбэһэн, националист диэн ааттанан Саха Сирин таһыгар, Архангельскай уобаласка, көскө ыытыллыбыта. 1962 сыл алтынньы 15 күнүгэр реабилитацияламмыта. Итинтэн барытыттан тэптэрэн, доруобуйата мөлтөөн, 1935 сыл алтынньы 24 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ, Дьокуускайга көмүллүбүтэ.
2012 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов — Алампа көмүс уҥуоҕа, Таатта улууһун олохтоохторун уонна аймахтарын көрдөһүүлэринэн, Ытык-Күөлгэ Хадаайы диэн сиргэ («Таатта» литературнай художественнай түмэл аттыгар) иккистээн көмүллүбүтэ.
Анемподист Софронов-Алампа үрдүк аатын билигин Дьокуускай куорат биир сүрүн уулуссата уонна Таатта улууһун Ытык Күөл орто оскуолата киэн тутта сүгэллэр.
«Саҥа олох».