Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, саха норуотун уус-уран эпическэй айымньытын олоҥхону уонна оһуохайы сөргүтүүгэ уонна үйэтитиигэ сүҥкэн кылааттаах киэн туттар ытык киһибит Василий Илларионов 75 үбүлүөйдээх сааһын туолла.
Василий Илларионов олоҕор ситиһиитэ үгүс — биллиилээх фольклорист-учуонай айар үлэтин киһи ааҕа да барбат. Онон өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн сибээстээн, филологическай наука доктора, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи университет фольклорга уонна култуураҕа кафедратын профессора, Былатыан Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата Василий Илларионовы кытта «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр кэпсэттибит.
Күннээх Күүкэй уола онно саха тыына хайдах кимэн киирэн Олоҥхо Ыһыаҕа ыытыллар буолбутун, Ытык Дуоҕа суолтатын, Аал Луук Мас биир халыып буолуо суохтааҕын, “Олоҥхо Ыһыаҕа диэн өйдөбүл суох, барыта Айыыларга сүгүрүйүү, айылҕаны кытта алтыһыы буолуохтаах” диэн мөккүөргэ туох санаалааҕын, олоҥхоҕо эрэ баар өйдөбүл — туостан оҥоһуллар моҕол ураһа аныгы олоххо чиҥник киирбитин туһунан санаатын үллэһиннэ.
«Хайа, 75 сааскын туолбут үбүлүөйдээх күнүҥ хайдах саҕаланна?» диэн ыйытыыбытыгар үбүлээр: «Бу олоххо ыраас чаҕылхай сырдык күн эҕэрдэлии көрсөрүттэн ордук дьол суох! Сарсыардааҥҥыттан дьиэ кэргэним, чугас дьонум, биир дойдулаахтарым, доҕотторум, кэллиэгэлэрим эҕэрдэлээн уһугуннардылар. Төрөөбүт күн — күндү күн!», — диэн хоруйдаата.
Василий Васильевич, эн эбэҥ Өксүүнньэ эмээхсин остуоруйаларын истэн улааппыт буолан, олоҕуҥ устата саха норуотун уус-уран айымньытын — фольклорун, оһуокайын, олоҥхотун уонна ыһыаҕын курдук мэҥэ өйдөбүллэри өрө тутан кэллиҥ. Үгүс элбэх олоҥхоһуттары, норуот ырыаһыттарын, оһуокайдьыттары, норуот талаанннаахтарын кытта алтыстыҥ. Саха сирин үгүс улуустарыгар, нэһилиэктэригэр сылдьан, фольклор айымньыларын хомуйдуҥ.
Ытыктабыллаах Василий Васильевич, бүгүҥҥү үбүлүөйдээх төрөөбүт күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! «Туох ханнык иннинэ эдэрдэр мин тугу таппыппын, тугу сыыспыппын өйдүүллэригэр, бэйэлэрэ саҥа саҕалаан эрэр үлэлэригэр фольклору хомуйууга, киэҥ эйгэҕэ тиэрдиигэ, наука туһугар туох үйэлээҕи билиҥҥи кэмҥэ оҥоруохха сөбүй диэн, толкуйдаан көрөллөрүгэр уонна туһаналларыгар туһалаах буолуон сөп», — диэн санаанан салайтаран үлэлээбит үлэҥ үйэлээх буоларыттан эйиигинэн киэн туттабыт! Өрүү бүгүҥҥүҥ курдук күлэ-үөрэ сырыт, санаабыт санааҥ тута олоххо киирэн истин!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.