Бүгүн Күндэ төрөөбүт күнэ

16.01.2018
Бөлөххө киир:

XX үйэ саҥатынааҕы саха биллиилээх суруйааччыта, литературовед Алексей Андреевич Иванов-Күндэ бүгүн төрөөбүт күнэ.

edersaas.ru


Саха биллиилээх суруйааччылара Күндэ туһунан маннык суруйбуттара:

«Саха поэзиятын аан маҥнайгы страницатыгар биир саамай кэрэ, саамай чаҕылхай строка – күн-дьыл ааһан истэҕин ахсын өссө ордук күлүмүрдээн, өссө ордук күндүтүйэн көстөр строка – Күндэ уран илиитинэн суруллубута.

… Күндэ дириҥ иэйиилээх буолан, ханнык да чуор кулгаахтаах киһи истибэтин истэрэ, ханнык да кыраҕы харахтаах көрбөтүн көрөрө.

… Кэпсээннэрэ саха советскай прозатын аан бастакы айымньыларын ахсааныгар киирэллэр уонна билиҥҥэ диэри бэрт кэрэхсэбиллээхтик ааҕыллаллар.

… Пьесалара 1920-с сыллардаахха бэчээттэнэн, сценаҕа көрдөрүллэн, саха драматургията уонна театральнай искусствота сайдыыларыгар улахан оруолламмыттара.

… Кини айымньылара бириэмэ кытаанах бэрэбиэркэтин тулуйдулар, сытыы кылааннарын мүлүрүппэтилэр, күүрдэр күүстэрин мөлтөппөтүлэр.

Күндэ үрдүк культуралаах, дэгиттэр дириҥ билиилээх киһи этэ…

… Кини кылгас олоҕун устатыгар айан хаалларбыт нэһилиэстибэтэ биһиги бука бары киэн туттар баайбыт буолар».

Софрон Данилов.

«Күндэ олоҕу муҥура суох таптыырга, бар дьон дьолун, үтүө кэскилин туһугар күүһү харыстаабакка үлэлииргэ ылыннарыылаахтык ыҥырар оптимист поэт этэ.

Биһиги Сахабыт сирин киэҥ дэлэй айылҕатын, кини баай хара тыатын, дэхси-көнө хонуутун, ыраас-чэбдик уутун эгэлгэ кэрэтин хоһуйбут маҥнайгы биир улахан поэппыт – Күндэ.

Дьиҥ уһулуччулаах кэпсээнньит буолуох киһини биһиги олус эрдэ сүтэрбиппит эбитэ буолуо дии саныыбын».

Амма Аччыгыйа.

«Кюндэ в якутской литературе оставил след, главным образом, как поэт-лирик… Научные труды по языку и по этике, которым он уделял много внимания, не утратили своего значения и по сей день».

Суорун Омоллоон.

«Платон Алексеевич, Алексей Андреевич-Күндэ иккиэн киһи кутун-сүрүн баттаабат, дьэбин уоһуйбатах, тымныы ууну омурпатах дьон этилэр. Үлэлэрин быыһыгар кэм тугу эмэ кэпсии-ипсии, саҥара-иҥэрэ, күлэ-оонньуу олорор буолаллара. Күндэ, Ойуунускайга тэҥнээтэххэ, наҕыл-бытаан туттуулаах-хаптыылаах, хайдах эрэ ис-иһиттэн наһаа симик-намыын киһи этэ. Ойуунускай уонна Күндэ бэйэ-бэйэлэрин улаханнык ытыктаһар, иллээх-эйэлээх дьон этилэр».

Күннүк Уурастыырап.

Өйтөн сүппэт хоһоонноро

САРСЫАРДААҤЫ ТУМАҤҤА

«Сайын

Сарсыардааҥы

Хаар хаһыҥҥа

Тоҥон өлөн

Токуччу таттаран,

Утуйбакка сылдьан

Утуктуур бөҕөнү көрөн,

Сур соноҕоһунан

Сухалыы сырыттахпына,

Унаар-тунаар

Сыһыылар

Улаҕа өттүлэригэр

Сылгылар кистэстилэр…

Соноҕоһум оҕото

Суос-соҕотоҕун

Сиик-силбик тыыннаах,

Сир ийэ хотуну

Илби тэпсэн,

Илдьи үктээн иһэн,

Иһин түгэҕиттэн аҕалан кистээн

Тырылайдыы-тырылайдыы

Тыбыырталаан ылбыта,

Улуу дойдуларбытын

Улаҕаларынан

Уораһыйан,

Дуораһыйан барбыта…».

КИИ СЫТА

«Сааскы сөрүүн салгыҥҥа

Уу-хаар тахсан эрдэҕинэ,

Саха ыалын таһынан

Уһун суол устун

Айаннаан аҥаарытан,

Ааһан испитим.

Хатыҥ тумул иһиттэн,

Хахыйахтары быыһынан,

Ыарҕа талахтары үрдүнэн,

Ыал түптэтин буруота

Тунааран киирэн,

Турар.

Ибир-сабыр тыаллаах,

Ичигэс салгыҥҥа

Кии сыта

Киһи сүрэҕин-быарын

Хаба ортотунан

Халыйан киирэр…

Иитиллибит

Ийэ киин дойдум

Сымнаҕас, сылаас,

Сыламнатар сыта-сымара

Испэр-быарбар

Таайан киирэрин

Таптыыбын эбээт, атастаар!»

ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ

«Төрөөбүт

Төрүт тыл

Сөрүүн

Сүөгэй курдук

Сүрэҕи-быары

Сөрүүргэтэр,

Убаҕас отон

Уутун курдук

Улахан куйааска

Утаҕы аһарар,

Сырдьыгыныы көөнньүбүт

Сылгы кымыһын курдук

Тостор куйааска

Тоҕулу ханнарар…

Иитиллибит

Ийэ тылбыт

Иинэҕэс сири

Имэҥинэн-быйаҥынан

Ибиирэн биэрэр…

Саппа-

Садарах уотунан

Күтүр хараҥаны

Күлүмнэтэ сырдатар…

Ийэ тыл

Быстар-ойдор күҥҥэ

Быыһал-абырал буолар,

Өлөр-сүтэр күҥҥэ

Өрөһүлтэ буолар…».

ЫСПЫРААПКА:

1898 с. тохсунньу 16 күнүгэр Сунтаар улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр орто ыалга төрөөбүтэ.

Кутана уонна Элгээйи оскуолаларыгар үөрэммитэ.

Иркутскай семинариятыгар пансионакка ылыллан үөрэххэ киирбитэ.

1917-1920 сс. Тойбохойго, Кутанаҕа, Сиэйэҕэ учууталлаабыта.

1920-1923 сс. Бүлүү куоратыгар учууталлаабыта. Учуутала П.Х.Староватовтыын өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас түмэлин тэрийсибитэ.

1923 с. Дьокуускайга көспүтэ. Техникумнарга, 2-с ступеннаах оскуолаҕа саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэппитэ. Литэрэтиирэ куруһуогун тэрийбитэ.

1924 с. Москваҕа Киин издательствоҕа саха салаатыгар үс сылга тиийбэт кэмҥэ үлэлээбитэ.

19334 с. алтынньы 30 күнүгэр өлбүтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0