Олунньу 26 күнүгэр планета соҕурууҥу полушариетын олохтоохторо күн өлүүтүн көрүөхтэрэ. Соҕурууҥу Африка, Соҕурууҥу Америка уонна Антарктида олохтоохторугар толору көстүөҕэ.
Ангелина Васильева, »Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Күн өлүүтэ диэн — Сир уонна Күн икки ардыларынан Ый кэлэн, кини күлүгэ күнү мэһэйдиирин этэллэр.
Хомойуох иһин, Арассыыйаҕа, Саха сиригэр бу көстүбэт. Ону тэҥэ, Саха сиригэр күн киирбитин кэннэ, Дьокуускай бириэмэтинэн киэһэ 9 чаастан түүн 3 чааска диэри буолар. Түүн 11 чаас диэки күн муҥутаан көстүбэт буолар. Ол курдук Ый Күнү толору бүөлүүр, арай кытыытынан биһилэх курдук төгүрүччү уот сардаҥата көстүө.
Ыраастаныы кэмэ
Күн өлөр кэмэ — эниэргийэ өттүнэн олус күүстээх кэм. Баҕар-баҕарыма, итэҕэй-итэҕэйимэ, киһи айылҕа оҕото буоларынан, халлаан эттиктэрин хаамыытыттан син биир тутулуктаах. Онон, дьэ, киһиэхэ хайдах дьайар эбитий?
Күн өлүөн үс күн иннинэ уонна кэннинэ улахан, суолталаах быһаарыныылары ылынымаҥ, дьайыылары оҥорумаҥ. Бу кэм — ыраастаныы, эргэни быраҕыы, хомолто сүгэһэриттэн босхолонуу кэмэ.
Олунньу 26 күнэ — православнай итэҕэлинэн, Бырастыы гыннарар баскыһыанньа. Онон сарсыардаттан ыраастанан, дьиэни-уоту хомуйан баран, киэһэлик олоҕу тупсарар туом оҥорорго бэлэмнэн.
Чүмэчи уматан, сыт таһааран дьиэҕин ыраастаа, бэйэҥ душтанан, суунан ыл. Суунар кэмҥэр мунньуллубут сылайыы, хомолто, кыыһырыы, хом санаа барыта ууну кытта барсарын курдук оҥорон көр.
Онтон кимтэн кыыһырбыккын, хомойбуккун, кими хомоппуккун саныы-саныы ыраас лиискэ суруйан баран, бырастыы гыннара-гыннара, чүмэчигэ тутан уматан кэбис.
Бүгүн түүн өссө халлааҥҥа саҥа ый төрүүр күнэ (новолуние). Онон былаан оҥосторго бэртээхэй кэм.
Бу сылга тугу баҕараргын оҥорон көрө-көрө, эмиэ ыраас лиискэ суруй. Саҥа массыына, дьиэ, айан, бэртээхэй билсиһии, бириэмийэ, табыллыы? Санааҕын хааччахтаама! Кылаабынайа, буолбутун курдук оҥорон көрүөххэ наада. Онтон лииһи умаппакка, кэмбиэрдээн баран, кумааҕы быыһыгар ууран кэбиһиҥ.
Үс ураты түгэн тосхойбутун — Күн өлүүтэ, Ый үүнүүтэ уонна Бырастыы гыннарар күн бииргэ түбэспитин мүлчү тутума, алыптаах кэми толору туһан!
Ангелина Васильева, »Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru