Бүгүн – Үҥкүү күнэ!

29.04.2017
Бөлөххө киир:

ОҺУОР СИТИМЭ

Бу сыл аатырбыт Сергей Зверев — Кыыл Уолун ансаамбыла төрүттэммитэ 60 сылын туолла. Ол аата, кини туруорбут, сахалар биир бастыҥ «Оһуор» үҥкүүбүт сыанаҕа толоруллубута лоп-курдук 60 сыл буолбут.

Сергей Зверев 1957 сыллаахха Сунтаар оройуонун 17 эдэр ыччатынаан бу үҥкүүнү күн сирин көрдөрөн, саханы ааттатан, аан дойду араас сценаларыгар таһаарар дьылҕалаабыттара. Бу үбүлүөйгэ анаан Сергей Зверев — Кыыл Уола аатынан Үҥкүү театра уонна Сунтаар улууһа ааспыт ыйга Дьокуускай куоракка икки күннээх тэрээһини ыытта.

Бастатан туран, Сергей Зверев олоҥхотугар олоҕуран туруоруллубут «Куллустай Бэргэн» этнобалет көрдөрүллүннэ. Бу испэктээкил 2015 сыллаахха, Сунтаартан төрүттээх Юрий Федоров туруоруутугар, Кыыл Уола төрөөбүтэ 115 сылыгар анаан Дьокуускай, Москва, Санкт-Петербург куораттарга сүрэхтэммитэ. Сергей Зверев уһуйбут, үөрэппит үҥкүүһүттэрэ — билигин 60-80 саастаах ытык кырдьаҕастарбыт икки сыллааҕыта курдук испэктээкилгэ эмиэ кыттыыны ыллылар. Саамай аҕа саастаах үҥкүүһүт билигин 90-на.

Иккис күнүгэр «Сергей Зверев Оһуор үҥкүүтүнэн арчыланан» диэн “төгүрүк остуол” тула көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ, утум салҕаныыта, удьуор ситимэ буолла. Манна аатырбыт ансаамбыл кыттыылаахтара, барыта 19 киһи, Сунтаартан, Ньурбаттан, Дьокуускайтан кэлэннэр бэйэлэрин санааларын этэн, эдэрдэри алҕаан бардылар. Бу көрсүһүүгэ тыйаатыр артыыстара, үлэһиттэрэ, Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун устудьуоннара сырыттылар.

Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салайааччыта М.В.Кобельянова көрсүһүү туһунан бу курдук эттэ: «Быйыл ансаамбылбыт 60 сылын бэлиэтээн бу үҥкүүгэ сылдьыбыт, уһуйуллубут, такыйыллыбыт, С.А.Зверевтыын тыыннаахтыы алтыспыт дьоннору илдьэ, кинилэртэн өссө саҥаны билэр уонна эдэр көлүөнэни кытта көрсүһүннэрэр сыалтан, дьоллоох Дьокуускай куоракка кэлэ сылдьабыт. Бэҕэһээ «Куллустай Бэргэн» үҥкүү испэктээкилин икки көлүөнэ толордо, Кыыл Уолун ааттаан көлүөнэлэр ситимнэрэ көһүннэ. Мин санаабар, бэтэрээннэр театр артыыстарын кытта тэҥҥэ үҥкүүлээннэр, массовкаҕа кыттаннар, бу Сергей Зверев «Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн» сүдү айымньытын тыйаатыр сценатыгар куттаан, тыыннаан, дириҥ суолталаан биэрдилэр. Үҥкүүгэ бэйэҥ хамсаныыгынан, эмоцияҕынан дьоҥҥо-сэргэҕэ туругу тириэрдэр буоллахха, бу эдэрдэр уонна кырдьаҕастар алтыһыылара ону күүһүрдэн биэрдэ. Аттыларыгар сылдьан, биһиги курдук эмиэ бу Сочи куоракка буолаары турар, Ыччат уонна устудьуоннар бэстибээллэригэр кыттыҥ, диэн алгыстарын тириэртилэр. Бу бэйэтэ бэлиэ буолан хааллаҕына — олус үчүгэй. Ол эбэтэр, сатаннаҕына, Үҥкүү тыйаатыра ыччат улахан бэстибээлигэр кыттыыны ылар түгэнигэр — бу олох чахчытын кэрэһэлиир историческай түгэн буолар. Дьонум-сэргэм, кыргыттарым-уолаттарым (мин кинилэри сөбүлээн инник ааттыыбын) олус үөрдүлэр. Бэйэлэрэ этэллэринэн, маннык көрсүһүүлэртэн эрчим ылан бараллар, өссө олоруохтарын, үҥкүүлүөхтэрин-ыллыахтарын баҕараллар. Бу дьон — саха омук киэн туттуута, Улуу Зверев норуокка хаалларбыт духуобунай баайыттан биирдэстэрэ буолаллар. Хомойуох иһин, ансаамбыл кыттыылаахтара аҕыйаан иһэллэр. Бу күннэргэ икки киһибит суох буолла, ол улахан сүтүк буолар. Быйылгы Ыгыаттаҕа ыытыллар ыһыахпытын кинилэргэ анаан оҥоруохпутун баҕарабыт».

Ансаамбыл биир тутаах киһитэ, дьаһайар, сүүрэр-булар дуоһунаска, кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытааччынан сылдьыбыт САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Федорович Васильев этэринэн, «Биһиги зверебистэр мээнэ маннык элбэх буолан көрсүбэппит. Зверевка 1957 сылтан 70-с сылларга диэри кини айымньылаах үлэтигэр кыттыһан сылдьыбыт Зверев оҕолоро, итиэннэ Зверев аатын үйэтитэ сылдьар, кини аатын сүгэр Үҥкүү тыйаатырын кэлэктиибэ бииргэ түмсүбүппүт олус үчүгэй».

Тэрээһин кэнниттэн ансаамбыл сорох кыттыылаахтарын кытта сирэй көрсөн кэпсэттим, кинилэр олоххо өрүү көхтөөхтөрүн үөрэ көрдүм. Ансаамбылга бастакы күннэртэн сылдьыбыт Акимова Мария Андреевна «Оһуор үҥкүүтэ» хайдах туруоруллубутун билиһиннэрдэ: «1957 сыллаахха Саха сирин Ыччаттарын I бэстибээлэ буолар диэн хас биирдии хаһыат уонна араадьыйа күннээҕи сонуннарынан туолбута. Култуура отдела, райком, комсомол барыта кыттаннар, нэһилиэккэ элбэх үлэлэри ыыппыттара. Эдэр ыччаттары түмпүттэрэ. Кулууптар бары кыраапык быһыытынан Сунтаарга киирэн көрүүгэ кыттыбыттара. Сергей Афанасьевич Зверев дьүүллүүр сүбэ састаабыгар баар этэ. «Оһуор үҥкүүтүн» туруорабын диэн 17 киһини талан ылбыта. Өссө эбээннии, нууччалыы, кытайдыы үҥкүүнү үөрэппитэ. Бырагыраамабытыгар өссө тойуксуттар бааллара. Сергей Афанасьевич үҥкүүнү туруорарыгар бары сыратын, дьоҕурун, сатабылын ууран бэлэмнээбитэ уонна биһигиттэн эмиэ оннугу ирдиирэ. Хойутууру олох сөбүлээбэт этэ, өрөбүлтэн ураты күн 8-19 чааска диэри дьарыктанарбыт. Бары уһуйааччыбыт этиитин толорон иһэрбит, онон үлэлииригэр чэпчэки быһыылаах этэ. Үҥкүүбүт 36 мүнүүтэлээх буолбута. Дэйбиирдэрбитин, илин кэбиһэрбитин Сунтаар уустара оҥорбуттара. Орнаменын игин Сергей Афанасьевич бэйэтэ ыйан «маннык буолуохтаах» диэн уолаттарга уруһуйдатан баран оҥотторбуттара. Бэстибээлгэ кыттарга бэлэмнэнии үлэтэ ыйтан ордук буолбута.  Үҥкүүбүт бастаан Сунтаарга сүрэхтэммитэ. Сергей Афанасьевич ол кэнниттэн хамсаныыга, муусукаҕа сыыһаларбытын ыйан көннөрөн баран Дьокуускайга айаннаабыппыт. Барыта тыа оҕолоро, ферма үлэһиттэрэ, оробуочай эдэр ыччат аан бастаан Дьокуускайга кэлбиппит. Олус үчүгэй тэрээһиннээх өрөспүүбүлүкэтээҕи I бэстибээл буолбута. Сунтаар оройуона бастакы миэстэни ылан үөрүүбүт үрдээбитэ. Сергей Зверев «Улуу Москубаны уруйдуубун» диэн тойуга, «Оһуорбут үҥкүүтэ», Зинаида Токуева тойуга Москва куоракка ыытыллар Аан дойду ыччаттарын уонна устудьуоннарын VI бэстибээллэригэр кыттар чиэскэ тиксибиттэрэ». Мария Андреевна дьүөгэтэ Трофимова Евдокия Ивановна Сунтаар Күндэйэтиттэн кэлэ сылдьар эбит. «Оһуор» үҥкүү биһиэхэ туруоруллан, Москуба куоракка тиийэн улахан бэстибээлгэ кыттыбыппыттан дьоллоохпун, диэн үөрэн-долгуйан туран санаата: «Мин эмиэ сүүмэрдээһини ааһан ансаамбыл бастакы кыттааччыларыттан биирдэстэрэ буолбутум. «Оһуор үҥкүүтүгэр» 17-тиэ (аҕыс паара уонна Удаҕан кыыс) этибит, олортон билигин үһүөйэх хааллыбыт. Сергей Афанасьевич бастаан бу үҥкүү туһунан, былыргы номохтон буоларын сиһилии кэпсээбитэ. Үҥкүү хамсаныылара барыта сахалар бэйэбит олохпутугар-дьаһахпытыгар баар туттууларбыт диэн эппитэ уонна бэйэбит омукпут дьарыгын, оһуорун, туттар тэрилин көрдөрөр диэн быһаарбыта. Билигин бу үҥкүү хамсаныылара уларыйбытыттан биһиги хомойобут, кымыс иһиитэ уонна оһуохайа суох. Сунтаарга Сергей Афанасьевич 110 сылыгар элбэх киһи бу үҥкүүнү толорбута. Хамсаныыга уларыйыылар баар этилэр, оттон муусуката онно уруккутун курдук сөп этэ. (Ол ыһыахха «Оһуор үҥкүүтэ» муусукатын Сунтаартан төрүттээх композитор Аркадий Самойлов анаан-минээн сөргүтэн, нуотаҕа түһэрбитэ. Ону саха оркестрын музыкана Афанасий Томскай оркестрга суруйбута). Үҥкүү туруорарыгар Сергей Афанасьевич хамсаныыны бэйэтэ илиитинэн-атаҕынан көрдөрөр этэ уонна киҥинэйэн ыллаан матыыптары уурара. Үҥкүү хас да төгүл уларытыллыбыта, кылгатыллыбыта. Улуу Москуба куоракка Аан дойду ыччатын уонна устудьуоннарын VI бэстибээлигэр кыттыыбытын бары даҕаны олохпут саамай бэлиэ күнүнэн ааҕабыт. Үөрэн-көтөн, өрө көтөҕүллүүлээхтик аҕыс сиргэ үҥкүүлээбиппит: Горькай аатынан сынньалаҥ паркатыгар, байыаннай чааска, Сэбиэскэй армия кулуубугар уонна да атын сирдэргэ. Москуба кэрэ миэстэлэринэн экскурсияҕа сылдьыбыппыт. Бэстибээлгэ 44 судаарыстыба бэрэстэбиитэллэрэ кэлбит этилэр. Онон биһиги араас омуктары кытта алтыһар чиэскэ тиксэммит, кинилэри кытта көрсүһэн, ырыаларын-үҥкүүлэрин көрөн туох да наһаа дуоһуйан сылдьыбыппыт. “Лужники” аһыллыытыгар барарбытыгар араас омуктар сүүс оптуобуска олорон айанаабыппыт. Онно Москуба олохтоохторо, ыалдьыттара уулусса кытыытыгар тураннар оптуобуспут ааһарыгар сибэкки быраҕан уруйдаабыттара-айхаллаабыттара. “Открытиеҕа” хаһан да көрбөтөхпүтүн көрөн, остуоруйа дойдутугар сылдьар курдук буолбуппут. Сылдьарбыт тухары, сүүрбэ хонук иһигэр хас күн аайы кэнсиэргэ кыттыбыппыт. Биһиги үҥкүүлэрбитин, ырыаларбытын көрөөччүлэр олус сэргээбиттэрэ, уруйдаабыттара.

Саха сирин дэлэгээссийэтигэр өрөспүүбүлүкэ биллиилээх артыыстара бааллара: Анастасия Лыткина, Гавриил Колесов, Ольга Иванова, Амматтан чабырҕахсыттар. Бэстибээлгэ сылдьан Ольга Иванова «Доҕоруом, эн кэлиий» ырыатын аан маҥнай ыллаабыта. Онно көрсөн-билсэн, биһиэхэ бу ырыатын хайдах, туох туһунан суруйбутун кэпсээбитэ. «Дуня, мин ырыаларбын ыллыыр буолаар», — диэн миэхэ эппитэ. Ольга Петровна айбыт «Манчаары», «Маныыһыт кыыс ырыатын», «Доҕоруом, эн кэлиий» ырыаларын ол күнтэн ыла ыллаан кэллим. Ол курдук бары олус иллээхтик, үөрэн-көтөн сылдьыбыппыт. Сергей Афанасьевич Зверев талааныгар олоҕум тухары сүгүрүйэбин. Кини саха үҥкүүтэ хайаан да баар буолуохтаах, сахалар үҥкүүһүт норуоппут, үлэни, үҥкүүнү, тойугу, олоҥхону, оһуохайы өрө туппут дьоммут диирэ. Инникитин да өссө элбэх үҥкүү айыллыахтаах, мин үҥкүүлэрим көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан бара туруохтара, мин үөрэппит үҥкүүлэрим эһигинэн бүтэн хаалыа суоҕа диэн этэрэ. «Эһиги мин үҥкүүлэрбин үҥкүүлээҥҥит, бастакы «Оһуор үҥкүүтүн» толорбуттар хойуттан-хойут син биир ааттана туруоххут, чиэстэнэ-бочуоттана сылдьыаххыт», — диэн өтө көрөн эппитэ. Билигин Сергей Зверев ырыата-тойуга, үҥкүүлэрэ аан дойдуга аатырдылар, эдэр ыччаттар кыраныысса таһыгар тиийэн үҥкүүлүүллэр. Мин баҕа санаам—билигин Сергей Афанасьевич курдук үчүгэй үҥкүү тылын этээччи тахсара буоллар… Биһиги сахалар саамай бастыҥ оонньуубут оһуохай буоллаҕа. Сергей Афанасьевич салайбыт үҥкүүтэ, ырыата-тойуга үйэлэртэн үйэлэргэ салҕана турдун, уруйданнын-айхалланнын!»

Сергей Зверев саха муусукаалынай инструмена сайдарыгар бэйэтин сүдү кылаатын эмиэ киллэрсибитэ. Ансаамбылын иһинэн өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан саха үҥкүүтүн доҕуһуоллуурга диэн оркестр баар буолбута. «Ытык дабатыы» улахан айымньытыгар бэйэтэ дүҥүргэ толорон ойуун кыырыытын көрдөрбүтүн, араадьыйаҕа уонна киинэҕэ уһуллубутун туһунан үөлээннээхтэрэ уонна айар үлэтин үөрэппит дьон ахтыылара Д.С.Зверев «Айыылартан арчыламмыт» кинигэтигэр баар. «Дүҥүрү бэйэтин үйэтигэр С.А.Зверев курдук чыпчаал маастарыстыбалаахтык охсор киһи баара биллибэтэҕэ, өтөр бэтэрээнэн иһиллибэтэҕэ», — диэн З.И.Саввинов «Алгыстаах аартык арыллыыта» кинигэтигэр суруйбута. Хомуска эмиэ бэйэтэ оонньуура уонна үҥкүүһүттэрэ эмиэ толороллоро. Кини салайааччы, үҥкүү туруорааччы эрэ буолбакка, ону таһынан муусукатын эмиэ бэйэтэ айарын туһунан биһиги билэбит. Үөрэҕэ суох да буоллар, айылҕаттан муусукаҕа дьоҕурдааҕын, олус үчүгэйдик истэрин, оркестрга биир эмит инструмент сыыһа оонньуурун, буккуйарын, иһиллибэтин чуолкайдык ыйара, эбэтэр оркестр үҥкүүгэ дьүөрэтэ, ис хоһоонугар сөбө суох муусуканы оонньуурун ыйан, туруоруллар үҥкүүгэ кынат, дууһа буолар муусуканы булары модьуйара диэн ахтыыларга баар.

Татьяна Алексеевна Фомина миэхэ эмиэ Сергей Афанасьевич муусукаҕа чугаһын (бэйэм муусукаан буоламмын ону үөрэтэбин) уонна саха үҥкүүтүн туһунан:

«Сергей Афанасьевич хас хамсаныытын аайы араас матыыптыыр этэ. «Доҕордоһуу» үҥкүүбүт 48 мелодиялааҕа. Үҥкүү туруорарыгар бастаан муусукатын айар, ыллыы-ыллыы булар, талар этэ. Онтон матыыба, тэтимэ сөп түбэстэҕинэ хамсана-хамсана биһигини үтүгүннэрэр этэ. Онтон хайдах көстүүлээҕин көрөр. Ылымматаҕына атыннык туойар, ыллыыр. Табаҕын тарда-тарда саҥаттан-саҥа мелодияны көрдүүр, тэпсэҥнии сылдьар буолааччы. Кини мелодията бииртэн-биир кутуллан тахсан иһэрэ. Киһи кулгааҕын сымнатар буолан умсугуйан туран истэрбит. Сергей Афанасьевич ойуурга сылдьан туох баар оттор-мастар араастык суугунууллара, чыычаах көтөн ааһара, көтөр-сүүрэр ырыата, атаххар от сырдырҕыыра, мутук тосторо — бу барыта киниэхэ оркестр буолан иһиллэрин этэрэ. Ол дорҕооннорунан матыып ыллаан хамсаныыга түһэрэр. Оннук күнү быһа баҕар биир хамсаныыны оҥоруон сөп. Сөп түбэстэҕинэ «миигин үтүктүн» диир, онтон оркестрга түһэрэллэр уонна оонньоон бараллар. Егор Егоров олус үчүгэй сулуухтаах буолан, Сергей Афанасьевич хайдах ыллыырынан инструмеҥҥа түһэрэн иһэрэ. Оттон Василий Васильев диэн муусукаалынай үөрэхтээх киһи нотаҕа түһэрэн биэрэрэ. Ол кэннэ тоҕус инструмеҥҥа аранжировка (инструментовка) оҥоһуллара. Саха үҥкүүтүн туһунан эттэххэ, бэйэбин билигин үҥкүүнү Зверев хараҕынан көрөбүн дэнэбин. Миигин бастаан Сергей Афанасьевич сахалыы сатаан үҥкүүлээбэккин диэн мөҕөн, үүрэн ыыппыта. Онтон мин толкуйдаан, саха киһитэ айылҕа оҕото буоларынан, айылҕаттан, кыыллартан үтүктэн хамсаныахтаахпын өйдөөбүтүм. Оҕо сылдьан атах сыгынньах сүүрэкэлээбиппин санааммын, саха дьоно хайдах хаамарын-туттарын кэтээммин, үҥкүлүүрбэр онон сиэттэрэр буолбутум. Ол түмүгэр 64-65 сыллаахха «Оһуор үҥкүүтүгэр» Удаҕан буолан солисткалаабытым. Бастакы солистка 1957 сыллаахха Капиталина (Кириллина К.Ф.) этэ, онтон Кымнья (Кривошапкина К.М.) уонна мин толорбуппут. Хомойуох иһин, билигин Кыыл Уолунуу дьиҥ сахалыы үҥкүү олох суох буолла. Зверев кэнниттэн сахалыы тыыннаах хамсаныылар сүттүлэр. Билигин балетнай тирэххэ сахалыы үҥкүүлүүллэрин биир бэйэм соччо ылыммаппын. Биллэн турар, олох уларыйыытынан бары-барыта эмиэ уларыйда. Онон Зверевтэн ылан сахалыы хамсаныы хайдах буолуохтааҕын үөрэтиллиэхтээх дии саныыбын…», — диэн бэйэтин санаатын аһаҕастык эттэ.

Бу көрсүһүүбүт «Оһуор үҥкүүтэ» саха үҥкүүтэ сценаҕа толоруллуутун саҕалааччыларын уонна билигин толоро сылдьар — идэтийбит кэлэктиип алтыһыыта, айар үлэлэрин ситимэ буолар. Ол туһунан Кымнья Муксуновна Кривошапкина олус үчүгэйдик эттэ: «Биһиги Сергей Афанасьевичпыт аатын сүгэр тыйаатырбытын кытта ыкса чугас үлэлиибит. Бэҕэһээ испэктээкилгэ кыттыбыппыт, үөрэ-көтө, долгуйа сценаҕа эдэр артыыстары кытта тахсыбыппыт. Тыйаатыр үлэтин олус сэргиибин, кэтээн көрөбүн. Манна мин бииргэ төрөөбүт быраатым кыыһа Лена Ким үлэлиир. Лена билигин тыйаатырга «Оһуор үҥкүүтүгэр» Удаҕан оруолун толорор. Лена ийэтэ Сидорова Маргарита Федоровна  «Сарсын, сарсын сарсыарда» киинэҕэ 1969 сыллаахха Удаҕан оруолун үҥкүүлээн уһуллубута. Мин бэйэм эмиэ 1965 сыллаахха Фомина Татьяна Алексеевналыын эмиэ бу оруолу толорооччу этибит. Онон Сергей Афанасьевич үҥкүүтүнэн эмиэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ утум салҕаныыта, удьуор ситимэ баар. Тыйаатыр баара олус үчүгэй, биһиги онтон дьоллоохпут. Сергей Афанасьевич салайыытынан саҕалаабыт дьыалабыт, сахалыы үҥкүүбүт билигин идэтийбит кэлэктиип буола үүммүтүттэн биһиги үөрэбит. Олус ситиһиилээхтик үлэлии сылдьарынан киэн туттабыт. Тыйаатыр билигин ансаамбылбыт кыттыылаахтарын, араас-атын сиргэ олорор дьону холбуур, ситимниир. Бу айымньылаахтык үлэлии сылдьар, аан дойдуга саха искусствотын үрдүк таһымҥа көрдөрөр, Сергей Зверев айымньыларын кытта билиһиннэрэр тыйаатыр кэлэктиибэ анал дьиэтэ суоҕа биһигини хомотор. Тыйаатырбыт туспа дьиэлэнэрэ буоллар, диэн бука бары баҕа санаалаахпыт». «Сунтаар улууһа Үҥкүү тыйаатырын кытта олус ситимнээхтик үлэлиибит. Былырыыҥҥаттан «КЫЛ САХА» төрүт дорҕоон бөлөҕүн кытта олус үчүгэйдик кэскиллээх үлэбитин саҕалааммыт, билигин сыаллаах-соруктаах үлэбит бара турар. Инникитин өссө ыкса ситимнэһэн, үлэбит өссө кынаттанара буоллар. Мин 2015 сыллаахха үрдүк солоҕо ананан баран хайдах эрэ Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола миэхэ сулус уонна кынат быһыытынан буолла дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, кини үтүө үбүлүөйүгэр сөп түбэһэн Санкт-Петербург, Москуба курдук улуу куораттарга улахан тэрээһиннэргэ тиийэн, кини аатын аан дойдуга ааттатар сыаллаах-соруктаах үлэлээн кэлбиппинэн мин дьоллоохпун. Сергей Афанасьевич Зверев аатын үйэтитэргэ, кини аатынан бириэмийэ олохтоноро, дьиэ тутуллара, пааматынньык турара эбитэ буоллар, мусуой төрүттэнэрэ эбитэ буоллар, бу барыта сатаныа-табыллыа этэ!» — диэн Мария Васильевна Кобельянова көрсүһүүнү түмүктээтэ.

Дьэ, бу курдук икки күннээх тэрээһин биир тыынынан ааста, испэктээкил да көрдөрүллүннэ, оһуохай да үҥкүүлэннэ, алгыс тыллара да этилиннилэр, уруккуну санаан, инникини түстээн, үтүө түмүктэрдээх буолла. Икки көлүөнэ көрсүһүүтэ мээнэҕэ ыытыллыбата — бу түмсүү улахан суолталаах буолла. Аҕа көлүөнэ дьон алгыһа, баҕа санаата күүстээх, тыллара-өстөрө да дириҥ, онон баҕа санаабыт барыта туолуохтун!

Анна ТОМСКАЯ,

СӨ култууратын туйгуна, Россия театральнай сойууһун чилиэнэ.

Хаартыскаларга: Икки көлүөнэ көрсүһүүтүн түгэннэриттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0