Бүгүн — Өймөкөөн улууһун «Северная заря» хаһыата 75 сыллаах үбүлүөйэ
Бүгүн өймөкөөннөргө икки бүк үөрүүлээх бырааһынньык. Бастатан туран, 1 Маай бырааһынньыга. Иккиһинэн, 1945 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр, Өймөкөөн оройуонун «Северная заря» хаһыата бу күн 1-кы нүөмэрэ тахсыбыта. Ол кэмтэн ыла номнуо 75 сыл ааста.
Аныгы үйэ буолан, билигин 75 саастаах киһи кырдьаҕас дьон статуһугар киирбэккэ, орто саастаахтар ахсааннарыгар сылдьар. Онон хаһыакка 75 сыл – олох «эдэр саас кэмэ» диэхпитин сөп курдук. «Северная заря» хаһыат 75 сыл тухары бэйэтин аатын уларыппакка, суруйар ньыматын ыһыктыбакка, сонуну түргэнник тиэрдэр үгэһин салгыы тутан, аныгылыы тыыннанан тахсара – бүгүҥҥү олох көстүүтэ.
Ол курдук, ааҕааччылар бу сыллар тухары «Северкалыын» ыанньыксыттары кытта – пиэрмэҕэ уонна сайылыктарга, сылгыһыттары кытта — кинилэр үүтэннэригэр, табаһыттары кытта – ыстаадаларга, көмүсчүттэри кытта – бириискэлэргэ, эмчиттэри кытта – балыыһаларга, учууталлардыын – оскуолаларга, быһата, ханна-ханна тиийбэтэхпитий! Хаһыаппыт барахсан 75 сыл тухары араас омук дьонун биир дьиэ кэргэн дьонун курдук ураты сылаас тыыннаан, сомоҕолоон кэллэ. Билигин хас биирдии хаһыат сирэйин арыйан көрдөххө, өймөкөөннөр олохторун усторуйата арылхайдык арыллан кэлэр, ол кэмнээҕи салгын хаттаан илгийэр. Араас кэмнэргэ үлэлээн ааспыт эрэдээктэрдэр, суруналыыстар, фотокоррдар – хас биирдиилэрэ тугунан да сыаналаммат тус-туспа буочардаахтар. Ууларын төһөлөөх хаммакка, тото-хана аһаабакка, массыынанан айаннаан, бөртөлүөтүнэн, сөмөлүөтүнэн көтөн, оҥочонон устан, оройуон историятын суруйбуттара буолуой?! Оччолорго кинилэр тустаах үлэлэрин толорор курдук сананан эрдэхтэрэ. Оттон ол билигин – Өймөкөөн улууһун дириҥ историята. Ол да иһин буоллаҕа, кинилэр үлэлэрин түмүгэ – бүгүҥҥү ааҕаччылар махталлара.
Мария БОЯРОВА, РФ үтүөлээх учуутала, Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатын иһинэн үлэлиир ГУЛАГ кэминээҕи кыраайы үөрэтэр литератунай музей, оскуола оҕолорун «Поиск» литературнай көрдүүр-чинчийэр кулууп салайааччыта:
— «Северная заря» хаһыаты кытта оскуолаҕа үөрэниэхпиттэн алтыһабын. Аны санаатахха, оскуолаҕа кэлэр эбит. Бастаан аахпыт нүөмэрбэр нуучча тылын учуутала Константин Васильев бэйэтин хоһооннорун сахалыы суруйбутун бэчээттэппит этэ. Ол хоһоон үчүгэйдик да суруллубутун сөхпүппүн өйдүүбүн. Ити 1962-1963 сылларга быһыылааҕа.
Ордук улуус историятыгар сыһыаннаахтары, дойдум үтүө дьонун туһунан ыстатыйалары, айар куттаах дьон айымньыларын сөбүлээн ааҕабын. Биллэн турар, улуус күннээҕи олоҕун көтүппэппин. Бу сыллар усталарыгар өйдөөн хаалбыт ыстатыйам элбэх бөҕө буоллаҕа. Ордук Сергей Егоров матырыйаалларын, тугу да быраҕан туран, ааҕарым. Киниэнэ барыта сибиэһэй, сонун, кырдьыктаах буолара. Кэһиимсэх киһи курдук, хас нүөмэр аайы «илии тутуурдаах» буолара.
Хаһыат бүгүҥҥү кэлэктиибин үөрэппит оҕом, кылаабынай эрэдээктэр Анна Галузо (Слепцова) салайан сылдьарыттан олуһун үөрэбин уонна киэн туттабын.
Бу сыллар тухары, мин үөлээннээҕим «Северная заря» хаһыат, өрүү төрөөбүт дойдубут олоҕун-дьаһаҕын, кыһалҕатын, үөрүүтүн, үйэлэргэ умнуллубат историятын сырдатан кэллэ. Санаан көрүҥ: Өймөкөөн оройуонун хас биирдии ыалыгар «Северная заря» хаһыат сибиэһэй сонуннаах киирэн кэлбитэ 75 сыл буолбут! Бу сыллар усталарыгар хаһыакка улууспут историятын сыаналаах архыыба хомулунна. Онуоха биһиги улуус нууччалыы тыллаах «Северная заря» хаһыат бары үлэһиттэригэр барҕа махталбытын биллэрэн, ис сүрэхтэн тахсар эҕэрдэ бастыҥын этэбит.
Тапталлаах «Северная заря хаһыаппыт! Эн өрүү биһигини кытта аттыбытыгар баар буол, өссө да үтүө сонуннаргынан биһигини үөрдэ тур!
Фаина РУМЯНЦЕВА, Ис Дьыала уорганын бэтэрээнэ, «Өймөкөөн» кэммиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэрилтэ бырабылыанньатын чилиэнэ, Өймөкөөн улууһун типографиятыгар 1973-1978 сылларга линотипистканан үлэлээбитэ, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
— Мин Новосибирскайдааҕы полиграфическай училищены бүтэрээт, дойдубар Өймөкөөҥҥө анатан, Уус-Ньараҕа оройуоннааҕы типографияҕа үлэлии киирбитим. Онно тэрилтэ салайааччытынан Александр Петров үлэлиирэ. Миэхэ настаабынньыгынан Марина Панченконы сыһыарбыттара. Барыбытыгар олус убаастанар киһинэн идэтин толору баһылаабыт Анна Еремеева этэ. Кини бэрт холку киһи өрүү сүбэлии-амалыы сылдьара, онон хас биирдии сүбэтэ биһиэхэ күндү этэ. Евдокия Мырееваны идэтигэр олус бэриниилээх настаабынньык быһыытынан өйдүүбүн. Киниттэн бастаан үлэбитин саҕалыыр дьон, батыһа сылдьан үөрэнэрбит. Метранпаһынан Антон Васильев үлэлээбитэ. Эмиэ бэртээхэй табаарыс, кэллиэгэ этэ. Хомойуох иһин, билигин бииргэ үлэлээбит дьонум үгүстэрэ биһиги аттыбытыгар суохтар. Мин Өймөкөөн типографиятыгар үлэлээбит сылларым, үлэм бастакы хардыыта буолан, олус күндүлэр. Типография үлэһиттэрин биир эппиэттээх үлэтинэн «Севернай заря» хаһыаты таһаарыы этэ. Хас биирдии нүөмэр тахсар күнүгэр киэһэ хойукка диэри үлэлиирбит. Редакциялартан үгүстүк алтыһар киһибитинэн Александра Самотаева этэ. Кытаанах, ирдэбиллээх буолан, ардыгар тэрилтэбит салайааччытын да курдук ылынарбыт. Эрэдээксийэ фотограба Галина Степанова элбэх да хаартысканы бэчээттэтэрэ. Ол ураты эппиэттээх үлэни эрэйэрэ. 1978 сыллаахха ыал буолан, Дьокуускайга көһөн кэлбитим. Ити кэмтэн ыла типография үлэтэ уларыйбытын-тэлэрийбитин истэн эрэ билэбин.
Төрөөбүт улууһум, нууччалыы эттэххэ, «легендарнай» дэнэр «Северная заря» хаһыат оройуон саамай элбэх киһилээх сэбиэскэй кэмигэр тахсыытыгар кылааппын киллэрбиппинэн киэн туттабын. Тапталлаах хаһыаппын билигин да умнубаппын. Бириэмэ буллум да, куорат киин бибилэтиэкэтигэр «Пушкинкаҕа» киирэн ахтылҕаммын таһааран, ааҕан, улууһум сонуну билсэн тахсабын.
«Северная заря» хаһыаппытын 75 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Өрүү сибиэһэй сонуннаах Өймөкөөнүҥ хас биирдии ыалыгар күүтүүлээх ыалдьыт буол!
Дария ТИХОМИРОВА, Томтор нэһилиэгинээҕи бэрэстэбиитэллээх уорган дьокутаата:
— Хаһыаттары кыра эрдэхпиттэн аҕам почта кэллэр эрэ, хайаан да аахтарар идэлээҕэ. Урут почтальоннар суумкаларыгар уктан, бөһүөлэги кэрийэн түҥэтэллэрэ. Эбээһинэстээх киһи буолан, хаһыат кэллэ да, анаан оҥостон олорон, биир-биир доргуччу ааҕарым. Биллэн турар, бастакынан ааҕар хаһыатым «Северная заря» буолара. Ол ааҕа олорон, куоласпын ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэ сатаан, уларытан ыларым…
Бүгүҥҥү күҥҥэ хаһыаппар улуус 100 сылын көрсө ахтыылары кэрэхсээн ааҕабын. Наһаа үчүгэй, интэриэһинэй матырыйааллар тахсаллар. Дойдум дьонунан киэн туттуу санаата киирэр. Өссө «Социальнай эйгэ» рубриканы интэриэһиргиибин. Тоҕо диэтэххэ, баар суол туһаныллыахтаах. Дьон көрүллэр өҥөнү ситэ туһаммата – тустаах иһитиннэрии тиийбэтиттэн.
Бүгүҥҥү «Северная заря» хаһыаппытын өрөгөйдөөх 75 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин! Эрэдээксийэ бүгүҥҥү талааннаах айар кэлэктиибигэр таптыыр үлэҕитинэн үлүһүйэн, дуоһуйан, өссө да кимиилээхтик айа-тута олороргутугар баҕарабын. Сибиэһэйтэн сибиэһэй сонуну булан, биир дойдулаахтарбытын – араас омук үтүө дьонун туһунан суруйан, биһигини өрүү үөрдэ сылдьыҥ дуу диэн баҕа санаабын этэн туран, төрөөбүт Томторум дьонун-сэргэтин аатыттан истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин!
Галина АНИСМОВА, «Северная заря» хаһыат 90-c сыллардааҕы кэрэспэдьиэнэ, Новосибирскай к. олохтооҕо:
— 1990 сыллаахха «Северная заря» хаһыт айар үлэһиккэ наадыйарын истэн, үлэ көрдүү тиийбитим. Оччолорго мин үһүс оҕобор олоро кэмим этэ. «Илии тутуурдаах» тиийдим – Бадараан геологтарын тустарынан матырыйаалбын кыбынан. Бэйэм геолог идэлээх буолан буолуо, итийэн-кутуйан геологтар үөрүүлэрн, кыһалҕаларын барытын сиһилии арыйбытым. Ол да иһин эбитэ буолуо, дуогабарынан үлэҕэ ыллылар (геологияҕа сүрүн үлэлээх этим буоллаҕа). Бастакы сорудахпын бу баардыы өйдүүбүн — «Металлург» култуура дьиэтиттэн матырыйаал оҥоруу. Оччолорго Мииринэй куораттан «Золотинка» ансамбль «Спрут» үҥкүүтэ бэлиэтэнэн, лауреат буолан кэлбит этэ. Эдэркээн Любовь Парешина барахсан култуураҕа үлэтин туһунан кэпсээбитэ. Мин сэһэргэһээччим үөрүүтүн-хомолтотун, быһата, ис санаатын барытын тэҥҥэ «тэбээччи» буоллум. Арай, матырыйаалбын быһан-отон, кылгатан, олох атын матырыйаал буолан тахсыбыта. Мин наһаа хомойбутум. Онно кэллиэгэлэрим ыстатыйаҕа киһи тугу кэпсээбитин барытын буолбакка, саамай сүрүнүн ылҕаан ылан, орто сүнньүн булан суруйан ааҕааччыга тиэрдии маастарыстыбата диэн баарын сиһилии быһааран биэрбиттэрэ. Хаһыат үлэтэ оннук эппиэтинэстээҕин уонна түбүктээҕин онно билбитим. Уонна кэлин, суруйууларбар, ол ирдэбили кытаанахтык тутуспутум.
Мин олохпор алтыһан ааспыт «Северная заря» хаһыаппын 75 сыллаах үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Элбэх ааҕааччылана тур, үрдүктэн үрдүк дабааннары дабайан ис диэн алгыыбын.
… Саха бэргэн өс хоһооно этэринии: «Ойуурдаах куобах охтубат». Ол тэҥэ – ааҕааччылаах хаһыат эстибэт. Хаһан да кырдьыбат Өймөкөөн улууһун хаһыатын айар кэлииктиибин «Северная заря» хаһыат төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибит! Санаабыккыт кэмигэр туолан истин, элбэх ааҕааччыланыҥ, сытыы бөрүөҕүт сыппаабатын!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, «edersaas.ru
Хаартыска: «Севрная заря» хаһыат архыыбыттан