Бүгүн Инсулу утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ

29.10.2018
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа неврология отделениетыгар өр сылларга сэбиэдиссэйдээбит, ССРС доруобуйа харыстабылын туйгуна, РФ уонна СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай невролога, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, СӨ Бочуоттаах олохтооҕо Земфира Макаровна Кузьмина сүбэтин билиһиннэрэбит.

edersaas.ru


«Инсульт – атын ыарыы содула»

Инсульт туох да төрүөтэ суох үөскээбит ыарыы буолбатах, атын ыарыыттан сиэттэрэн сыыстаран ыалдьыы буолар. Инсуллаабыт дьон үксүлэрэ хааннарын баттааһына уларыйыылаах, атеросклерозтаах, тымыр ыарыылаах буолаллар. Бу ыарыыларын үчүгэйдик эмтэммэккэ сыыстаран, инсулка тиийэллэр. Киһи олоҕо эн доруобуйаҕыттан эрэ тутулуктаах. Киһи кыратык да ыарыйдаҕына, ханнык да илгэ-быйаҥ олох суолтата сүтэр. Кылаабынайа – доруобай эрэ буол!

Урукку курдук буолуо дуо, аныгы дьон олус харыстанар буолла, олохпут да уларыйда. Урут баҕар-баҕарыма, боростуой аһылыгынан муҥурданарбыт. Билигин саха саныыра барыта баар курдук да, хаачыстыбата хайдаҕа биллибэт. Ордук дьыл кэмэ уларыйарыгар: кулун тутар-ыам ыйдарга уонна алтынньы-сэтинньи ыйдарга, сайын өҥүрүк куйаастарга балыыһаҕа ыарыһах аһара элбиир.

Тымыр бүөлэнэн хааллаҕына, киһи мэйиитин килиэккэлэрэ тута өлбүтүнэн барбаттар. Ол иһин, ыарыһаҕы 3-4 чаас иһигэр эмтээн барабыт. Ыарыһах балыыһаҕа төһөнөн эрдэ киирэр да, кини доруобуйатын чөлүгэр түһэрии оччонон көдьүүстээх буолар. Биһиги дьоммут «бэйэтэ ааһыа» диэн ыарыы мүлүрүйэрин күүтэн, хойутаан быстараллара баар суол.

Киһи баралыыстаан эрэрин хайдах билиэн сөбүй?

– Илиитэ-атаҕа мөлтөөтөҕүнэ, биир өттө утуйбут курдук нукаай буоллаҕына, сирэйэ ханньары бардаҕына, тыла булдьуруйан кыайан саҥа таһаарбат, кини саҥарарын киһи өйдөөбөт, кыайан аһаабакка чачайар, мэйиитэ эргийэр буоллаҕына – уталыппакка «суһал көмөнү» ыҥырыллар. Оттон нэһилиэктэргэ учаастак бырааһа кэлэн хаанын баттааһынын мээрэйдиир уонна кини туругун улуус бырааһыгар этэн сүбэлэтэр. Билигин тымыр быстыытыгар, мэйиигэ хаан кутуллуутугар эпэрээссийэни оҥоробут.

Тымыр быстыылаах, хааннарын баттааһына кэһиллиилээх дьон ахсаана элбии турар. Урут сэдэх курдуга. Бу ыарыылары бопсорго, биллэн турар, сэрэтии үлэтэ улахан оруолу ылар. Ити киинэлэргэ көрөбүт дии: наар арыгы иһэн тахсаллар. Ону утары охсуһуохха наада. Европа сорох дойдуларыгар арыгыһыт, табахсыт киһи тымыра быһыннаҕына, эмтии да барбаттар.

Инсуллаабыт киһи дьиэ кэргэнигэр улахан охсууну оҥорор, чугас дьоно бары эмсэҕэлиир. Нус-хас үлэлээбэттэр, оҕолор кыайан үөрэммэттэр. Ол иһин, инсульт ыарыыта улахан социальнай кыһалҕаҕа кубулуйар. Ыарыы ыалласпатын туһугар эрдэттэн сэрэтии үлэтин ыытабыт. Араадьыйанан, тэлэбиидиэнньэнэн, хаһыатынан кэпсиибит. Доруобуйа дьаарбаҥкатыгар кыттабыт, ыарыы туһунан «памяткалары» түҥэтэбит.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0